Саҥа кэм сонун көрүүлээх суруйааччыта

23.05.2020
Бөлөххө киир:

Ааспыт үйэ сууһарыылаах уларыйыылардаах тиһэх уон сылларынааҕы быыһык кэмигэр, олох тосту уларыйыытын саҥалыы анааран көрөр,  ааҕааччылары сэргэхситэр сонун тиэмэлэргэ суруллубут дириҥ психологическай ис хоһоонноох айымньыларынан Павел Петрович Федоров — Сомоҕо Саха литературатыгар эрэллээхтик киирэн, биллэн-көстөн барбыта.

edersaas.ru

Кини сэбиэскэй тутул кэннинээҕи саҥа кэм, саҥа олох уратыларын уус-уран литератураҕа биир бастыкынан кырдьыктаахтык ойуулаан көрдөрбүт новатор суруйааччы буолар. Маны, Сомоҕо бэйэтин этиитэ туоһулуур: «Олох олус күүскэ сайынна, ону биһиги хайдах да гынан тохтоппоппут өйдөнөр. Онон урукку олоххо сөп түбэһэр биир халыып өйдөбүллээх айымньылары суруйартан тохтуур кэм-кэрдии кэллэ. Былыргылыы муҥкук, кэнэн соҕус ыччаты иитэ сатыыр, бука, билигин кыаллыбата буолуо.

Төттөрүтүн, атын омуктары кытта тэҥҥэ, биир кэрдиискэ туран, мин сайдыылаах сахабын дэнэр кыаҕы үөскэтиэҕиҥ. Онон бобуулаах, бу сатаммат, ити табыллыбат диэн өйдөбүлү хаалларыаҕыҥ. Суруйар эйгэҕэ сылдьар дьон хааччаҕа суох айалларын ситиһиэҕиҥ. Саҥа, сонун олоххо дьүөрэлээх түгэннэри элбэхтик суруйдуннар. Оннук эрэ буоллаҕына ыччат уус-уран айымньыны ааҕара ситиһиллиэ…».

Бу, уус-уран литератураҕа саҥа киирэр киһи диэтэххэ, урукку өттүгэр кырдьаҕас, орто көлүөнэ да, эдэр да суруйааччылартан ким да эппэтэх, санаппатах олус сонун,  хорсун ыҥырыытын, ирдэбилин биир бэйэм бэрткэ соһуйа, кэрэхсии  ааҕан турардаахпын. Онон да буоллаҕа, кини «Ол ыҥырар тырымнас уоттар» диэн бастакы тахсыбыт кинигэтигэр аан тылы суруйарбар, Сомоҕону новатор-суруйааччы диэн мээнэҕэ ааттаабатах эбиппин диэн билигин саныыбын.

Далан үөрэнээччитэ

Павел Петрович Федоров — Сомоҕо 1950 сыллаахха ыам ыйын 23 күнүгэр Амма оройуонун Покровка бөһүөлэгэр Евдокия Спиридоновна Бродникова уонна Петр Павлович Федоров дьиэ кэргэттэригэр төрөөбүтэ. Оҕо сааһын, оскуолатааҕы кэмнэрин туһунан кини маннык ахтар: «Мин Үрэх Күндүл диэн оскуолата суох кыра дэриэбинэҕэ үөскээбитим. Инньэ гынан, элбэх сиринэн көһө сылдьан үөрэнэр кыһалҕаҕа түбэспитим. Ол эрээри, саамай уһуннук уонна сөбүлээн үөрэммит оскуолабынан Е.И. Курашов аатынан Чурапчы орто оскуолата буолар. Тохсус кылааска биһиэхэ кылаас салайааччытынан Василий Семенович Яковлев-Далан анаммыта. Кини омос көрдөххө кытаанах көрүҥнээҕэ. Ол эрээри, сорох атын учууталлар курдук, уруогу быһа мөхпөт-эппэт, элбэҕи ньаҥсаабат, лоп бааччы аҕыйах саҥалааҕа. Эппитин ылыннарара. Тас да көрүҥүнэн, тутта-хапта, таҥна-симэнэ да сылдьарынан, биһиэхэ, үрдүкү кылаас оҕолоругар, үтүө холобур буолара.

Мин кини: «Эһиги олоххо бэйэҕитин көҥүллүк санана сылдьыахтааххыт уонна туох баар кэскиллээх барыта бэйэҕититтэн эрэ тутулуктааҕын хаһан даҕаны умнумаҥ», — диэн этиитин олох умнубаппын».

Павел Петрович интэллигиэн дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Чугас-ыраах аймахтара эргиччи Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын биллиилээх үлэһиттэрэ, суруйааччылара, суруналыыстара. Таайа – ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, биллиилээх бэйиэт, прозаик, Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала Алексей Спиридонович Бродников. Эһэтинэн хаан-уруу аймахтара — суруйааччы Степан Афанасьевич Саввин-Күн Дьирибинэ, кини инитэ артыыс Виктор Саввин – иккиэн Ленин уордьанын кавалердара, балтылара Мария – Аайа Саввина суруйааччы, тылбаасчыт Гаврил Иванович Макаров-Дьуон Дьаҥылы кэргэнэ. Эбэтинэн таайа – бэйиэт Гаврил Иванович Егоров — Биилин Хабырылла. Онон Павел Петрович аймах-хаан тамайан, оҕо эрдэҕиттэн таайын дьиэтигэр элбэх суруйааччылары көрөн, тылларын-өстөрүн истэн, кэлин бэйэтэ бу умсугутуулаах киэҥ эйгэҕэ киириитигэр эрдэттэн таттарыылаах, бэлэмнээх курдук көстөрө өйдөнөр. Сомоҕо таайын туһунан ахтар: «Таайым Алексей Спиридонович суруйааччы буолан, кини дьиэтигэр Чурапчыга үгүс элбэх суруйааччыны көрөр, кинилэр кэпсэтэллэрин истэр дьолломмутум. Ол курдук, Күннүк Уурастыырабы, Амма Аччыгыйын, Николай Габышевы, Дмитрий Дыдаевы, Николай Павловы — Тыаһыт кырдьаҕаһы, Биилин бэйиэти, Феоктист Софроновы, Доосону, уо.д.а.».

Дириҥҥэ 1988 сыллаахха тэриллибит «Дириҥ уоттара» литературнай түмсүүнү суруналыыс, бэйиэт Дмитрий Диринскэй кэнниттэн уон сыл  Павел Федоров салайбыта.  1992 сыллаахха олунньуга, биир дойдулаахпыт, саха бастакы лингвист-учуонайа Семен Андреевич Новгородов Күннэригэр кытта Чурапчы улууһун айар түмсүүлэрэ Дьокуускайга киирбиттэрэ. Павел Петрович бу тэрээһин кэнниттэн, биир кэпсээнин уонна  оҕолорго аналлаах пьесатын учууталыгар, суруйааччы Василий Яковлевка — Далаҥҥа көрдөрө биэрбит. Ол туһунан маннык ахтар: «Кини оччолорго «Чолбон» сурунаалга проза отделын сэбиэдиссэйэ этэ. Болдьоммут күммэр сурунаал эрэдээксийэтигэр, толло-толло,  тиийбитим. Учууталым үөрэ-көтө, сирэйэ-хараҕа сырдаан көрсүбүтэ. Кини айымньыларбын аахпытын, кэпсээним тыла-өһө үчүгэйин бэлиэтээн эппитэ уонна «Чолбон» сурунаал ахсыс нүөмэригэр бэчээттэтиэм диэн үөрдүбүтэ… Иккиэн олус истиҥник кэпсэппиппит. Кини үгүһү-элбэҕи сүбэлээбитэ. Итиэннэ, мин тоҕо Сомоҕо диэн псевдоним ылыммыппын ыйыталаспыта уонна: «Сомоҕоттону билэҕин дуо?» — диэн токкоолоспута. Онуоха мин тус бэйэтин билбэппин, арай истэбин эрэ диэн быһаарбытым уонна: «Оччотугар, Сомоҕо диэн псевдониммын уларытабын дуо?” – диэн сүбэлэтэрдии утары ыйыппыппар: «Суох, уларытыма, Сомоҕотто научнай үлэһит, литературнай эйгэҕэ кэлбэт», — диэн быһаччы этэн кэбиспитэ. Онон, Далан бу литературнай ааты ылынарбар, сүрэхтээбитэ».

Документалист-суруйааччы

Павел Петрович, ити көрсүһүү кэнниттэн, олох сытыы проблемаларыгар аналлаах иитэр-үөрэтэр тосхоллоох психологическай, социальнай айымньылары айар: «Американ бой», «Тохтооҥ», «Тууйуллуу», «Таптал уонна арыгы», «Атаҕастаныы», «Ый ытыыр», о.д.а.

Сомоҕо дьон кэрэхсээн ааҕар сэһэннэрин, кэпсээннэрин, очеркаларын, публистическай ыстатыйаларын, рецензияларын суруйан, 14 кинигэни бэчээттэтэн таһаарда: «Ол ыҥырар тырымнас уоттар» (1999), «Дууһа кыланыыта» (2004), «Дьонум, ыччатым туһугар» (2006), «Умнуллубат дьикти саас оҕолоро» (2008), «Темные ночи, теплые встречи»   (2010),    «Боотур уустан Ил Дархан» (2014), «Түүҥҥү куорат» (2015), «Кырдьык көмүстээҕэр күндү» (2019), о.д.а.

Павел Федоров-Сомоҕо, Илин Сибиирдээҕи култуура институтун бүтэриэҕиттэн, кэнники сылларга Дириҥнээҕи Оҕо мусукаалынай оскуолатыгар сүүрбэттэн тахса сыл устата учууталлаабыта.

Саха биллиилээх судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэллэрин, СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнин, биһиги Аан Дархаммыт Михаил Ефимович Николаев уонна Бастакы Ил Дархаммыт Егор Афанасьевич Борисов тустарынан документальнай кинигэлэри суруйан, норуокка улахан махталы, үрдүк сыанабылы ылар. Сомоҕо идэтийбит кыраайы үөрэтээччи быһыытынан архыыпка сыралаахтык үлэлэһэн, историческай чахчылары түмэн   үйэтитэр документалист-суруйааччы.

Павел Петрович-Сомоҕо киһи быһыытынан олус элэккэй, судургу көнө майгылаах-сигилилээх, үтүөкэннээх киһи. Элбэх жаанырга  хоннохтоохтук-хотуулаахтык үлэлиир, олоххо көхтөөх позициялаах биллэр-көстөр ааптарбыт. Кини быйыл бу ыам ыйын 23 күнүгэр 70 сааһын туоларынан сибээстээн, Чурапчы улууһун дьонун-сэргэтин уонна өрөспүүбүлүкэ ааҕааччыларын ааттарыттан, өрөспүүбүлүкэ үрдүкү салалтата кини айымньылаах, үгүс өрүттээх үлэтин-хамнаһын сөптөөхтүк сыаналыаҕа диэн бигэ эрэллээхпин.

ТУМАРЧА,

суруйааччы,

                  СӨ Ытык Сүбэтин бочуоттаах чилиэнэ,

                  СӨ материальнай производствоҕа уонна  

                  А.Е. Кулаковскай аатынан Судаарыстыбаннай

                  бириэмийэлэрин  лауреата,

                  СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ,

Чурапчы улууһун уонна Одьулуун

нэһилиэгин  бочуоттаах олохтооҕо.    

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0