Саҥа сылы — саҥа дьиэлээх

Бөлөххө киир:

Саҥа дьылы көрсө, Өлөөн сэлиэнньэтигэр икки дьиэ тутуллан үлэҕэ киирдэ.

«Бу хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааманан ыытылынна. Тутуу матырыйаалын тиэрдэргэ судургута суох уонна ыраах суоллаах-иистээх улууска  дьиэни «Адгезия» ХЭУо икки сыл иһигэр тутан бүтэрдэ», — диэн «Кэнчээри» оҕо уһуйаанын сэбиэдиссэйэ Алла Петрова иһитиннэрэр.

Иккилии мэндиэмэннээх, уон алталыы кыбартыыралаах, хоту сир тымныытыгар толору хааччыллыылаах, аныгы үйэ ирдэбилигэр эппиэттиир бэртээхэй дьиэҕэ 32 ыал күлүүс туппут. «Саҥа дьыл бырааһынньыгын көрсө, үөрүүбүт икки бүк үрдээтэ», — дэспиттэр умнуллубат бэлиэ түгэҥҥэ хоту сир олохтоохторо.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0