САҤА КЭПСЭЭННЭР

28.04.2018
Бөлөххө киир:

Хом санаа

Кэтириинэ куоракка көһөн кэлбитэ син да балайда өр буолла. Оҕонньоро таҥаралаабыта сүүрбэччэ сылыгар барда. Бэйэтэ соҕотоҕун төрөөбүт сиригэр, дойдутугар олоро сатаата даҕаны, элбэх оҕолоох буолан, элбэх киһиэхэ үөрэммит эмээхсин кыайан тэһийбэтэҕэ. Ону ити кыра уола аах көһөрөн бу куоракка аҕаллылар. Кэтириинэ уола кийиитинээн үлэлиир буоланнар, сиэннэрин көрөн көмөлөһөр, ас астыыр, дьиэ-уот хомуйар. Төһө да кырдьаҕас киһи буоллар, таах олорорун сөбүлээбэт. Өрөбүл күннэргэ дьоно баар эрдэхтэринэ, дьүөгэтигэр Өкүлүүнэҕэ сылдьааччы.

Биир оннук өрөбүл күн эмээхсин оҥостон оптуобуска олорон, дьүөгэтигэр айаннаата. Хата дьиэлэрэ тохтобултан чугас буолан сылдьарга табыгастаах. Кирилиэһи сынньана-сынньана тахсан тохсус нүөмэрдээх кыбартыыраны тоҥсуйда. Ааны хап-сабар Өкүлүүнэ сиэнэ кыыһа Луиза арыйан биэрдэ. Эмээхситтэр ону маны чугас эргини, күнү-дьылы, бэлиитикэҕэ тиийэ ыаһахтастылар. Аттыларыгар сиэн кыыс чэй бэлэмнээн биэрдэ, остуол хотойорунан ас буолла. Өрөбүл буолан, эттээх бэрэски астаммыттар эбит. Кэтириинэ Луиза кыыһы туораттан олорон эрэ хайгыы көрө олордо. Кыыс эбэтин тула көтө сылдьар. Ону-маны гыммыта буола сылдьан, кэпсэтиилэригэр кыттыһан ылар,санаатын этэр. «Тэлэбиисэргэ ханнык ханаалы көрөҕүт? Өссө чэй кутабын дуо»? — диэн уҥа-хаҥас түһэ сырытта. Кэтириинэ оҕолоро уонна сиэннэрэ кыһайбыт курдук барыта уолаттар. Кыыс оҕону наһаа ымсыыра, таптыы көрдө.

Син олоро түһэн баран эмээхсин бараары туран дьүөгэтигэр ким да истибэтигэр эттэ : «Өкүлүүнэ абыраммыт эмээхсиҥҥин, үчүгэй даҕаны сиэннээххин, киһи кырдьарын да куттаммат», — диэн баран былаатын, халтаҥ сонун кэтэн аа-дьуо тахсан барда. Онуоха эбээ киһи Өкүлүүнэ ити тыллартан иһигэр үөрэ санаата.

Кэтириинэ биирдэ таах олоруохтааҕар кийиитин этэрбэһигэр билэ тигээри, оҕуруо атыылаһа куорат киинигэр айаннаата. Сөптөөх маҕаһыыныгар сылдьан наадатын ситистэ. Хараҕар тугу ымсыыра көрбүтүн ылан истэ. Сиэннэригэр, уолугар, кийиитигэр таҥас-сап атыыласта. Оннук гынан икки суумкаланан хаалла. Оптуобуһа кэлбитигэр аа дьуо киирдэ ,инники сидиэнньэҕэ барыта кырдьаҕастар уонна кыра оҕолоохтор олороллор эбит. Эмээхсин хайыа баарай, икки суумкалаах нэһиилэ тутуһан, элбэх дьон быыһыгар турда. Арай, хараҕын кырыытынан көрбүтэ, ортоку олбоххо  кини диэки Луиза көрөн аҕай олорор эбит. Эмээхсин илиитинэн далбаатаан көрдө да, кыыс атын сир диэки көрөн кэбистэ. Хайа эрэ кыыстыын кэпсэтэ-кэпсэтэ күлсэллэр. Кэтириинэ эмээхсин: «Ээ, барахсан, Луиза хараҕа мөлтөх эбит дуу», — дии санаан ылла. Нэһиилэ тохтобулугар кэлэн түстэ. Дэлби сылайан киирээт да, хоһугар ааста. Уола ийэтигэр: «Тоҕо миигин кэтэспэккэ бэйэҥ эрдэ бараҕын?», — дии тоһуйда.

Кырдьаҕас киһи дабылыанньата тахсан хаһыс да күнүн сытта. Оҕолоро долгуйаннар бырааһы ыҥыра сырыттылар. Эмп бөҕө иһэттилэр, көрдүлэр. Эмээхсин син бэттэх кэлэн, сэргэхсийдэ. Ол сыттаҕына дьүөгэтэ Өкүлүүнэ төлөпүөннээн боппуруос үөһэ боппуруос буолла:

– Тоҕо биллибэт буолан хааллыҥ? Ханна сырыттыҥ?» — диэн үрүт-үрдүгэр кутта-симнэ. Онуоха Кэтириинэ хардарар:

– Арба, ааспыкка сиэҥҥин Луизаны көрбүтүм, оптуобуска. Барахсан итиччэ эдэриттэн хараҕа мөлтөх эбит дуу, миигин өйдөөн көрбөтөҕө ээ, миэстэтин туран биэрээрэй дуу дии санаабытым, — диэхтээтэ. Өкүлүүнэ сиэнин майгытын билэр буолан, сибигинэйэ былаастаан эттэ:

— Кэм буолуо. Ити кини хараҕа мөлтөх буолбатах, ити кини иитиитэ мөлтөх, — диэн баран, үөһэ тыынан кэбистэ.

Байанай бэлэҕэ

I чааһа

Биирдэ сайын Тоотой аҕатын кытта өрүскэ илим көрө барыста. Уол аҕатын кэтэһэн биэрэккэ хаалла. Сырылатан куйаас да күн буолбут. Аҕата тыынан сылдьан илимин көрөр. Көрөн бүтэн, үөрэн мичээрдээн кэллэ. Санаата көтөҕүллүбүт куолаһынан эттэ:

— Байанайбыт бүгүн биһигини күндүлээтэ, — диир.

— Аҕаа, ол Байанай диэн тугуй? — уол ыйытар.

— Байанай диэн баай хара тыа иччитэ. Кини биһиэхэ булдуттан бэрсэр, күндүлүүр, — диэн аҕата быһаарда. Биэдэрэтин иһэ толору көмүс хатырыктаах эбит. Тоотой саамай биир улахан күөх дьүһүннээх, маҕан бээтинэлэрдээх балыгы көрөн соһуйар.

—Аҕаа, бу ханнык балыгый?-ыйытар.

— Бу, тоойуом, сиэмэх балыктартан биирдэстэрэ, сордоҥ диэн балык буолар.

Уол соһуйар, дьиктиргиир, аҕатын тула көтө сылдьан, көрөр-истэр. Аҕата балыктарын биир-биир таһааран быһаарар, кэпсиир:

— Онтон бу биир кыһыл лапчааннаах, тура сылдьар иннэлээх тараахтаах алыһар диэн балык. Оттон бу күстэх наһаа да кылабачыгас, көмүс хатырыктаах. Өссө биир кып- кыра балык иҥнибит эбит.

– Аҕаа, бу мин курдук кып-кыра балык дии, — диэн күлэр.

– Ити мунду, — диир.

Бу курдук, Тоотой аҕатын кытта сылдьан, Байанай диэн тугун уонна түөрт араас балык аатын биллэ.

Атаах оҕо

II чааһа

Тоотой сааһа түөрдэ. Кини ийэлээх аҕатыгар наһаа атаахтыыр. Сарсыарда детсадыгар барарыгар уһугуннардахтарына, ытаан турар. Аһыырыгар хаппырыыстыыр, сакалааты, кэмпиэти эрэ көрдүүр. Кыыһыран муостаны тиҥилэхтиир. Биирдэ Тоотой таһырдьа халыҥнык таҥныбакка оонньуу тахсаары күөмэйин тымнытта. Ону балыыһаҕа ийэтинээн көрдөрө бардылар. Балыыһаҕа уочарат бөҕө. Уол сатаан тулуйбата, сотору-сотору ийэтин эрийэр. «Утуктаатым, сылайдым, утаттым», — диэн таҕыста. Кинилэр аттыларыгар кыра кыыс ийэтинээн бааллар. Кыыс ийэтэ ыалдьар, олоппоско олорор. Кини ийэтин көрөр эбит. Ону көрөн Тоотой ийэтэ этэр:

—Тоотой, көр эрэ бу кып-кыра кыыс оннооҕор ийэтин көрөр, харыстыыр эбит дии. Онтон эн, мин тылбын истибэккин, атаахтыыгын.

Онуоха уола наһаа кыбыһынна уонна эттэ :

– Ийээ, аҕал суумкаҕын мин тутуом, — диэтэ. Суумканы ылан тутта. Онтон ыла Тоотой ийэтигэр көмөлөһөр буолбута.

Анна КОЛОСОВА

Уруһуй: интэриниэттэн

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0