Саҥа киинэ: «Дьулуур»

Ааптар: 
21.01.2022
Бөлөххө киир:

Олохпут-дьаһахпыт оннугар түстэҕинэ, кулун тутар 3 күнүгэр «Дьулуур: мас-рестлинг» диэн успуорт драмата сүрэхтэниэхтээх. Киинэҕэ аармыйаттан сулууспалаан кэлбит уол соһуччу мас тардыһыыга дьоҕурдааҕа арыллан  мадьыны буолбутун туһунан кэпсэнэр.

Сүрүн оруолу Олоҥхо тыйаатырын артыыһа Гаврил Менкяров  толорор. Кинини кытта Владимир Михалев, Владимир Епифанцев,
Иннокентий Луковцев, Роман Дорофеев, Айталина Лавернова, уо.д.а. уһулуннулар. Саха сирин биллэр-көстөр мадьынылара Анатолий Баишев, Иван Белолюбскай, Николай Попов, Юрий Протопопов уо.д.а. киинэҕэ уһулланнар, киинэни өссө биир кэрчик үрдүк таһымҥа таһаардылар. «Дьулуур» саха киинэлэриттэн РФ Култуураҕа министиэристибэтин өйөбүлүн ылбыт бастакы киинэ буолар.
Бырайыак олоххо киирэригэр Мас-рестлинг федерацията уонна СӨ Бырабыыталыстыбата кыттыыны ылбыттара биллэр. Бу киинэ хайдах толкуйдаммытын, олоххо киирбитин туһунан киинэ режиссера Валентин Макаровтан туоһуластым.

КИИНЭ СҮРҮНЭ – СЦЕНАРИЙ

“Мас тардыһыытын туһунан киинэ устуохха баар этэ!” диэн санаа өссө 2015 сыллаахха элэс гыммыта. Ити, биллэрин курдук, “Кэрэл – көстүбэт кэрэ” диэн ааттаах киинэбит устуута түмүктэммит сыла. Сахалар успуорт баар-суох төрүт көрүҥнэрин туһунан киинэ уһулла илигин өйдөөн, “хата, мин устууһукпун” диэн санаа киирэн баран, улам-улам чиҥээн барбыта. Куруутун толкуйдуу, харахпар оонньуохтаах дьону санаан көрөн “кастинныы” сылдьар буолбутум. Онтон, бу өйбөр сылдьар киинэ баҕа санааттан дьиҥнээх былааҥҥа кубулуйбутун өйдөөн баран, табаарыс дьүөгэбэр Маша Находкинаҕа кэп­сээн, сценарийбыт бастакы сыаналарыттан саҕалаан суруйан барбыппыт.
“Кэрэли” устарбытыгар уопута суох режиссердар буоламмыт, сценарий суруйуутугар хас даҕаны сыыһа быһаарыныылары ылбыппыт киинэни оҥоруу түмүктүүр кэрчигэр улахан уустуктары үөскэппитэ. Люба Борисова киинэни саҥаттан таҥыытын түмүгэр эбии сыана устан, бэрт
элбэх эрэйи көрсөн хартыынабытын ситэрбиппит. Онон бу сырыыга сценарий уурбут-туппут курдук буолуохтаах диэн бигэ са­наалаах үлэбитин саҕалаабыппыт.
Машаҕа сценарийы иккитэ төхтүрүйэн суруйтарбытым, сырыы аайы киинэ сэһэнин олоччу кэ­риэтэ уларыппыппыт. Ол кэнниттэн успуорт туһунан суруйуута арыый тутах соҕус дуу дии са­наан, үһүстээн бэйэм ылсыбытым. Онтон Филипп Абрютин продюсерскай киинин кытта үлэлэһэр кэммэр Дарья Серенко кыттыһан, сценарий эмиэ ситэриллибитэ, кылгатыллыбыта. Онон, барыта холбоон биэстэ хаттаан толору суруллубут сценарий буолар. Ону олох кэмсиммэппин — олус туһалыыр эбит, саҕалыах иннинэ киинэ сүрүнүн ымпыгар-чымпыгар тиийэ чинчийээһин. Устар
кэммэр сиппит-хоппут сценарийынан киинэ устар быдан судургутун өйдөөтүм.

АРАССЫЫЙА  ПРОДСЕРДАРЫН КЫТТА ҮЛЭ

Бастаан киинэбэр үп көрдөөн сыл кэриэтэ араас тэрилтэлэринэн сүүрэкэлээбитим. Улуустарга тахсан, министиэристибэлэргэ киирэн киинэм туһунан кэпсээн, араастаан рекламалаан көрбүтүм. Ол эрэн, биһирии санаабыт да дьон көмөлөһөр кыахтара суоҕа. Холобур, Успуорт министиэристибэтигэр сүрдээҕин сэргээбиттэрэ эрээри, “киинэ устарга” үп көрүллүбэтинэн си­бээстээн, кыайан көмөлөспөтөхтөрө.
Ити кэмҥэ “Саха сиригэр ыытыллар 2-ис питчинг” диэн тэрээһин буоларын истэн, ким тэрийэрин, туох өҥөлөөҕүн ситэри билбэккэ кэриэтэ тиийэн кыттыбытым. Онно бу бырайыагым бастыҥ бырайыак аатын сүкпүтэ, “Москваҕа продюсерскай киини кытта үлэлии бараҕын!” диэн буолбута. Ити курдук, «Ыччат көҕүлээһиннэрэ» продюсердыыр киин салайааччыта Филипп Абрютины кытта билсибитим. Саха сирин таһыттан үбүлэнии туспа уустуктардаах буолар эбит, ол эрэн, өҥөлөөх өттө эмиэ элбэҕэ сыттаҕа дии.
Сүрүнэ, биллэн турар, үбүлээһинигэр сытар. Харчы хамсааһынын ымпыгын-чымпыгын кэпсиир кыаҕым суох, итини толорооччу продюсербыт Иннокентий Луковцев сиһилии кэпсиэн сөп. Тус бэйэм маҥнайгы киинэбин “Кэрэли” кытта тэҥнээн этиэхпин эрэ сөп – үптэн хааччахтаммакка үлэлиир чыҥха атын буолар эбит.
Ол киинэҕэ устар бөлөхпүт уонча киһилээх этэ. Холобура, Кэрэлгэ артыыс уонна режиссер буоларым таһынан, дьон тиийбэт буолан суоппардыыр да этим, куруусчуттуур да этим. Бары даҕаны сыра быстарынан үлэлээбиппит. Бу бырайыакпар отучча киһи хамаандалаах, хас биирдии киһи
бэйэтин соругун эрэ толорор гына үлэлээтибит, итинтэн барытыттан устуу үлэтэ олуһун сүүйдэ. Продюсерскай киин сүрүн модьуйуутунан Арассыыйаттан сылдьар артыыстар кыттыылара буолбута. “Саха сирин таһыгар көрдөрөрү саныахтаахпыт, киинэҕэ биллэр сирэйдэр баар буолуохтаахтар” диэн быһаарбыттара. Онон сценарийы эбии уларытан, оонньуур дьоммут састаабын саҥаттаан толкуйдаан үлэбитин салҕаабыппыт. Биир улахан уларыйыы – сүрүн артыыс уларыйыыта буолбута. Дьиҥэр, маҥнайгы толкуйбунан, сүрүн оруолу Владимир
Михалев оонньуохтаах этэ,
Гаврил Менкяров кини күөн көрсөөччүтэ, протагонист буолаары бэлэмнэнэн саҕалаабыта. Көрөөччүгэ эрдэ киэҥник биллибэтэх артыыс ситиһиигэ дьулуурдаах сүрүн дьоруойу оонньуура ордук курдуга. Ону продсердары кытта сүбэлэһэн уларыппыппыт – Арассыыйа киэн
көрөөччүтүгэр Ганя даҕаны, Володя даҕаны иккиэн биллибэт дьон буоллахтара, оттон Менкяров Дьулуур уобараһыгар ордук табатык сөп түбэһэрэ
харахха быраҕыллар этэ. Онон
ити продюсерскай орооһуу төттөрүтүн сүүйүүлээх буолан тахсыбыта.

АРТЫЫСТАРЫ ТАЛЫЫ

Ганя киинэҕэ эдэр уол оруолун оонньуурун туһунан сонуну бастаан ыарырҕата истибитэ. Отутугар чугаһаабыт этэ, онон ыарырҕата санаан баран, “чэ, эдэр ыччат оруолун
бүтэһикпин киинэҕэ оонньуубун!” диэн баран сөбүлэспитэ.
Киһим оруолун туругар киирээри
80 киилэттэн 65 киилэҕэ диэри
ыйааһын быраҕан, сирэйэ-бодото
олох уларыйан хаалбыта! “Төбөтө
саллайан, кулгааҕа таллайан” диэбит курдук, олох оҕочооско кубулуйбута (күлэр). Аны ити кэмҥэ уһун баттахтаах сылдьар этэ, онтукатын эмиэ оруол туһугар кыччаччы кырыйтаран кэбиспитэ.
Балтын оонньуур кыра ар­тыыскабытын буларбыт эмиэ туспа кэпсээн. Сценарий омооно  эрэ баар кэмигэр тыйаатырбытынан Тааттаҕа гостуруоллуу сырыттахпытына, Хара
Алдаҥҥа олохтоох оҕолор сыаҥка туруоран көрдөрдүлэр.
Арай онно улахан киһи курдук
көрөр-истэр кыыһы таба көрдүм.
Оонньуу кэнниттэн киниэхэ тиийэн “киинэ оруолугар боруобаланыаххын баҕараҕын дуо?” диэччи буоллум. Сөбүлэспитигэр, гостуруолга кэлсибит Менкяровы ыҥыран, киинэ биир түгэнин аахтаран көрбүтүм, астыммытым. Ол кэнниттэн Дьокуускайга оҕо кастинын ыыппыппыт эрээри, киниттэн ордук сөп түбэһэр артыысканы булбатахпыт. Онон кырачаан Нарыйа Лаптеваны дьоллоох
түгэн көмөтүнэн булбуппут. Биир кылгас оруолга (Дьулуур аҕата, уол кыра эрдэҕинээҕитин туһунан эпизод) Арассыыйа биллиилээх артыыһа Владимир Епифанцев оонньообута. “Туох ирдэбиллээх, хайдах майгылаах
киһи кэлэр?” диэн долгуйа са­наабытым, продюсердарым даҕаны “олох бэлэмнэн, түргэн тэтимнээхтик, профессионал курдук үлэлээр!” диэн күүрдэн биэрбиттэрэ. Хата, киһим олус судургу, элэккэй буолан биэрбитэ. Оруолун биир күн иһигэр устубуппут, бириэмэбит үксэ устар локациябытыгар тиийэрбитигэр
барбыта. Тиийээт, түөрт-биэс чаас
иһигэр барытын устубуппут. Анал
идэлээх артыыстары кытта үлэлиир куруутун үчүгэй буолааччы. Саха сиригэр кэнники кэмҥэ дьахталлар икки ардыларыгар мас тардыһыыга күрэхтэһии күүскэ сайдан турар. Онон бу
көстүүнү хайдах даҕаны ахтыбакка ааһар сатаммат этэ. Ону коллегам, балтым Ньургуйаана Маркова олус үчүгэйдик табыллан оонньообута.
Мас тардыһыыта Арассыыйаттан тахсан аан дойдуга тэнийбитэ киинэбитигэр эмиэ ахтыллар. Били, биир тыҥааһыннаах түгэни, американец Мартин Лисиц уонна нуучча бухатыыра
Сергей Фролкин күөн көрсүһүүлэрин элбэх успуорду таптааччылар
өйдүүр буолуохтаахтар. Биһиги киинэбитигэр омук уолун Дерек Мартинсы Арассыыйа артыыһа
Ратмир Гарифуллин оонньуур.
Киинэ, тыйаатыр таһынан, муода
көрдөрөр буолан этин-сиинин уһулуччу турукка тута сылдьар уол, көрдөххө, олох Голливуд киинэтиттэн түһэн кэлбит курдук. Омугунан татаар эрээри,
элбэх булкаас хааннаах буолан, тас дойдуттан сылдьар киһи курдук көстүүлээх. Киинэ устуута
саҕаланыан иннинэ кэлэн син өр
кэм устата мас тардыһан, күрэх
сүрүн түгэннэрин өйдөөбүтэ. Мин
“артыыспын сиһин быһа тардымаҥ!” диэн долгуйан, сэрэтии бөҕө. Үлүһүйэн хааллахха, саҥа
дьарыктанан эрэр киһи араас
буолуон сөп буоллаҕа.

МАС-РЕСТЛИНГ ЭЙГЭТЭ

Бу иннинэ оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан мас тардыһан бэйэм ыйааһыммар үһүс миэстэҕэ тиксибиттээхпин – муҥутуур ситиһиим. Киинэҕэ устар успуордум
эйгэтин иһиттэн билээри, биир сыл “Модуҥҥа” сылдьан мас тардыһыыга дьарыктаммытым. Онно сылдьан спортсменнар тутталларын-хапталларын, кэпсээннэрин-ипсээннэрин кэтии, истэ сылдьыбытым, бэрт элбэҕи эбиммитим. Киинэбитигэр Саха сирин биллэр-көстөр мадьынылара
Анатолий Баишев уонна Иван
Белолюбскай уһуллубуттара хартыынабытын эбии итэҕэтиилээх
оҥордо. Мас-рестлинг Саха сирин
аатырдар, биир киэн туттар
көстүүбүт буолар. Киинэбитин
көрөөччү сөбүлээтэҕинэ, маннык
курдук киинэ өссө тахсан, национальнай успуорт көрүҥнэрбитин киэҥ эйгэҕэ өссө биллэриэ этэ. Бу хамсык охсуутугар киирэн биэрбэтэх киһи, бырайыакпыт өрө көтүө этэ.

Егор Карпов, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0