Саҥа ИВЛ аппарааттар туруорулуннулар

Ааптар: 
16.07.2020
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэтээҕи килиниичэскэй балыыһаҕа эбии үс ИВЛ аппараата туруорулунна.

Коронавирус дьаҥын бохсорго «ЯТЭК» ПАУо биэрбит үбүнэн тыҥаҕа искусственнай салгыны биэрэр үс аппараат ылыллан, Өрөспүүбүлүкэтээҕи килиниичэскэй балыыһаҕа туруоруллубуттар.
Коронавируһу эмтиир отделениеҕа ИВЛ аппарааттара олус наадалаахтар. Барыта 14 баарыттан, үстэн аҕыска тиийэ аппараат куруук холбонон тураллар, — диэн балыыһа реанимацияҕа уонна анестезиологияҕа отделениетын сэбиэдиссэйэ Сергей Жиряков эппит.
Пандемияны бохсорго «ЯТЭК», «Селигдар» ПАУо, «Полиметалл УК» о.д.а. улахан хампаанньалар өйөбүлү оҥороллор. Өрөспүүбүлүкэ доруобуйаҕа харыстабылын тэрилтэлэригэр мэдиссиинэ тэриллэрэ, эмп-томп, дьаҥтан харыстанар сириэстибэлэр ылыллаллар.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0