Бэҕэһээ Ил Дархан Айсен Николаев национальнай бырайыактар уонна госбырагымааралар чэрчитинэн объектары тутуу туһунан мунньаҕы ыытта. Чуолаан хаарбах дьиэттэн көһөрүүнү уонна оскуолалары тутууну дьүүллэстилэр.
Санатан эттэххэ, 25 тыһыынча Саха сирин олохтооҕо «2019-2025 сылларга гражданнары хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү» диэн бырагырааманан 461 тыһ. кв. м. тахса иэннээх хаарбах эргэ дьиэтиттэн көһүөхтээх. Бу үлэ чэрчитинэн барыта 81 элбэх квартиралаах олорор дьиэ тутуллуохтаах.
Мунньахха Инвестиционнай бырагараама хаамыытын эмиэ көрдүлэр. Горнай улууһун Бэс Күөлүгэр оскуоланы, Аллараа Бэстэххэ култуура киинин тутуохтаах, Кыһыл Сыыртан гаас турубатын тардыахтаах бэдэрээтчиттэри быһаарар куонкурус хайа-сах ыытылла турар.
«Төһө да бааннар кирэдиит бырыаһын үрдэппиттэрин, тутуу матырыйаалларын сыаната күн-түүн үрдүү турарын иһин оскуолаларга эбии үөрэх миэстэтин арыйар, хаарбах дьиэттэн дьону көһөрөр сорукпутун 100 бырыһыан толоруох тустаахпыт», — диэтэ Айсен Николаев.
Суһар ыстаап чилиэннэригэр федеральнай эбии үпкэ үлэһэллэригэр, тутуу тэрилтэлэригэр көмө-ама буолалларыгар сорудах бэрилиннэ. Тутуу тэрилтэрэ былааннарын сөргүтэн, тутууну түргэтэр сыаллаах күүскэ үлэлиэхтээхтэр. Муниципалитеттар эмиэ саҥа дьиэлэри кэмигэр киллэриини хонтуруоллуохтаахтар уонна ону ирдиэхтээхтэр.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын Пресс-сулууспата
Андрей Сорокин хаартыската, СИА