Саҥа кинигэ: “Хаҥаластар: Кутана, Күүкэй дьонун төрүттэрин ааттара”  

Ааптар: 
01.07.2021
Бөлөххө киир:

Архыып үлэһитэ Н.С.Степанова “История чахчылара: суругунан суруллубут суоруллубат” диэн кинигэтигэр: “Национальнай архыыпка хараллан сытар ХVIII-ХIХ үйэтээҕи дьаһаах хамыыһыйаларын, “Мөрүөн хамыыһыйа” докумуоннара, “Ревизскэй сказкалар” – бу барыта биир да дууһаны көтүппэккэ дьаһаах, онтон түһээн төлөтөөрү дьону испииһэктээбиттэрэ буолар», — диэн суруйан турар.

 

Барыта архыып докумуоннарыттан саҕаламмыта

Бу хомолтолоох испииһэктэр «куһаҕан үчүгэйдээх» дииллэринии, биһиги өбүгэлэрбит кимтэн кииннээхтэрин, хантан хаан­наахтарын чуолкайдыырга төһүү күүһүнэн буолар. Бу докумуоннары үөрэтиини 2017 сылтан саҕалаабытым.

Ол иннигэр, 2011 сыллаахха, төрөөбүт нэһилиэгим, Сунтаар Хорото  240 сыллаах үбүлүөйэ ­буолбута. Ону көрсө, филологическай наука хандьыдаата, Арассыыйа Суруналыыстарын  сойууһун чи­­лиэнэ, хоролор бары ытыктыыр, киэн туттар киһибит Лидия Петровна Герасимова “Кус Хоро” кинигэтин 3-с, 4-с чаастарын хомуйан таһаарбыта. Онно анаан ахтыы суруйартан саҕа­лаан, Хороҕо урукку сылларга олорбут дьоннор ааттарын сөргүтүүнэн дьарыктанан барбытым. Эдьиийим,  уруккута француз тылын учуутала  Раиса Ивановна, балтым, нуучча тылын, литературатын учуутала  Лидия Ивановна уонна мин буоламмыт көмөлөөн, “Сунтаар Хорото. Төрүттэрбит ааттара” диэн 3 түһүмэхтэн турар кинигэни 2013, 2016, 2020 сылларга бэчээттэтэн таһаарбыппыт.

Бастаан

үс чаастаах кинигэни таһаарбыппыт

Бастакы чааһа 1926-1927 сыллардааҕы Бүтүн Сойуус  үрдүнэн буолан ааспыт демографическай биэрэпис испииһэгинэн этэ. Хас биирдии ыал суруллуутун аннынан кинилэр тустарынан кинигэлэртэн, хаһыаттартан, сурунааллартан, сороҕор кыра ахтыы да суруйтаран, элбэх матырыйаал киирбитэ.

Иккис чааһыгар 1776 сыллааҕы, норуокка “Кычкин биэдэмэһэ” диэн ааттаммыт ходуһа сир ­анааһынын испииһэгиттэн саҕа­лаан Киин архыыпка хараллан сытар 1796, 1816, 1850, 1858 сыллардааҕы “Ревизскэй сказка” диэн дьаһаах хомуйбут испииһэктэриттэн, 1897 сыллааҕы биэрэпис, 1917 сыллааҕы тыа хаһаайыстыбатын биэрэпиһин, 1920 сыллардааҕы ыалынан суруллубут испииһэктэрэ киирбиттэрэ. Онно эбии 1956 сыл испииһэгэр эмиэ салгыы хомуйуллубут матырыйааллар киирбиттэрэ.

Үһүс чааһыгар хоролор Сунтаар, Кутана, Элгээйи таҥараларын дьиэлэригэр суруллуулара киирбитэ, ону сэргэ 1963-1965 сыллардааҕы хаһаайыстыбаннай испииһэккэ киирбит дьоннор тустарынан суруллуулар, төрүччүлэр схемалара киирбиттэрэ.

Олус элбэх архыып харалла сытара

Арай бу үлэлии сылдьан билбитим, Хороҕо араас сылларга Хаҥалас дьоно кэлэн олохсуйбуттар эбит. 1920-с сылларга Бээкимдэ олохтоохторо “Бякимдинский род” дэнэн Омоттоон нэһилиэгэр суруллубуттара көстүбүтэ. 1950-с сылларга, холкуостары бөдөҥсүтүү кэмигэр, Хаҥалас “Куйбышев” холкуоһун Хороҕо холбооннор, элбэх ыалы көһөрөн аҕалбыттар. Дьэ бу дьону, мин оҕо эрдэхпиттэн хоролорунан билинэн улааппыт буоламмын, “кинилэр төрүттэрин ааттара эмиэ биллиэхтээх” диэн са­­нааҕа кэлбитим. Ол иһин хаҥаластар ааттара суруллубут ис­­пииһэктэринэн эмиэ күүскэ дьа­рыктаммытым.

Мин үөрүөм быатыгар, хаҥаластар архыыпка хараллан сытар испииһэктэрэ Хоро киэнинээҕэр элбэх буолан биэрбитэ. Онон түгэх өбүгэлэрин аатыгар суоллаан тиийэргэ арыый да дөгөм буолбута. Уонна, биллэн турар, Кутана кыраайы үөрэтээччитэ, учуутал Н.И Иванов-Куола Учуутал “Сунтаар Кутанатын төрүттэрэ” диэн кинигэтэ, фольклору хомуйааччылар Г.Е.Федоров-Сэһэн Дьөгүөр, Н.Т.Степанов, Г.Я.Иванов, С.Д.Кириллин, кыраайы үөрэтээччи – учуутал  Н.И.Алексеев кинигэлэрэ туһалаах буолбуттара. Архыыптарга үлэбэр Сунтаар архыыбын сэбиэдиссэйэ Аркадий Егорович сүбэтэ-амата, дьыала булааһыныгар көмөтө улахан. Киниэхэ махталым муҥура суох.

“Сунтаар Хорото. Төрүттэрбит ааттара” кинигэ бүтэһик 3-с чааһа былырыын, 2020 сылга бэчээттэнэн тахсыбытыттан үөрбүппүт-көппүппүт, астыммыппыт. Онтон, уоскуйа түһэн баран, өйдөөн көрбүтүм, арай үлүгэрдээх элбэх Хаҥалас дьонун ааттарыттан туһаныллыбыта диэн, чэ быһа барыллаан, 10% буолара дуу диэн санаа ­үүйэ-хаайа туппута. “Үлэм тоҕо таах хаалыахтааҕый? Кутана, Күүкэй дьоно тоҕо туһаныа суохтаахтарый?” диэн боппуруос туруоруммутум. Бэрт аҕы­йах ахсаанынан да буоллар, кинигэ бэчээттэтэргэ сананан, доруобуйа көҥүллүүр эрдэҕинэ тутуу баттаһан оҥоро охсуохха диэн санаанан салайтаран, быйыл ыам ыйыгар кинигэ электроннай көрүҥүн бэлэмнээн, “Ким наадыйар – билсиһиҥ” диэн батсаабынан биллэрии ыыталаабытым. Наадыйар дьон, биир кинигэ бэчээттэнэр сыаната үрдүгүн кэрэйбэккэ, кыттыспыта.

Бэс ыйын 18 күнүгэр “Хаҥаластар: Кутана, Күүкэй дьонун төрүттэрин ааттара” диэн кинигэ күн сирин көрдө. Онон бу күннэргэ Кутанаттан, Күүкэйтэн төрүттээх дьон сабыс-саҥа кинигэни үөрэ-көтө илиилэригэр туталларын көрөн, сыралаах үлэм таах хаалбата диэн үөрүү сырдык кустугар куустаран сылдьабын.

Розалия Ивановна Николаева,

СӨ култууратын туйгуна,

үлэ бэтэрээнэ, Сунтаар улууһун Хоро нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0