«Быйыл онкодиспансер бастакы уочаратын тутууга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 302,58 мөл. солк көрүлүннэ. Аны олунньу 17 күнүгэр РФ бырабыыталыстыбатын анал дьаһала тахсан, федеральнай бүддьүөттэн 150 мөл. солк тыырылынна. Онон муус устарга тутуу саҕаланыаҕа», – диэн Ил Дархан Егор Борисов РИА сонуннарыгар иһитиннэрдэ.
Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ»хаһыат, https://edersaas.ru
Онкокиини тутуу үс түһүмэҕинэн ыытыллыаҕа. Бастакы түһүмэххэ 210 куойкалаах онкокиин поликлиниката уонна 180 куойкалаах балыыһа (радиологическай отделениелаах) тутуллуохтара. Иккис түһүмэххэ, ядернай медицина онкокиинэ баар буолуоҕа. Үһүскэ гостиница эбэтэр пансионат тутуллуоҕа.
Петр Каратаев, Онкодиспансер кылаабынай бырааһын солбуйааччы:
– Хас да сыллаах туруорсуубут олоххо киирэрэ чугаһаата. Бастакы түһүмэх бырайыага судаарыстыбаннай бэрэбиэркэни бара сылдьар. Этэҥҥэ аастаҕына, аукцион биллэриллэн, кыайбыт тутуу хампаанньата муус устартан эбэтэр ыам ыйтан тутууну саҕалыаҕа.
Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ»хаһыат, https://edersaas.ru