Саҥа миниистир Степан Саргыдаев (ВИДЕО)

01.11.2018
Бөлөххө киир:

Оройуоҥҥа үлэлээбит киһи өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар сирэй миниистиринэн ананара өрүү үтүө сонун буолар. Дьон-сэргэ оройуон таһымыгар уһаарыллыбыт-хатарыллыбыт киһини убаастыы көрөбүт. Тыа сирин олоҕун иһиттэн билэр, ханнык кыһалҕа баарын, хайдах быһаарыллыан сөбүн өйдүүр диэн эрэл улахан. Биһиги бу ый саҥата СӨ ыччат бэлиитикэтигэр уонна социальнай коммуникацияҕа миниистиринэн анаммыт Степан Саргыдаевы кытта кэпсэттибит.

— Степан Анатольевич, Ил Дархан алтынньы 4 күнүнээҕи ыйааҕынан  ананыыҥ бэйэҕэр төһө соһуччунуй?

— Киһи миниистир дуоһунаһыгар ананара син биир соһуччу буолар эбит.

— Уруккута Ыччат министиэристибэтигэр саҥа эбии салааны холбоотулар – социальнай коммуникация. Ол үлэни хайдах быһыылаахтык ыытар былааннааххыный?

— Ыччат дьыалатын министиэристибэтигэр билигин саҥа боломуочуйа эбиллэн биэрдэ. Ыччаты сэргэ социальнай хабааннаах тэриллиилэри кытта үлэлэһэбит. Коммерческайа суох тэриллиилэри, уопсастыбаннай түмсүүлэри, түөлбэлэри, онно эбии, холобур, дьахтар хамсааһыннарын, Аҕалар лигаларын курдук улахан хамсааһыннары кытта киэҥ хабааннаахтык ыкса үлэлиир министиэристибэ буолабыт. Мин өйдөбүлбүнэн, ити хайысхалары барытын холбоон коммуникациялаан, биир сиргэ түмэн сайыннарыахтаахпыт.

— Улуус таһымыгар үлэлээбит уопутуҥ үлэҕэр хайа өттүнэн туһалыа дии саныыгыный?

— Бэйэм уон үс сыл оройуоҥҥа үлэлээтим. Иннэ гынан, үлэни-хамнаһы муниципалитеттартан — оройуоннартан, нэһилиэктэртэн саҕалыыр былааннаахпын. Куоратынан эрэ муҥурдаммакка, тыа сиригэр улахан болҕомто ууруохпут. Ыччат үлэтигэр-хамнаһыгар, уопсастыбаннай түмсүүлэр боппуруостарыгар уонна бэлиитикэҕэ болҕомтобун ууран, үлэбин ыытыам. Биһиги ыччаппыт өрөспүүбүлүкэ бэлиитикэтигэр кыттыһыахтаах. Ол аата быыбарга кыттыыларын этэбин. Быыбар аҥаардас тойоттору быыбардааһын буолбакка, быыбартан биһиги инники олохпут барыта тутулуктаах диэн өйдөтөр бэлиитикэни ыытыахпыт. Ону сөпкө өйдүөхтээхтэр.

— Билигин ыытыллан кэлбит улахан тэрээһиннэр салгыы ыытыллыахтара дуо ? Холобур, Ыччат ыһыаҕа, “Хотугу Синергия” форум, слеттар.

— Наадалаах диэн оҥоһуллубут, улахан, олохсуйбут тэрээһиннэри тохтотор өйбөр да суох. Холобур, “Хотугу Синергия” диэн олус астык тэрээһин дии саныыбын. Сотору буолаары турар оскуола саастаах армеецтар слеттара булгуччу наада. Итинниги тохтотуу боппуруоһун көтөҕөр санаам суох.

— Ыччат министиэристибэтэ саамай аһаҕас министиэристибэлэртэн биирдэстэрэ. Миниистир аана саҥа идиэйэлээх дьоҥҥо өрүү аһаҕас этэ. Оннук салгыы буолуо дуо?

— Министиэристибэбит билигин өссө аһаҕас буолуоҕа.

— Аныгы кэм ыччата хайдах буолуохтааҕый?

— Билигин сайдыы олус түргэн тэтимнээх. Онуоха цифровой экономика, информационнай коммуникация боппуруостарыгар биһиги ыччаппыт бэлэм буоларын ситиһиэхтээхпит. Урукку Сэбиэскэй Сойуус систиэмэтэ — “оскуола – үлэ – үрдүк үөрэх” диэн ыҥырыы бэйэтин кэмигэр Сойуус улахан кыахтаах судаарыстыба буоларыгар сөптөөх ыҥырыы этэ. Оттон билигин цифровизация эмиэ киэҥ эйгэҕэ тахсарбытыгар төһүү күүс буолуохтаах. Ону кытта оскуола саҕаттан харчы хантан кэлэрин оҕо билиэхтээх. Үп-харчы боппуруоһугар грамотнай буолуохтаах.

— Тус олоҕуҥ, дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсээ эрэ.

— 2002 сыллаахха Алена Яковлева диэн кыыһы көрсөн, таптаһан, ыал буолбуппут. Кэргэним бэйэм биир дойдулааҕым, Чурапчы Одьулуунуттан төрүттээх. Билигин үс оҕолоохпут. 2003 сыллаахха бастакы оҕобут Роман Саргыдаев төрөөбүтэ, 9-с кылаас. 2007 сыллаахха Ньургун Саргыдаев күн сирин көрбүтэ, 5-с кылаас. Онтон 2013 сыллаахха кэтэһиилээх кыыспыт Арияна төрөөбүтэ. Биһигини күн бүгүҥҥэ диэри дьоллуу, олохпутун киэргэтэ сылдьар.

— Эппиэтинэстээх үлэҕэ сылдьар киһи өй-санаа даҕаны, эт-сиин даҕаны өттүнэн сылайар. Эн иллэҥ кэмҥин хайдах атаараҕын? Сөбүлүүр дьарыгыҥ тугуй?

— Бултуурбун туохтааҕар да ордоробун. Сааскы, күһүҥҥү булка кыах баарынан сылдьабын. Айылҕаны кытта алтыһан, дууһалыын сынньанабын. Чурапчы эҥээр, сороҕор чугас Уус Алдаҥҥа доҕотторбор кустуу, балыктыы тахсааччыбын. Ону кытта музыканы, үҥкүүнү олус сөбүлүүбүн. Дьон соһуйааччы —  нэһилиэктэрин баһылыга үчүгэй музыка тыаһаатаҕына технично хамсанан үҥкүүлээн тэйэр диэн. Оскуолаҕа сылдьан үҥкүүнэн дьарыктаммытым. Волейболлуубун, пединститукка үөрэнэ сылдьан үөрэҕим кыһатын хомуур хамаандатыгар баарым.

— Ханнык ырыалары сөбүлээн толороҕунуй?

— Аскалон Павлов “Чуумпуга” ырыатын, Рустам Хон репертуарыттан. Сахалыы ырыаны уопсайынан сөбүлээн истэбин. Нууччалартан Муслим Магомаевы айбыт үлэтин ордоробун.

— Степан Анатольевич, кэпсээниҥ иһин махтал. “Эдэр саас” ыччат таһаарыытын аатыттан уустук үлэҕэр ситиһиилэри баҕарабыт.


ЫСПЫРААПКА:
Саргыдаев Степан Анатольевич 1980 сыллаахха Чурапчы улууһун Үрүҥ-Күөл нэһилиэгэр төрөөбүт.
2002 с. М.К. Аммосов аатынан СГУ педагогическай институтун, 2008 с. Уһук Илиннээҕи госсулууспа академиятын (Хабаровскай), Арассыыйа норуодунай хаһаайыстыбатын уонна госсулууспатын академиятын (Москва) бүтэрбит.
Чурапчы гимназиятын информатикаҕа учууталынан, Чурапчы нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччынан, Чурапчы нэһилиэгин баһылыгынан, улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччынан үлэлээбит.
“Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа генеральнай сэбиэтин чилиэнэ.
Кэргэннээх, үс оҕолоох.
Надежда Самсонова кэпсэттэ.

Кирилл Старостин хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0