Аныгы кэм исписэлииһэ, салайааччыта, биллэр-көстөр уопсастыбанньык (Норуот фронун штабын чилиэнэ, Дьокуускайдааҕы туалет уопсастыбатын салайааччыта, «Я – инженер» тэрилтэни төрүттэһээччи, сахалыы тиэрминнэринэн дьарыктанар бөлөх кыттааччыта) Павел Ксенофонтов-Ойуур Байбал олоххо, үлэҕэ көрүүлэрин уонна дьоҥҥо сыһыанын туһунан билиһиннэрдэ.
Төрүт дьон төрүөҕэ
— Павел Валериевич, саха сиэринэн аан маҥнай төрдү-ууһу түөргүлэһиэххэ. Хантан хааннааххын, кимтэн кииннээххин?
— Үөһээ Бүлүү Ороһутугар төрөөбүтүм. Букатын кыра эрдэхпинэ төрөппүттэрим үлэлэринэн оройуон киинигэр көһөн киирэннэр, оҕо саадыгар уонна оскуолаҕа Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр иитиллэн-үөрэнэн улааппытым. Аҕабын, Валерий Николаевич Семеновы, Сургуулук оскуолатыгар учууталлыыр Николай Иванович Семеновтаахха, соҕотох уоллаахтарыгар ханыылаан, биэрбиттэр. Төрөппүт аҕата – Василий Саввич Ксенофонтов диэн, Аҕа дойду Улуу сэриитин уутун-уотун ортотунан ааспыт лейтенант чыыннаах, Далыр орто оскуолатыгар уһуннук дириэктэрдээбит, учууталлаабыт киһи. Оттон кини аҕата Ханьыах Сааба XVIII үйэҕэ Ороһуттан Сургуулукка тиийэн, халыҥ аҕа ууһун тэниппит, нэһилиэк төрдө буолбут Дьүөлэкээн Баһылайтан сыдьааннаах.
Эһэм Василий Саввич кэргэнэ, биэлсэр идэлээх Наталья Васильевна Кривогорницалыын 12 оҕоломмуттар, мин аҕам улахан дьиэ кэргэҥҥэ алтыс оҕонон, төрдүс уолунан төрөөбүт. Ииппит эһэм Николай Иванович кэргэнэ Мария Васильевна Кривогорницына эмиэ биэлсэрдээбит, Наталья Васильевна бииргэ төрөөбүт балта. Кинилэр эһээлэрэ, Семен Александрович Кривогорницын, улууһугар 26 сылтан ордук кулубалаабыт, кини олорор кэмигэр сэбиэскэй былаас буолбут. Аҕата ыраахтааҕылаах Россия саҕана Донтан көһөн кэлбит нуучча хаһааҕа, маҥнай Уус Алдан Сыырдааҕар кэлбит, онтон олохтоох саха кыыһын ойох ылан, Үөһээ Бүлүү Оҥхойугар Аһыкайга күрэтэн илдьэн олохсуйбут. Өлөрүгэр уола 18 саастааҕа үһү, 40 ынах сүөһүнү хаалларбытын Сэмэн бэйэтин сатабылынан тыһыынчаҕа тиэрдибит. Өксөкүлээх Өлөксөй кулуба, баай Семен Кривогорницынныын кэпсэтэн, кини көмөтүнэн Аһыкайга 1905 с. ыһыах ыһан, үс сэргэни туруорбуттар…
– Семеновтар-Сэмэтээскилэр өйдөрүнэн-санааларынан, күүстэринэн-уохтарынан эмиэ киэҥник биллэр удьуордар. Валерий Николаевиһы Сэмэтээскилэри кытта эҥээрдэһэн, тустуук буолбута диэччилэр, бэйэтэ даҕаны ону билинэр. Аҕаҥ эйигин тустууга дьарыктаабатаҕа дуо?
— Аҕам көҥүл тустууга ССРС уонна хапсаҕайга Саха сирин спордун маастара, СӨ үтүөлээх тренерэ буолбут спорт эйгэтигэр биллэр-көстөр киһи. Миигин оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар эрчийбитэ эрээри, үөрэхпэр үтүрүйтэрэн, санаа хоту утумнаахтык дьарыктамматаҕым.
Учууталым сүбэтинэн
– Инженер идэтин хайдах талбыккыный? Эрдэттэн быһаарыммытыҥ дуу эбэтэр соһуччу этэ дуу?
– М.А.Алексеев аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи өрөспүүбүлүкэ физмат оскуолатын 1996 с. үөрэнэн бүтэрбитим. Хара маҥнайгыттан техническэй хайысханы тутуһар санаалаах буоламмын, тимир суол үөрэҕэр туттарса барар былааннаах этим. Ол сырыттахпына, кылааһым салайааччыта Виктор Филиппович Потапов ханнык үөрэххэ киирэр санаалаахпын ыйыппытыгар эппиппэр: “Хайа, тимир суолуҥ биэнсийэҕэ тахсыбытыҥ кэннэ кэлээрэй. Оттон ньиэби-гааһы, бэлиэр, хостоон эрэллэр. Сотору Дьокуускайга Губкин аатынан ньиэп уонна гаас академиятыттан (мин үөрэнэн бүтэрэрбэр биирдэ университет буолбута) кэлэн эксээмэн тутуохтаахтар, онно холонон көрөрүҥ ордук буолуо”, — диэн сүбэлээбитэ.
Учууталым эппитин ылынаммын эксээмэни ситиһиилээхтик туттарсан, киирэн хаалбытым. Москвалыыр ороскуоппун толунаары, ол сайыны быһа аҕабыныын ыалларга кирпииччэ оһох тутуспутум. Оччолорго олох-дьаһах уустук, үп-харчы кырыымчык этэ. Аҕам харчы хантан хайдах кэлэрин биллэрбитэ кэлин туһалаабыта. Губкиҥҥа устудьуоннуурбар, төрөппүттэрим моонньуларыгар олорумаары, үрдүкү куурустарга Хотугулуу-Арҕааҥы ойуур бырамыысыланнаһын хампаанньатыгар курьерынан үлэлээбитим. Кэлин бастайааннай үлэҕэ менеджеринэн ылбыттара, онтон логистикаҕа көспүтүм. Үөрэхпин бүтэрэн, Москваҕа 2004 сыл сэтинньитигэр диэри үлэлээн баран, дойдубар кэлбитим.
Биһиги оскуолаҕа үөрэнэрбит саҕана профориентация үчүгэйдик ыытыллыбат эбит. Үрдүк үөрэххэ саҥа тиийээппин, лиэксийэ кэмигэр преподаватель Саха сириттэн ким сылдьарын ыйыппыта уонна Орто Бүлүүтээҕи гаас хостонор сирин хаартаҕа ыйа-ыйа, биһиги өрөспүүбүлүкэбит кэскиллээҕин кэпсээбитигэр биирдэ өйдөөн көрбүтүм. Дьиҥэр, Кыһыл Сыыр аттыбытыгар сытар буоллаҕа… Уонча сыл ааспытын кэннэ үрдүкү кылаастар үөрэнээччилэриниин кэпсэтэн көрдөхпүнэ, уларыйыы суоҕуттан абаран, биир өйдөөх-санаалаах уолаттарбын кытта техническэй үрдүк үөрэх кыһаларын сүрүннүүр киини тэрийэн, оскуолаларга лиэксийэ ааҕар буолбуппут. Итинтэн сиэттэрэн, 2009 с. “Саха сирэ” хаһыат “Эдэр саас” сыһыарыытын иһинэн “Саха ыччатын – промышленноска” бырайыагы Айаан Уваровтыын уонна Прокопий Бубякинныын саҕалаабыппыт. Кииммит 2012 с. “Я – инженер” диэн уопсастыбаннай тэрилтэҕэ кубулуйбута.
Cаха айылҕатынан — бэйэтэ инженер
– Павел Валериевич, ыччаты кытта күннэтэ алтыһа сылдьар салайааччы быһыытынан, аныгы эдэр дьону хайдах көрөҕүн?
– Саха ыччата кыайбата диэн суох. Айылҕаттан мындыр буолан, атыннык быһаарар. Айылҕаҕа, дьоҥҥо сыһыана уратылаах. Хайаатар даҕаны дойдутугар туһалааҕы оҥорорго дьулуһар. Бу хамсааһын күүстээх. Арай, кэтэх санаалаах күүстэр “тойоҥҥо-норуокка”, “бүлүүлэргэ-чурапчыларга” арааран, мөлтөтө сатыыллар. Сахалар түмсэргэ баҕалаахпыт. “Баар буолуохтаахпыт” диэн санаанан салайтарабыт.
– Соторутааҕыта ХНТ мунньаҕар уопсастыбанньык Елизавета Гаврильева сахалар ааттарыттан “транснациональнай хампаанньалар саха норуотун атаҕастыыллар” диэн тыл эттэ. Бу эйгэҕэ үлэлии сылдьар киһи туох санаалааххын?
— Аан дойду үрдүнэн омуктар, норуоттар атааннаһыылара тыҥаан иһэр. Сорохтор дьону утарыта туруорар, аймыыр адьынаттаннылар, онон “харах таһаарыналлар”. Итинник быһыы өйдөспөт буолууну күөртүүр, үлэни атахтыыр. Сыралаһан үлэлээтэххэ эрэ сыал-сорук ситиһиллэр. Холобур, саха ыччата атыттартан тугунан даҕаны итэҕэһэ суоҕун өйдөтөн, улахан тэрилтэлэрдиин ыкса алтыһан үлэлээтэххэ эрэ бырамыысыланнаһы баһылааһын ситиһиллиэҕэ. Оруо маһы ортотунан тыллаһан, үҥсүһэн, улахан хампаанньалары тэйитиэххэ эрэ сөп, бырамыысыланнаска үлэлии тиийиэхтээх ыччаттарбытын туора көрүөхтэрэ.
Сэмиэнэп — Силипиэнтэп
– Араспаанньаҕын хаһан, туох санааттан уларыппыккыный?
– Мин 2009 сыллаахха диэри Павел Семенов этим. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, Гаврил Ксенофонтов “Урааҥхай сахалар” диэн үлэтин аахпытым гынан баран, тоҕо эрэ кини Павел Ксенофонтов диэн инилээҕин туһунан санаабатахпын. Ол саҕана Саха сирин историятыгар Аммосов, Ойуунускай, Бараахап эрэ ааттара дорҕоонноохтук иһиллэрэ. Москваҕа үөрэнэ тиийэрбэр Интэриниэт ситимэ саҥардыы үөдүйбүтэ. Онно “Чолбон” сурунаалга Павел Ксенофонтов туһунан суруйбуттарын аахпытым уонна конфедералистар сөпкө туруорсубуттар эбит диэн санааҕа кэлбитим.
Онтон ыла толкуйга түспүтүм – саха баарын тухары Павел Ксенофонтов аата ааттаныахтаах, баар буолуохтаах диэн санаабытым итиэннэ сахаттан соҕотох ССРС норуотун учуутала Михаил Алексеев саха ыччатын бырамыысыланнаска сыһыарар идиэйэтин салгыы олоххо киллэрсэргэ туруммутум. В.С.Ксенофонтов М.А.Алексеевы Далыр оскуолатыгар үлэлииригэр, өстөөххө билиэҥҥэ сылдьыбытын иһин, утарар, атаанныыр этэ диэн истээччибин: биирэ – эһээм, иккиһэ – үөрэммит оскуолабын төрүттээбит киһи. Онон мин кинилэр олорон ааспыт олохторун биир суолга түмэр соруктаахпын. Араспаанньабын уларытаары гынарбын 2008 с. аҕабар эппиппэр сөбүлэспитэ.
– Сахалар ааты-суолу уларытары аньыыргааччылар, сорохтор төттөрүтүн ааты уларыттахха, табыллыы тосхойор дииллэр. Саҥа араспаанньаҥ эйиэхэ хайдах сабыдыаллаабытай?
— Араспаанньабын уларыппыт сылбар сахаттан бастакынан гаас ситимин көрөр-харайар сулууспа начаалынньыга буолбутум. Бэйэм аакка улахан суолтаны биэрэбин: оҕолорбун Кэрэчээнэ, Сулустаана, Дайаана уонна Харысхал диэн сахалыы ааттаабытым.
“Хонтуоратааҕар производство миэхэ чугас”
– Сылаас хонтуораны суохтаабаккын дуо? Эбэтэр производствоҕа быһаччы үлэлии сылдьаргын ордороҕун дуу?
– Бырамыысыланнас министиэристибэтигэр үлэлии киирэрбэр гаастааһын бырагыраамата буксуйан турара. Күннэри-түүннэри сүүрэн, саҥа дуогабардары оҥорсон, бырагырааманы хамсаппыппыт. Ону алтыспыт дьонум бэркэ билэллэр. Сыл иһигэр Саха сирин барытын кэриэтэ, чуолаан, промышленнай уонна хотугу улуустары кэрийбитим. Дьиэбэр, этэргэ дылы, ый баһыгар-атаҕар охсуллан ааһарым. Инньэ гынан, биир сыл туспа олоҕунан олорбутум. Ол эрээри, миэхэ производство быдан чугас. Москваттан кэлэн баран, үлэбин гаас ситимин тутааччынан саҕалаабытым. Онтон «Сахатранснефтегаз» хампаанньаҕа маастарынан көспүтүм. Оччолорго гаастааһын бырагыраамата саҥардыы киирэн эрэрэ. Гааһы тарҕатар-үллэрэр станциялар улахан аҥаардарын арыйсыбытым. Билигин “Сахатранснефтегаз” ААУо гаас сүрүн ситимин көрөр-харайар салалтатыгар сүрүн инженеринэн үлэлиибин. Манна сылдьан, элбэх эйгэни кытта алтыһаҕын, дьону кытта үлэлиир, быһаччы салайар кыахтанаҕын. 400-тэн тахса үлэһиттээхпин.
– Чопчу тугунан дьарыктанаҕыт?
– Кыһыл Сыыртан кэлэр сүрүн утаҕы көрөн-истэн үлэлэтэбит. Дьокуускай куоракка бастакы ГРС үлэҕэ киирбитэ быйыл кыһын сэтинньигэ 50 сылын туолар. Ол саҕана тутуллубут маҥнайгы утаҕы уларыта сылдьабыт. Мастаах уонна Кыһыл Сыыр икки ардыларыгар үһүс утаҕы салгыырга 3,5 млрд солк. суумалаах үп ороскуоттанара эрэйиллэр. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит бэйэтин активын атыылаан, гаастааһыҥҥа 2000 сылтан 20 млрд солкуобайтан тахса үбү укта. Газпром бу кэмҥэ регионнарга 34 млрд солк. харчыга гаас ситимин тарта. Дойду улахан хампаанньата таска атыылыыр барыһыттан регионнары гаастыыр буоллаҕына, биһиги үксүн бэйэбит кыахпытынан үлэлиибит. Сылга 1,6 млрд куб.м гааһы өрөспүүбүлүкэбит иһигэр атыылыыбыт. Онон гааспыт ситимин саҥалыы тардарбытыгар уонна олохтоох нэһилиэнньэҕэ удамыр сыанаҕа тарҕатарбытыгар федеральнай көмө оҥоһуллуохтаах эбэтэр Газпром экспорка барыһыттан үллэстиэхтээхпит дии саныыбын. Үһүс суол – 1,5 млрд куб. м гааһы эбии оҥорон, экспорка таһаарыахтаахпыт. Холобур, чугастыы Кытайга.
– Орто Түҥнээҕи айылҕа гааһа хаһан туһалыырын дойдуҥ дьоно күүтэллэр…
— Министиэристибэҕэ Саха сирин гаастааһын генеральнай схемата баар. Былааҥҥа барыта киллэриллэн турар. Олоххо киирэрэ харчыттан эрэ иҥнэр.
Сэмсэ тыл
Николай Павлов-Халан, сахалыы бикипиэдьийэ дьаһабыла:
– Павел Ксенофонтовтыын былырыыҥҥыттан билсэн, сахалыы тиэрминнэргэ бииргэ үлэлиибит. Кини – сүрдээх көхтөөх, ыллыктаах тыллаах киһи. Уопсастыбаннай үлэтэ олус элбэх, киэҥ: омос санаатахха, бэйэ-бэйэлэрин кытта ситимэ суох эйгэлэр курдук көстөллөр эрээри, саха туруктаах буоларын хааччыйар биир сүрүннээхтэр. Кыахтаах буолан, киэҥник хабан дьарыктанар. «Төрөөбүт норуоппар туһалаатарбын» диэн санаанан салайтарар. Маннык дьоммутун өйүөх тустаахпыт.
Ксенофонтов Павел Валериевич
1978 сыл сэтинньи 11 күнүгэр төрөөбүтэ.
1996 с. Үөһээ Бүлүүтээҕи өрөспүүбүлүкэ физмат оскуолатын үөрэнэн бүтэрбитэ.
1996-2002 сс. Губкин аатынан ньиэп уонна гаас университетыгар үөрэммитэ.
2005 с. ыам ыйыгар “Сахатранснефтегаз” хампаанньаҕа үлэлии киирбитэ.
2013-2014 сс. бырамыысыланнас миниистирин бастакы солбуйааччынан үлэлээбитэ.
2015 сылтан “Сахатранснефтегаз” хампаанньаҕа сүрүн инженеринэн үлэлии сылдьар.
Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru