Саҥа дьыллааҕы сандалы: Диетологтар сүбэлэрэ

Бөлөххө киир:

Саҥа дьылы хайдах көрсөҕүн да, сылы оннук атаараҕын диэн өйдөбүл баар. Дьэ, ол иһин хаһаайкалар туох баар хаһаастарын таһааран, остуол хотойорунан ас астаан түбүгүрэллэрэ. Күнү быһа биэдэрэнэн бэрэски, таас муҥунан салаат астаан баран, киэһэ сылайан хаалаллара баар суол. Ол эрээри, остуолга биир тэриэлкэ миэстэтэ хаалбат буолуор диэри бүлүүдэ симиллэр үгэһэ билигин тохтоон эрэр.

Аныгы үйэ хаһаайкалара олус элбэх аһы астаабакка, үчүгэй, миннигэс, сэдэх соҕус бүлүүдэлэри астаан баран, остуолларын уратытык киэргэтэр буоллулар. Эрэстэрээҥҥэ курдук, астарын кэмигэр аҕалан, хомуйан иһэллэр, оччотугар киһи ас амтанын билэр, олус элбэҕи аһаабат, симтибэт.

Чахчыта, Саҥа дьыл түүн олус элбэҕи, сыалааҕы-арыылааҕы, майонезтаах салааттары сииртэн, арыгы иһэртэн киһи куртаҕа, үөһэ, нооро, быара, оһоҕоһо олус ноҕуруускаланаллар. Кэнники бу киһи панкреатит, холецистит, гастрит курдук ыарыылара хайдах үөскээбиттэрэй дии саныыр. Бырааһынньыктарга бу маннык сиэрэ суох симинэртэн, арыгы иһэртэн бу уорганнар үлэлэрэ кэһиллэрин, иһии-иһэлийии барарын кини сэрэйбэт, көннөрү “өлөттөрдүм” дии саныыр. Хас да маннык “өлөттөрүү” кэнниттэн, ыарыы үөскээтэҕэ ол.

Дьэ, онон, бырааһынньыкка да сатаан аһыырга үөрэниэххэ наада эбит. Диетологтар, гастроэнтерологтар, эндокринологтар онуоха тугу сүбэлииллэр эбитий?

Ас буһарар ферменнэри умнумаҥ”

Ирина Потянова, диетолог, нутрициолог, гастроэнтеролог-быраас:

— Элбэҕи аһыах иннинэ, ас буһарар ферменнэри умнумаҥ (“Креон”, “Мезим”, “Панреатин”, о.д.а.). Саҥа дьыл саҕана балыыһаҕа дьуһуурунайдыыр эрдэхпинэ, олус элбэх киһи панкреатита бэргээн, киирэрэ.

Арыгы дьаатын намтатар туһуттан:

Сарсыарда уонна күнүс NAC (ацетилцистеин), эбэтэр аптекаттан “Флуимуцил” ылан иһиҥ. Магний глицинат/малат көрүҥнэрин (400 мг), цинк пиколинат көрүҥүн (30 мг) истэххэ, көмөлөөх. Цинк арыгыны араарар алкогольдегидроназа фермент састаабыгар киирсэр. С битэмиини (500-1000 мг), В битэмииннэр комплекстарын (ыраастаныыны түргэтэтэллэр) иһиҥ.

Арыгыны иһиэх 40 мүнүүтэ иннинэ янтарнай кислотаны (метаболизмы түргэтэтэр), эбэтэр сукцинаты, лимонтары, ону тэҥэ, оборон таһаарар сорбеннары иһиҥ. Янтарнай кислота табылыаккатын бүтүннүү ыйыһыннахха, куртах салыҥын алдьатыан сөп, ол иһин тыл анныгар эмэн сиир ордук.

Бырааһынньык кэмигэр сыаны араарар липазалаах ферменнэри (“Креон”, “Пангрол”, “Микразим”, о.д.а.) иһиҥ.

Сарсыҥҥы күнүгэр туругу тупсарар уонна токсиннары таһаарар туһуттан:

— сарсыарда уонна күнүс NAC (ацетил-цистеин), цинк, магний, В битэмииннэри, янтарнай кислотаны (биирдэ иһэргэ 400 мг, чаас аайы 100 мг иһэргэ барыта 600 мг тахсыа суохтаах), сорбеннары (“Смекта”, “Полисорб”, “Энтеросгель”, “Зостерин-ультра”) иһэр үчүгэй. Ону тэҥэ, күнү быһа минеральнай уу (гидрокарбонатнай-магниевай “Донат”, “Нарзан”, “Ессентуки”) көмөлөөх.

Янтарнай кислота аһы сыаҕа кубулуппат”

Илья Магеря, эндокринолог-быраас:

— Ноорго көмөлөһөргө хайаан да ас буһарар фермент наада! Хатыҥ чоҕо (активированный уголь) “спецназ” курдук үлэлиир – арыгыттан сүһүрүүгэ, өлөттөрүүгэ, оһоҕос буккулуннаҕына, аллергияҕа. Ыйааһыҥҥыт хас 10 киилэтигэр 1-дии табылыакканы иһэҕит.

Янтарнай кислота – хас биирдии килиэккэҕэ эниэргийэ үөскүүрүн хааччыйар. Онон аһаабыт аскыт сыаҕа кубулуйбакка, эниэргийэ буолан тахсарыгар көмөлөһөр. Аһыы олорон, хас 4 чаас аайы 1-дии табылыакканы эмэн сиигит.

С битэмиин — Саҥа дьыллааҕы сандалыга маанылаах ыалдьыт. Арыгы С битэмиини күүскэ суурайан таһаарар, онтон бүөр былчархайдара, соҕуо былчархайа, иммуннай систиэмэ эмсэҕэлииллэр. Бу күн 2000 мг иһиэххэ сөп (5-6 дуозаҕа арааран). Бороһуогу ууга суурайан иһэр ордук.

 

Клетчатка аһы буһарарга көмөлөөх”

Евгения Назимова, гинеколог-эндокринолог:

— Бырааһынньыкка киһи туттунар аһын хааччаҕа суох аһаан кэбиһэр. Ол кэнниттэн туруга мөлтүүр уонна ыйааһына эбиллэр. Хайдах гынан, искэ-үөскэ буортута суохтук аһыахха сөбүй?

Баабыр сылын көрсөргө остуолга эттэн, балыктан бүлүүдэлэр бааллара үчүгэй. Белок организмҥа олус наадалаах уонна онтон киһи уойбат. Ол эрээри, олус элбэх эти-балыгы, сымыыты уорганнар буһараллара ыарахан, ордук быарга-бүөргэ охсуулаах.

Ол иһин белоктаах аһы сэргэ элбэх клетчаткалаах оҕуруот аһа баар буолуохтаах: күөх үүнээйилэр, оҕурсу, помидор уонна тууһаммыт хаппыыста (оһоҕос микробиотатыгар туһалаах пробиотик). Сиикэй оҕуруот аһыттан салааттары оливка, лүөн, кунжут арыыларынан тумалааҥ. Клетчатка буортулаах, сыалаах бородуукталар буһалларын бытаардар, ис-үөс уорганнарыгар көмөлөһөр. Оччотугар, хааҥҥа инсулин уонна саахар таһыма бытааннык үрдүөҕэ.

Маҕаһыынтан ылан бэлэм майонеһы туһанымаҥ, бэйэ оҥорбута ноорго, үөскэ буортута кыра буолар.

Бырааһынньыктар кэмнэригэр эти-сиини ыраастанарга элбэх ыраас ууну уонна минеральнай ууну иһиэххэ наада. Муоруска саахар кутар оннугар топинамбур сиробун, саахары солбуйар стевияны туһаныҥ. Пакеттаах суокка бүтүн ыстакаан кэриҥэ саахар баар, ол иһин бу утаҕы уунан убатар ордук. Тоҕо диэтэр, элбэх саахар хааҥҥа инсулины, саахары үрдэтэр, организмҥа иһиини-иһэлийиини үөскэтэр, иммунитеты баттыыр.

Остуолга олорон бурдук аһы сии сатаамаҥ – элбэх углевод, клейковиналаах маҕан бурдук баар, ол куртахха ыарахан. Минньигэс бурдук аһы сиэххитин олус баҕарар буоллаххытына, бу иннинэ оҕуруот аһыттан салааты, күөх үүнээйилэри сиэн баран, торду амсайыаххытын сөп. Киэһэ, түүн элбэх хара чэйи, кофены иһии сүрэҕи ноҕуруускалыыр, утуйарга да мэһэйдиир.

Аһаан баран, хайаан да таһырдьа тахсан хаамыталааҥ, үҥкүүлээҥ, хамсаныҥ! Бүгүн эрэ ас баарын курдук олус симтэр, эбиитин арыгыны иһэр доруобуйаҕа буортулааҕын умнумаҥ. Бырааһынньыкка элбэхтик үөрүҥ-көтүҥ, ыллааҥ-туойуҥ, күлүҥ-салыҥ, оонньооҥ, оччоҕо болҕомтоҕут аска эрэ тардыллыа суоҕа.

Быарга, үөскэ көмөлөһүү

Елена Труфилова, нутрициолог:

— Бырааһынньык буолуо 3 күн инниттэн үөс тахсарын хааччыйабыт. “Артишок”, “Хофитол” эмтэри ылан иһэҕит. Үөстэригэр таастаах дьон сибиэһэй артишогу ылан сиэхтэрин сөп. “Донат” минеральнай ууну күҥҥэ иккитэ-үстэ аһыах 30 мүнүүтэ иннинэ ыстакаан үс гыммыт биирин истэххэ, үөс тахсарын хамсатар.

Артишок быарга олус көмөлөөх үүнээйи. Киниэхэ цинарин диэн эттик баар, ол быартан токсиннары, шлактары, ыарахан металлары таһаарарга көмөлөһөр, уорганы харыстыыр. Элбэх битэмииннээх, минераллаах. Белогу, сыаны буһарарга көмөлөөх, оһоҕоско гаас үөскүүрүн тохтотор.

Бырааһынньык буолар күнүгэр сарсыардааҥы аһылыкка хараҥа от күөх өҥнөөх үүнээйини (зелень) сиир ордук – быартан арыгы токсиннарын таһаарарга көмөлөһөр уонна глутатион диэн эттиги оҥорор. Киэһэ аһыах иннинэ лимоннаах сылаас ууну, имбиир кыра куһуогун ыстыыр үчүгэй. Үөскэ таас суох буоллаҕына, “Аллохол”, “Хофитол” эмтэри иһиэххэ сөп. Аһыыр кэмҥэ ферменнэри иһиллэр.

Сарсыҥҥы күнүгэр ньээм-ньээм силиһин, хаарыйар оту (крапива), корицаны уонна куркуманы кутан, чэй оҥостон иһиҥ. Бу күн таһырдьа тахсан хаамыталыыр, баанньыкка сылдьар туһалаах. Артишогу ыйы быһа иһиэххэ сөп.

 

Тускар туһан

Креветкэлээх оливье

Оҕурсу – 1 уст.;

Авокадо – 1 уст.;

Сымыыт – 3 уст.;

Креветка, эбэтэр тууһаммыт форель – 200 гр.;

Күөх горошек – 100 гр.

Дьиэтээҕи майонез.

Барытын кырбаан баран, майонеһы булкуйабыт. Дьиэтээҕи майонеһы маннык оҥоробут: кешью, эбэтэр подсолнух сиэмэтин түүнү быһа лимон суогунан аһытыллыбыт ууга уган сытытаҕыт. Сууйан баран, блендергэ 2 ч.нь. хартыыһаны, лимон аҥаарын суогун, биирдии кымаах тууһу, биэрэһи, куркуманы, чеснок 1 өлүүскэтин кытары, эрийтэрэҕит. Бу олус туһалаах майонез, тума буолан тахсар. Халадыынньыкка 2 хонук туруон сөп.

ПП-майонез

Хартыыһа — 1 ч.нь.

Натуральнай йогурт – 1 уст.

Буспут сымыыт уоһаҕа – 3 уст.

Оливковай арыы – 1 ост.нь.

Лимон суога – 1 ч.нь.

Чэпчэки “оливье”

Хортуоска – 5-6 уст.

Куурусса этэ – түөһэ уонна буута,

Сымыыт – 4-5 уст.

Моркуоп – 1-2 уст.

Сибиэһэй оҕурсу – 1-2 уст.

Горох – бааҥка аҥаара.

Сүөгэй (чөчөгөй), туус, специя.

Моркуобу, хортуосканы буһаран баран, кырбыыгыт. Буспут эти, сымыыты, оҕурсуну кырбаан, барытын кутан булкуйаҕыт. Туустаан, чөчөгөйдөөн баран, туруора түһэҕит.

Арыгыта суох “сампаан”

Арыгы испэт дьон маннык утаҕы оҥостон иһиэхтэрин сөп эбит. “Мохитоҕа” майгынныыр утаҕы оҕолор да сөбүлүөхтэрэ. 1-1,5 лиитирэ гаастаах ууга лимон аҥаарын, лайм аҥаарын кырбаан, мята сүүмэҕин, 2 ч.нь. мүөтү кутан, булкуйан баран, үчүгэйдик хаппахтаан, халадыынньыкка 15-20 мүнүүтэ туруора түһэҕит.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: mageriya.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0