Саҥа Дьылы көрсө (КЭПСЭЭН)

Ааптар: 
29.12.2020
Бөлөххө киир:

Тима, уһуктаат, халандаары көрдө. Бүгүн ахсынньы ый 30 күнэ. » Ок — сиэ, тугун түргэнэй! Саҥа 1971 сыл үүнэрэ бу кэлбит эбит!» — диэн саҥа аллайбытынан, уол бэрт түргэнник таҥна оҕуста.

Сэргэлээх бу күннэргэ, тигээйи уйатын тоҕо тарпыттыы, оргуйан олорор. Буолумуна! Устудьуон аймах, зачёт ыла охсоору, сүүрүү — көтүү, тиритии — хорутуу. Преподтар даҕаны кытаанахтара сүр, сүгүн — саҕын тутан быстыбаттар. Эккирэтиннэрэллэрин олус диэн сөбүлүүллэр. » Оҕолор барахсаттар дьиэлэригэр тиийэн Саҥа Дьылы көрүстүннэр» диэн санааҕа адьас оҕустарбаттар.

Тима история салаатыгар үөрэнэр. Быйылгы эксээмэннэрин мүччү көтөрө буоллар, эһиил бүтэрэр сыла. Үөрэҕин бүтэрэн, үлэһит буола охсуон баҕарара кэмнээх буолуо дуо? Хамнастаах үлэһит буоллаҕына, дьонугар көмөлөһөн көрүө этэ. Кини ыал улахан оҕото буолан, кыра бырааттара — балыстара атахтарыгар туралларыгар тирэх буолуон баҕарар. Өссө биир, кимиэхэ да эппэтэх, кистэлэҥ санаалаах. Ол — куруук мичээр кыымнаах сирэйдээх, долгуйар уһун суһуохтаах, арылхай харахтарынан имэрийэ көрбүт Саргы. Саргы барахсан онус кылаас кэнниттэн комсомол путёвкатынан төрөөбүт сопхуоһугар үлэлии тахсыбыта. Кини ыччат — комсомольскай фермаҕа бороон көрүүтүгэр үлэлиир. Хата, Саргыҥ, ким хайа иннинэ, улуу Москубаны көрдө! » Хотонтон Москуба чугас » диэн мээнэҕэ эппэттэр эбит. Бастыҥ бороон көрөөччү, төлөһүтүү маастара, пятилетка эдэр  гвардееһа — бу барыта кини, Тима Саргыта! Уол бу үчүгэйкээн кыыһы оҕо эрдэҕиттэн сөбүлүү көрөр, олуһун диэн харыстыыр, тарбаҕын да төбөтүнэн таарыйа илик. Тималаах Саргы ойор — тэбэр оҕо саастарын уйата — Балыктаах Дьокуускай куораттан 200- чэкэ килэмиэтир. Тима 31 чыыһылаҕа дойдутугар өлөн да төрөөн тиийдэҕинэ сатанар! Кини Саҥа Дьылы Саргытын кытта хайаан да бииргэ көрсүөхтээх! Саргы туһунан санаатаҕына, киниэхэ түөһүгэр дьикти сылаас сүүрээн киирэр. Саҥа Дьыл үүнэр түүнүгэр Тима Саргыга тапталын билиниэхтээх. Ол санаатыттан олус диэн долгуйар, мэктиэтилэр кулгаахтара итийбэхтээн ылар. Тима сахаҕа уһун курбуу курдук уҥуохтаах, бэйэтигэр сөп эттээх — сииннээх, киһи кырыытыттан көрөр ис — киирбэх уола. Үнүр биирдэ, Сэргэлээх уопсайыттан тахсан истэҕинэ, икки кыыс утары көрсүбүттэрэ уонна, ааһан истэҕинэ, биирдэстэрэ:» Уой, үчүгэй да уол! Хайа дьоллоох кыыс таптала буолла?»- диэн саҥа аллайбыта. Тима:» Кими этэллэрий»- , дии санаан, эргим — ургум көрбүтэ — чугаһынан ким да суоҕа. » Ити , ама, миигин этэллэр дуо?» — диэн бэркэ соһуйбута.  «Арай ити кыыс оннугар Саргы буоллун, мин саҕа дьоллоох киһи суох буолуо этэ!» — итинник саныы — саныы, мичээрдии испитэ.

— Чэ, бүгүн икки хаалбыт зачёппун туруортара охсоот, Бэстээххэ диэри сатыы анньыныам!» — Тима бэйэтэ бэйэтигэр сорунуулаахтык эттэ.

Устудьуон уол ол күн, туруоруммут сыалын ситиһэн, Бэстээх биэрэгин булбута. Аармыйаҕа бииргэ сулууспалаабыт доҕорун Алигы көрсөн, онно хоммута. Сарсыныгар таас чох тиэйэр камаһы булан, өр да өр күүтэн, кэмниэ — кэнэҕэс эбиэт кэнниттэн хоҥнон, дьэ айанын салҕаата.

Балыктаахха, хараҥарбытын кэннэ, тиийдилэр. Тима, ис — иһиттэн сырдаан мичээрдии олорорун көрөн, нуучча суоппар: » Что, молодой человек, девушка ждёт , да?» — диэтэ уонна массыынатын тохтотто.

— Да, ждёт! Спасибо Вам большое! — диэбитинэн уол бэрт чэпчэкитик массыынаттан түстэ уонна  киэҥ — киэҥник хардыылаан, тырымнас уоттардаах бөһүөлэгин диэки түһүнэн кэбистэ.

Елена Прокопьева

+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1