Саҥа дьылы көрсүү өрүү долгутуулаах. Тоҕо диэтэххэ, икки сыл алтыһар кирбиитигэр киһи ааһан эрэ сылга тугу ситиспитин, туохха таппытын эбэтэр сыыспытын барытын ырытан-ырыҥалаан көрөр итиэннэ үүнэр Саҥа дьылга онно тирэҕирэн саҥа былааннарын олоххо киллэрэр, ааспыт алҕастарын хатылаабат сыалы туруорунар. Сахаҕа сыһыана суох Эбисийээнэ сыла эриэ дэхситик ааста, аны өҥөй Бөтүүк сыла үүнэр. Буолаары буолан, Уоттаах Бөтүүк сыла. Онон, Саҥа дьылы көрсөр сандалыбыт сылбыт бэлиэтигэр сыһыаннаах буолуохтаах.
Сыл бэлиэтэ тугу сөбүлүүрүнэн
Бөтүүк дьиэ көтөрө, Саха сирин булбута ыраатта, билигин өрөспүүбүлүкэҕэ көтөрү иитэр фабрикалар Дьокуускайга, Нерюнгрига уонна Ньурбаҕа бааллар, ону таһынан биирдиилээн иитэр ыал элбэх. Онон, биһиги бу көтөрү кытары илбит-эйэбит улахан уонна сибиэһэй сымыыты, көтөр этин бары олус таптыыбыт.
Бу сүрдээх өйдөөх уонна оттомноох көтөр майгытынан судургу, көнө эрээри, кини да тыынар тыыннаах буоллаҕа, кыратык киэмсийэрин, өҥнөнөрүн сөбүлүүр. Ити иһин, саҥа 2017 сылы көрсөр остуолбут аһа-үөлэ онно сөп түбэһиннэрэн, судургу эрээри, чаҕылхай өҥнөөх бүлүүдэлэрдээх буолуохтаах. Онуоха бөтүүк, эгэ, куурусса дуо, этиттэн астаммыт бүлүүдэ суоҕа ордук. Саҥа быган эрэр сылы өһүргэтэр куһаҕан.
Иккиһинэн, бөтүүк сибиэһэй эрэ аһы таптыыр. Билээччилэр бырааһынньык киэһэ фабрикат аҥардаах аһы-үөлү уонна кэнсиэрбэлэммит астары төрүт туттубакка сүбэлииллэр. Быһата, остуолбут аһа-үөлэ төһөнөн дэлэй уонна сибиэһэй буолар да, соччонон үчүгэй, өҥөй Бөтүүк санаатын төһөнөн табабыт да, ол соччонон бэйэбитигэр алгыс буолан эргиллэр үһү…
Бөтүүк туорахтаах култууралары ордук сөбүлүүр эрээри, сандалыбыт аһа-үөлэ наар эбиэс, ньэчимиэн туораахтара уонна куруппалар эрэ буолуохтаахтар диэн ким да эппэт. Тоҕо диэтэххэ, кууруссалар фруктаны, күөх үүнээйини эмиэ бэркэ таптаан табыгынаталлар.
Уйа оҥорон манньытыахха
Сыл бэлиэтигэр болҕомтону уурары итиэннэ кини төрүөҕүн туһугар кыһанары көрдөрөн, “Куурусса уйата” салааты оҥорон, остуол хабыллар хаба ортотугар туруоруллар.
Наада: 500 г сүөһү тыла, 200 г фри хортуоппуй, 150 г Голландия сыыра, икки-үс өлүүскэ чочунаах, түөрт-биэс устуука салаат сэбирдэҕэ, үс эриэппэ луук, икки тууһаммыт оҕурсу, 0,5 лиитэрэлээх бааҥнаҕа кэнсиэрбэлэммит үрүҥ тэллэй, укуруоп, петрушка.
Тылы буһаран, синньигэс гына кырбыыбыт, луугу мас арыытыгар ыһаарылыыбыт. Тэллэйи, оҕурсуну кубиктыы быһабыт, чочунааҕы илдьиритэбит, сымыыты бүтэйдии буһаран үрүҥүн, уоһаҕын араарабыт, сыыры теркалыыбыт, күөх туманы бытархай гына кырбыыбыт.
Бастаан сымыыт уоһаҕын, сыры уонна күөх туманы майонезка булкуйан, кыра сымыыттары бэлэмнээн туора уурабыт. Салгыы салааппытын оҥоробут: тэриэлкэҕэ салаат сэбирдэхтэрин тэлгэтэбит, ол үрдүнэн кырбаммыт тылы, сымыыт үрүҥүн, оҕурсуну, сыыры, хортуоппуйу тус туһунан араҥалаан уурабыт. Хас араҥа ахсын майонезтаан иһэбит. Үрдүнэн күөх тумалары таммалатабыт, сымыыттары уурабыт. Майонеһынан биир-икки кууруссаны оҥоробут.
Харталаах салаат
Сылгы иһэ, хартата хайа да остуол маанылаах аһа диэтэҕиҥ. Хартаны бэйэтин эрэ сиири ыарырҕатар буоллахха, салаакка булкуйан туспа бүлүүдэни оҥоруллар.
Буспут хартаны, кыһыл уонна араҕас өҥнөөх Болгария биэрэһин, туустаах оҕурсуну, эриэппэ луугу солуомкалыы бысталаан булкуйабыт, сөбүн көрөн укуруоптуубут, туустуубут уонна мас арыытын кутабыт.
“Эр үөрүүтэ” салаат
Астанара түргэн эрээри сүрдээх амтаннаах, тотоойу бүлүүдэ. Күүстээх аҥардарбыт төрүт сириэхтэрэ суоҕа.
Наада: 100 г буспут ынах этэ, 100 г сибиинньэ этэ, 100 г ыыһаммыт эт, 100 г кытаанах сыыр, икки устуука помидор, хас да сэбирдэх салаат, биир чаайынай ньуоска хартыыһа, биир устуука лимон, үс чаайынай ньуоска мас арыыта, туус, биэрэс.
Эти синньигэс гына быһан эбэтэр сааһынан арааран, сыры уонна помидору солуомкалыы кырбаан, холбуубут. Хартыыһаны, биэрэһи, мас арыытын уонна лимон симэһинин ыган, барытын булкуйан, тума оҥоробут. Улахан хаптаҕай тэриэлкэҕэ салаат сэбирдэҕин тэлгэтэн, помидордаах эппитин уурабыт, үрдүнэн туманы тарҕата кутабыт. Салаат бэлэм.
Сүөгэйинэн ситэрэн
Үрүҥ ас сахалар төрөөбүт аспыт. Онон даҕаны итиэннэ бөтүүк дьиэ көтөрө буолан, сүөһүнү кытары биир хотоҥҥо иллээхтик кыстыырынан, бүгүҥҥү сандалыга үрүҥ ас хайаан да баар буолара ирдэнэр. Ол – сүөгэй, чөчөгөй, күөрчэх, көбүөрдээх лэппиэскэ, тоҥ күөхчэр, тоҥ көбүөр, кымыс, быырпах, оҕолорго мороженай уо.д.а. Үрүҥ ас биир көрүҥүн, сыыры, араастаан быһан-отон, нэлэгэр тэриэлкэҕэ киэргэтэн ууруохха.
Эти уонна тоҥ балыгы эбэн
Тыый, этэ суох туох бырааһынньыга бырааһынньык буолуой? Ити эрээри, быйылгы Саҥа дьыл киэһэ эппиппит курдук, бөтүүк, эгэ, куурусса дуо, этэ төрүт ууруллубат. Ынах сүөһү, сылгы, убаһа этин, иһин-үөһүн, быарын, хаанын төһө баҕарар сиэххэ сөп. Олору хайдах астыыры хаһаайка барыта билэр-сатыыр.
Утахтарынан байытан
Бырааһынньык остуолугар утахтар олохсуйбут бэрээдэгинэн ууруллаллар. Холобур, банкет иннинэ ыалдьыттарга утаҕы ханнарарга, аһамньыны көтөҕөргө анаан бодунуоска ууран, аператив бэриллэр. Ол маслинаны, буспут миндалы, бичиэнньэни, канапены кытары кыра кыраадыстаах вино, шампанскай, коктейль уонна утахтар буолаллар.
Отон муоруһун, уопсайынан кыраадыһа суох утахтары 8-10 кыр. диэри сойутан, купсууҥҥа кутуллар. Балыкка, балыктан итии аска — лимон, алыча суоктара уонна газтаах утахтар, эккэ — томат, дьаабылака, гранат, виноград, слива, моонньоҕон утахтара уонна кыбаас, десерткэ — газтаах, минньигэс фруктовай суоктар барсаллар. Кыраадыстаах утахтартан ким тугу сөбүлүрүнэн көрөн (үрүҥ арыгы, коньяк, сухуой вино итиэннэ хайаан да шампанскай) сокуусканы кытары бииргэ туруоруллаллар. Онуоха бытыылкалар этикеткэлэрин ыалдьыттар диэки хайыһыннарыллар, штопорынан арыйыллааччылары эрдэ арыйыллар.
Чэйиҥ эрэ доҕоттоор! Аскытын-үөлгүтүн остуолгутугар тардан кэбиһиҥ. Хурустаалгытын, фужергытын таһаартааҥ. Электролаампаны араарыҥ уонна чүмэчитэ уматыҥ… Саҥа дьыллааҕы таайтарыылаах, элбэҕи кэтэһиннэрэр, алыптаах киэһэ саҕаланна! Өҥөй Бөтүүк сыла барыбытыгар үтүөнү тосхойдун!
Раиса СИБИРЯКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru