Н.Д.Субуруускай төрөөбүтэ 125 сылын көрсө
Николай Дмитриевич Субуруускайы, көрдөһүүтүн ылынан, 1922 сыллаахха балаҕан ыйыгар дойдутугар ыыталлар. Улууһугар ОГПУ боломуочунайынан тахсар. Кини, саһа сылдьар баандалары тутууга, Чурапчы дружинатын начаалынньыгынан ананан үлэлээбитэ. Үрүҥнэр умаппыт оскуолаларын муостатын анныттан 15 буут сибиньиэһи кистээбиттэрин булбуттара. Кинилэр 1920-1921 сылларга ыыппыт бэлитиичэскэй-маассабай тэрийэр үлэлэрэ дьоҥҥо дириҥник иҥмит буолан, Чурапчыга тоҕуоруйбут үрүҥнэр штабтара уонна “Бириэмэннэй Саха уобалаһынааҕы норуодунай управление” олохтоох нэһилиэнньэ өйөбүлүн кыайан ылбатахтара. Биэс ый тойорҕообут повстанецтар оскуоланы, балыыһаны уоттаан, хаайыыга ордубут дьону Дугановтаах баалкынан дьакыйан баран илин куоталларыгар, улуустан баара-суоҕа 4 киһи барсыбытын туһунан САССР Ис дьыалатын наркомугар Степан Аржаковка Субуруускай дакылааттаабыт.
ОЙУУНУСКАЙ СУРУКТААХ БЭЛЭҔЭ
1924 сыллаахха П.А.Ойуунускай Москваҕа түспүт хаартыскатыгар “Кыһыл сата тыллаах Кырбыһааҥкын доҕорбор, өлүөххэр диэри өйдүү-саныы сылдьаргар. Платон” диэн суруйан бэлэхтээбитин туһунан кэргэнэ кэпсиирэ. Ити Субуруускай уус-уран тыллаах аатырбыт агитатор буоларын санатар. Борохуокка миитин оҥорон дьону үөрпүтүн-ытаппытын санаан кэлэҕин. САССР Киин Ситэриилээх кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Николай Субуруускай уус-уран литератураҕа сыһыаннаах буолан, 1933 сыллаахха Саха Сэбиэскэй суруйааччылар сойуустарын тэрийэр бюротун бэрэссэдээтэлинэн, оттон Амма Аччыгыйа солбуйааччынан ананаллар. “Уус-уран литература тэрилтэлэрин үлэлэрин уларытыы туһунан” уурааҕы олоххо киллэриигэ, саҥа сойууһу тэрийиигэ үгүс өрүттээх үлэни ыыппыта. Москваҕа 1925 с. сэтинньигэ тиийэн икки ыйтан ордук сылдьарыгар суруйааччылары Алексей Кулаковскайы, Анемпонист Софроновы, Күндэни, Эллэйи кытта литература боппуруостарыгар кэпсэтиспитэ. Онуоха Алампа “Рабочай-бааһынай сэбиэскэй былаас иһин туох кыаҕым баарынан тиһэҕэр тиийэ үлэлиэм” диэн доҕотторугар эппитин Субуруускай күннүгэр үйэтиппит.
Онно кыһыл хамандыырдары Карл Байкаловы, Иван Строду кытта хаартыскаҕа түспүт. Анатолий Луначарскай, Надежда Крупская лиэксийэлэрин истибит. Михаил Калинин приемугар сылдьыбыт, Емельян Ярославскайга ыалдьыттаабыт. Албан аатырбыт хамандыырдар Байкалов, Строд, Ефим Курашов кэннилэриттэн норуокка киэҥник биллибит хамандыырынан Субуруускай буолар. Ол иһин Субуруускайы үрдүктүк сыаналыыллара, доҕордорунан, өлүөхтэригэр диэри арахсыспат аргыстарынан ааҕаллара, — диэн САССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ Г.Д.Ефимов суруйан хаалларбыта. 1932 сыллаахха Автономия 10 сылын үбүлүөйүгэр ыҥырыллан кэлбит Курашову уонна Строду атаарыы туһунан Субуруускай бэйэтин күннүгэр суруйан үйэтиппит. Ол кинилэр тиһэх көрсүһүүлэрэ уонна быраһаайдаһыылара буолбут эбит.
1925 сыллаахха Охотскай кыраайы үөрэтэр хамыыһыйа үлэтигэр чилиэн уонна Саха бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин быһыытынан кыттыбыта. Хамыыһыйа үлэтин түмүгүнэн Хабаровскайга баартыйа Уһук Илиннээҕи крайкомун бюротугар туруорууга Охотскай муора кытылыгар олорор сахалар, эбэҥкилэр олохторун тупсарыыга, хаһаайыстыбаларын сайыннарыыга, үрдэтиигэ көмө оҥорор наадалааҕын дакаастаан тыл эппитэ. Ити боппуруоһунан бырабыыталыстыба сорудаҕынан Москваҕа бара сылдьыбыта. 1926 сыллаахха саҥа тэриллибит Хамначчыттар сойуустарыгар үлэҕэ анаммыта, үгүс үлэни ыыппыта. Ити сыл дойдутугар сырыттаҕына, төрөөбүт нэһилиэгэ Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн быыбардаабыттара. Боотуруускай улуус нэһилиэктэригэр саамай бастакы оскуола Болтоҥоҕо биир сыл иһинэн тутуллан олоххо киирбитэ. Хотону дьиэттэн араарыы күүскэ ыытыллыбыта. Үөрэҕэ суохтары үөрэхтээһин тэриллибитэ. 1927-1928 сс. Чурапчы улууһун исполкомун бэрэссэдээтэлинэн быыбарданан үлэлээбитэ. 1927-1928 сс. 14 оскуола баар буолбута. 1928 сыллаахха Дьокуускай уокуругун Сэбиэтин исполкомун бэрэссэдээтэлинэн анаабыттара. Сир түҥэтигин үлэтэ обком бюротунан биһирэммитэ. Саха АССР сирин оҥоһуутун норуодунай комиссарын солбуйааччытынан анаабыттара. Маассабай холбоһуктааһыны ыытыыга киэҥ далааһыннаах үлэни тэнитиспитэ. 1930 с. САССР Киин Ситэриилээх кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан өрө таһаарыллыбыта.
ДОРУОБУЙА ХАРЫСТАБЫЛЫН НОРУОДУНАЙ КОМИССАРА
1934 сыллаахха Николай Субуруускай САССР Доруобуйа харыстабылын норуодунай комиссарынан анаммыта. Бу эйгэҕэ эмиэ элбэх сытыы боппуруостары туруорсан, трахоманы эмтээһин үлэтэ, сэллиги утары туспа диспансердары тутуу, балыыһа дьиэлэрин тутууну күүһүрдүү, быраастары, орто үөрэхтээх каадырдары атын үлэлэргэ аралдьыппакка, тустаах үлэлэринэн дьарыктаналларын хааччыйыы, аһы-үөлү көрүүнү тупсарыы, эмп үлэһиттэригэр эмиэ сүөһү ииттинэллэригэр көмөлөһүү курдук үгүс соруктары туруорбута. Баара-суоҕа 10 ый үлэлэтэн баран, үлэтин кыайбата диэн матыыптаан, тохтоппуттара. Ол эрээри, чуолаан кини туруорсууларын сорук быһыытынан ылынан, Доруобуйа харыстабылын үлэтэ киэҥ далааһыннаахтык ыытыллан, улахан хамсааһын тахсыбыта.
Субуруускай төрөөбүт улууһугар элбэх тутуулары салайан ыытыспыта. Сорох тутуулара билигин да бааллар.
Николай Дмитриевич бэйэтин лаппа кыанар, күүстээх, сымса киһи эбитэ үһү. Иван Кривошапкин ахтыытыттан: “Суон-киппэ, көнтөрүк көрүҥнээҕэ эрээри, атын миинэригэр сылбырҕата, сымсата киирбит буолара. Ыҥыырга тэп гына олоро түһэрэ кэбэҕэһин сөҕөрүм. Кини аты миинэн дьоруолатан иһэрэ эмиэ туспа көстүү этэ. Бэйэтэ кыанар, күүстээх буолан сахалыы тустууну, хапсаҕайы, мас тардыһыытын, сүүрүүнү сэҥээрэрэ. Хас да сүүрүүк аттаах сылдьыбыта. Ити үлүһүйүүлэрэ киниэхэ саха төрүт оонньууларын биһирээччи, көҕүлээччи буоларыгар олук уурбуттара”.
АТ СҮҮРДҮҮТҮН ТЭРИЙЭЭЧЧИ
Кини кылгас үйэтигэр 50-ча аттана, миинэр миҥэлэнэ сылдьыбыта. 3 сүүрүк, 2 дьоруо аттаммыта. Ат сүүрүүтүгэр үксүгэр бэйэтин аттарын киллэрэрэ уонна үксүгэр кыайыылаах тахсара. 1927 сыллаахха муус устар 20 күнүгэр илин эҥээргэ өтөр-наар буолбатах киэҥ ыҥырыылаах, күрэс былдьаһыылаах икки улуус аатырбыт сүүрүктэрэ Халла Элэмэһэ уонна Чылбыан кыттыылаах сүүрүүнү тэрийсибитэ билиҥҥэ диэри норуокка уос номоҕуттан түспэт. Бу күрэхтэһии туһунан суруйааччылар Доосо “Холорук” кинигэтигэр “Халла Элэмэһэ”, Сэмэн Тумат “Иэс төлөнүүтэ” кинигэтигэр “Ытыаламмыт сылгы” кэпсээннэринэн киирбиттэрэ уонна “Эдэр саас” хаһыакка Сэмэн Захаров “Кыйы күөл киллэм мууһугар” диэн кэпсээнинэн бэчээккэ тахсан турар.
1932 сыллаахха, Автономия 10 сылыгар, Чурапчыга Субуруускай куораттан тахсан, ыһыаҕы бэйэтинэн салайбыта. Норуокка киэҥник биллибит Бөҕө Тараҕай уонна Уус-Маайа бөҕөһө Дойо уолун тустууларын тэрийбитэ. Киэһэтин Уус-Маайаттан атыыласпыт Соломууска диэн ата кыттыылаах ат сүүрдүүтүн тэрийэн ыыппыта.
САХА ТӨРҮТ ООННЬУУЛАРЫН КӨҔҮЛЭЭЧЧИ
1944 сыллаахха Абааһылаах диэн алааска буолбут ыһыахха, ыстаҥалыыр, кылыйар, куобахтыыр туостары Субуруускай бэйэтэ хаамыталаан уурталаабыта. Хабырылла Догдонов кими да тулуппатаҕа. Биирдиитэ түһүтэлээн кэбиспитэ. Сэрии уонна үлэ бэтэрээнэ, Үлэ Кыһыл Знамята уордьан кавалера Прокопий Посельскай маннык ахтыыны суруйбут: “Субуруускай бэйэтэ кылыы туостарын уурталыы, көннөртүү сылдьара. Сотору үгүстэр туоска тиийбэккэ туораабыттара. Туос аҥара чугаһыыры аһары түстүм. Сонно тута Николай Дмитриевич хаамыталаан, туостары сыҕарыталыы охсон кэбистэ. Урут бастаан испиттэр биирдиитэ, иккилиитэ түһэн көрдүлэр да тиийбэтилэр, онтон уурайталаан хааллылар. Дьон: “Бу уолу иккистээн түһэриэххэ, кыаҕын көрдөрдүн”, — дэстилэр. Онуоха Субуруускай, саха төрүт оонньууларын бэркэ билэр буолан, иккистээн барарбар күһэйбэтэҕэ. Өскө ким эрэ куоһаран туоһу ыраастаабыта буоллар, иккистээн түһүөхтээх этим. Дьэ, ити курдук, кини саха төрүт оонньууларын – хапсаҕайы, ыстаныылар сиэрдэрин-туомнарын, быраабылаларын билэр, тутуһуннарар, олоххо киллэрэр киһи этэ.
СЫМЫЙАНАН БАЛЫЛЛАН, ХААЙЫЛЛЫБЫТА…
Николай Субуруускай 1938 сыл тохсунньу 1 күнүгэр, сымыйанан балыллан, хаайыллыбыта. Биэс сылга ууруллан, хаайыыга болдьоҕун толору олорон, 1943 сыллаахха босхоломмута. Баттаҕа маҥхайан, араас атаҕастабылы, сэнэбили барытын уйан, ыарыһах буолан тахсыбыта. Ол эрэйиттэн сэллик ыарыыга хаптаран, 1950 сыллаахха баара-суоҕа 54 сааһыгар олохтон туораабыта. Бу хорсун
киһи туһунан өссө да суруллуо турдаҕа. “Сата дохсун олох” кинигэҕэ киирбит ахтыылартан таҥыллан сурулунна.
Саха норуотун өркөн өйдөөх, хоһуун сүрэхтээх, олоххо тардыһыылаах чулуу дьоннорун туһунан үүнэр кэнчээри ыччаппытыгар сөп буола-буола кэпсиир-ипсиир хайаан наада. Урукку олорон кэлбит олоҕу, өлөллөрүн утуйарга ууран туран, тутуспут дьону сыаналаабат, аанньа ахтыбат буолуу – сымнатан эттэххэ, соччото суох көстүү. 90-нус сыллартан бэттэх төрөөбүт көлүөнэ ыччат дьон ортотугар кыһыл күүстэри кэпсээбэт буоланнар, билбэккэ-көрбөккө улаатан эрэр курдуктар… Хайдах эрэ, мин кэнникинэн итинник санааҕа кэлэн эрэбин.
Мария ГЕРАСИМОВА-СЭҤЭЭРЭ.