Билигин дьиэ кэргэн үксэ Саҥа дьыллааҕы остуолун толкуйугар сылдьар. Ким эрэ сонун бүлүүдэни көрдүүр, ким эрэ биир даҕаны бырааһынньыгы көтүппэккэ астыыр аһылыгын бэлэмниир. Бырааһынньыктааҕы нүөмэрбитигэр саха биллэр-көстөр Далбар хотуттара бэйэлэрин ырысыаптарын үллэстэллэр.
Варя Аманатова “фирменнэй” салаата
СӨ үтүөлээх артыыската, Эстрада тыйаатырын ырыаһыта Варя Аманатова:
— Биһиги саҥа сыл үүнүө ый инниттэн бэлэмнэнэн саҕалыыбыт. Сыл аайы хайаан даҕаны Тымныы оҕонньорго сурук ыытабыт, онно баҕа санаабытын, ситиһиибитин барытын тиһэбит. Оҕолор успуорка кыайыылара, үөрэххэ ситиһиилэрэ, миэстэлэрэ, бэрээдэктэрэ, иһит сууйбут үлэлэригэр тиийэ барыта учуоттанар. Суруктарбытын камин аттыгар Саҥа дьыллааҕы үтүлүктэргэ, этэрбэстэргэ уган көстөр сиргэ ыйыыбыт. Кыра уолбут 6 саастаах, билиҥҥэ диэри Тымныы Оҕонньор биһиги көрбөппүтүгэр кэлэн суруктары ылар уонна илэ кэлэн бэлэх биэрэр диэн итэҕэйэр. Сороҕор суруктары ыла илик буоллаҕына, баҕа санаатын уларытар.
Тус бэйэм Саҥа дьылы кытта сибээстээх умнуллубат остуоруйалаахпын. 15 сыл анараа өттүгэр Финляндия Рованиеми куоратыгар Санта Клаус резиденциятыгар тиийэ сылдьыбытым. Сүүһүнэн киһилээх уочаракка туран, Санта Клаус тобугар олорон: “Мин соҕотох сылдьыахпын баҕарбаппын, баһаалыста, миэхэ кэргэннэ, оҕото аҕал диэн баҕа санаабын эппитим”, – чахчы сыл буолбакка эрэ кэргэн тахсыбытым. Онон остуоруйа алыптаах дойдутугар эппит санаам туолбута.
Саҥа дьыллааҕы сандалыбыт ханнык баҕарар ыалга курдук хотойорунан астаах буолар. Оҕолорум боростуой аһылыгы ордороллор. Ол иһин Саҥа дьыллааҕы остуолбутугар эттээх салаат булгуччу баар буолар. Сороҕор “Нежнэй” салааты оҥорооччубун. Бүгүн хас даҕаны салааттан сүүмэрдээн, бэйэм “фирменнэй” салааты таҥан таһаарбыт ырысыаппын үллэстэбин. Биһиги дьиэ кэргэн ханнык баҕарар бырааһынньыктааҕы остуолбутун киэргэтэр.
Астыырга бэрт судургу, түргэн. Биир ыыһаммыт (полукопченай) халбаһы, 2 сибиэһэй оҕурсу, 200 кыраам сыыр, “Зяки-зяки” чипсы, майонез. Остуолга олоруох эрэ иннинэ барытын булкуйан биир иһиккэ кутуохха эбэтэр өлүүлэринэн араартаан ууруохха сөп.
Олус күүскэ баҕарар, талаһар санаа хайаан даҕаны туолар. Сахам дьоно сырдыкка, кэрэҕэ дьулуһуҥ! Дьоллоох Саҥа сылы!
Наталья Бубякина “Кистэлэҥнээх ракушката”
“Амма олоҕо” хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ Наталья Бубякина:
— Биһиги ыал дьиэ кэргэнинэн тахсан, 12 чааска Саҥа сылы көрсөөт, ыкса олорор ыалларбытын кытта тутуспутунан салют ытар үгэстээхпит. Биир даҕаны сылы көтүппэппит. Саҥа дьылынан бэйэ-бэйэбитигэр баҕа санаа этэрбитигэр сылбыт хайдах ааспытын, туох ситиһиилэммиппитин ахтабыт. Быйыл Муона алааспытыгар хаар оҥоһуктары оҥоро сылдьаллар. Уопсайа, 50-тан тахса ыал олорор. Түөлбэнэн онно тахсар санаалаахпыт.
Бырааһынньыктааҕы остуолбутуттан “Кистэлэҥнээх ракушка” диэн ас ырысыабын үллэстиэхпин сөп, искэ-үөскэ арыый чэпчэки. Маҕаһыыҥҥа атыыланар доруоһалаах, араҥалаах тиэстэни ириэрэн, кыратык көтөхтөрө түһэбит. Итиэннэ тэнитэн баран төгүрүктэри бысталыыбыт (ыстакаанынан), үрдүн сиикэй сымыытынан сыбыыбыт уонна 120 кыраадыска духуопкаҕа буһаран ылабыт.
Буһан тахсыбыт тиэстэни кыратык аппатабыт (ракушка курдук). Туспа туустаах форель балыгы, сибиэһэй оҕурсуну, кыра гына кырбаммыт укуруобу, петрушканы, майонеһы эбэн салаат бэлэмниибит. Оливье даҕаны салаат барсар. Булкуйан баран буспут ракушкаларга укталыыбыт. Үрдүн кыһыл икранан, күөх туманан киэргэтиэххэ сөп. Түүн сиэниллэр, чэпчэки аһылык бэлэм.
Саха сирин олохтоохторун бука барыларын үүнэн эрэр Саҥа сылынан эҕэрдэлиибин!
Елизавета Мигалкина “Королевскай” салаата
Хомус норуоттар икки ардыларынааҕы киинин уонна түмэлин исписэлииһэ, суруйааччы Елизавета Мигалкина:
— Саҥа дьыл бырааһынньыга биһиги дьиэ кэргэҥҥэ улахан уратыта суоҕа буолуо дии саныыбын. Арай, оҕолор араас оонньуулары толкуйдаан оонньотоллор. Холобура, дьиэ иһигэр эриэхэ кистииллэр. Бэриллибит бириэмэҕэ төһө кыалларынан элбэх эриэхэни булуохтаахпыт. Аны харахпытын баайан бары хаар киһини уруһуйдуубут. Тымныыны, хаары аахсыбакка кыһыҥҥы сынньалаҥҥа болуоссаттарга баран сыыртан сырылыыбыт, саһа оонньуубут.
Ханнык баҕарар дьиэ кэргэҥҥэ курдук бырааһынньыктааҕы остуолбутугар араас аһылыгы астыыбыт. Онтон саамай минньигэс уонна улахан бириэмэни эрэйбэт “Королевскай” диэн ааттаах салаат ырысыаба маннык.
Убаһа этин, хортуоппуйу, минньигэс биэрэһи уһун синньигэс гына бысталаан баран, тууһа суох тус-туспа ыһаарыланар. Буспутун кэннэ чеснок, соевай соус, майонез булкуйан кутуллар. Бу судургу эрээри, олус минньигэс салаат.
Сахам сирин дьонугар, биир дойдулаахтарбар үүнэр сылга үтүөнү, үгүс үөрүүлээх умнуллубат түгэннэри баҕарабын!
Бэлэмнээтэ Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: Варя Аманатова, Наталья Бубякина, Елизавета Мигалкина тус архыыптарыттан уонна afisha.ru/restaurant-news