Саҥа киин күҥҥэ 100 оҕону дьарыктыа

Бөлөххө киир:

Дьокуускайга Өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо социальнай-реабилитациялыыр киинин иһинэн Оҕо, дьиэ кэргэн киинэ аһылынна.

Ангелина Васильева, «Cаха сирэ» хаһыат, edersaas.ru


Киин ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ көмөлөһөр сыаллаах. Оҕолорго социальнай, психологическай, педагогическай хайысхалаах араас тэрээһиннэр ыытыллыахтара.

Оҕо, дьиэ кэргэн киинин арыйыы түгэнэ.

Холобур, ырыа-үҥкүү, илиинэн оҥоруу, кумаҕынан уруһуйдааһын, трениннэр, оонньуу, кыыллары кытта алтыһыы, арт-терапия, үлэнэн иитии курдук ньымалары туһанан, оҕолор кыахтарын, дьоҕурдарын арыйарга, уйулҕаларын бөҕөргөтөргө, олоххо, уопсастыбаҕа бэйэлэрин миэстэлэрин булалларыгар, кыһалҕаттан тахсалларыгар көмөлөһүөхтэрэ.

Манна анал үөрэхтээх психологтар, педагогтар үлэлииллэр. Ордук уйулҕа өттүнэн ыарахаттары көрсөр, саастыылаахтарын кытта уопсай тылы булбат, мантан да атын кыһалҕалаах, улаатан эрэр оҕолорго туһалаах буолсу.
Кииҥҥэ биир күн устата 100 оҕо дьарыктаныан сөп.

Ангелина Васильева, «Cаха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0