Саҥа күннүк оҥордулар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Үүнэр 2017 сыл Россияҕа Экология сылынан биллэрилиннэ. Ону көрсө ХИФУ үлэһиттэрэ Маргарита уонна Александр Герасимовтар “Күн-дьыл туруга” диэн күнү-дьылы кэтээн көрөр күннүгү таһаардылар.
Ыйдарынан аттарыллыбыт күннүк оҕо төрөппүттэрин кытары күн-дьыл туругун, төһө тымныы эбэтэр итии буолуоҕун, төһө сөҥүү түһүөҕүн, хайа диэкиттэн тыалырыаҕын хас биирдии күнүнэн бэлиэтээн иһэригэр анаммыт. Күннүгү өбүгэбит күнү-дьылы билгэлиир үөрүйэхтэрин итиэннэ саха дьылдьыттарын тустарынан кэккэ чахчылар киллэриллибиттэрэ байыппыт.
Герасимовтар бастакы күннүктэрин былырыын таһаарбыттар. “2016 сыллааҕы күннүкпүт тула элбэх кэпсэтии тахсыбыта, ордук төрөппүттэр кэрэхсээбиттэриттэн уонна күнү-дьылы кэтээн, күннэтэ бэлиэтэнэр дьон баарыттан үөрдүбүт. Нэһилиэнньэ элбэх араҥатын хабар сыалтан быйылгы күннүкпүтүн икки тылынан, сахалыы-нууччалыы оҥордубут”, — дииллэр ааптардар.
Дьиэ кэргэҥҥэ аналлаах, элбэҕи үөрэтэр-биллэрэр баай ис хоһоонноох саҥа күннүгү “Сахабэчээт” киоскаларыттан атыылаһыҥ, Ийэ айылҕаҕытын кытары алтыһыҥ.

Раиса СИБИРЯКОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0