Саҥа дьылы сампаана суох көрсөр хайдах эрэ табыллыбат курдук өйдөбүл олохсуйан хаалбыт. Дьиҥэр, туох даҕаны сиэргэ-туомҥа, итэҕэлгэ сыһыана суох эбээт. Ол эрээри, испэт дьон син биир сампааны аһан баран, хаһан уоҕа тахсыар, омуннаатахха, бэс ыйыгар ыһыахха диэри сытыаран баран, тоҕон кэбиһэллэр. Оттон өйдөөх дьон букатын да атыыласпаттар эбит.
edersaas.ru
Бу күннэргэ дьон бырааһынньыктаары ас-таҥас, бэлэх-туһах көрдөөн соло булбат. Испииһэктэн сампаан даҕаны туора сотуллубат. Ол эрээри, арыгыта суох быырпахтаах, муорустаах, хомпуоттаах көрсөр дьон бааллар эбит. Манна даҕатан эттэххэ, урут бырааһынньык остуолугар хайаан даҕаны хомпуот уонна хомпуоттан утах (оччолорго бэйэлэрэ оҥостон эрдэхтэрэ) баара үһү. Сампааннаах бакаалы “тык” гыннарыы кэлин эрэ киирбит. Ол гынан баран, кэлин сорохтор арыгыта суох уруу киэһэлэрин тэрийэр буоллулар. Маныаха «Саҥа дьыл тоҕо хайаан даҕаны сампааннаах, атын даҕаны аһыы утахтаах буолуохтааҕый?!» диэччилэр суох буолбатахтар.
Клавдия:
— Саҥа дьылга сампаан оннугар, быйыл иккис сылбытын быырпах иһэбит. Дьиҥэр, биэ кымыһа ордук этэ да, былырыын кыаллыбатаҕа. Сампааны иһэр эрэ дьон иһэр. Биһиги курдук биирдэ “охсуһуннаран” баран испэт дьоҥҥо, ороскуот эрэ буолар эбит. Ол иһин, сүбэлэһэн баран быырпаҕынан көрсүбүппүт. Быйыл даҕаны оннук дьаһанар санаалаахпыт. Саҥа дьыллааҕы сандалыбар сүрүннээн сахалыы бүлүүдэлэри астыы сатыыбын. Биллэн турар, мандарин, оливье эмиэ хайаан даҕаны баар буолар, — диэн ыал ийэтэ кылгастык санаатын үллэһиннэ.
Бэйэбит төрүт аспыт-үөлбүт, утахпыт эппитигэр-хааммытыгар быдан иҥэмтиэлээҕэ, туһалааҕа биллэр. Ити курдук, үгэһи олохсутуохха сөп эбит.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн