Саҥа дьылга тугу бэлэхтиибит? (сүбэ)

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саҥа дьыл чугаһаатаҕын ахсын чугас дьоммутугар, доҕотторбутугар бэлэх көрдөөн “аан дойдуну” барыыбыт. Кэлэр сылга итини бэлэхтиир табыллыбат, бу көҥүллэммэт диэн араас суруллубатах “сокуоннар”, “быраабылалар” үксээн иһэллэр.  Маннык түгэҥҥэ тугу бэлэхтиибит?

edersaas.ru

Бэлэх оҥорор туспа наука, психология туспа салаата дииллэр эбит. Ол эрээри, туох даҕаны диэбиттэрин иһин, чугас киһиҥ туох бэлэҕи туттаҕына үөрүөн, сэрэйэн да билэр буоллаҕыҥ. Ким эрэ массыынаны, бриллианнаах биһилэҕи да бэлэҕинэн ааҕымыан сөп, оттон ким эрэ көннөрү уруучука да туттаҕына сири билбэт буола дьоллонуо.

Туһата суох бэлэҕиҥ быыллыйа сытыаҕынааҕар, күннээҕи олоххо туттуллар, көрөн күннэтэ үөрэр кыра да бэлэҕи ууммутуҥ ыыра ордук. Ол эрээри, илии таһынан, “ити да барсыа” диэн санаанан салайтарар эмиэ сыыһа дииллэр.

Новогодние подарки для детей

Бэлэх туһунан маннык уопсай сүбэлэри туһаныаххытын сөп:

  1. Саҥа дьыллааҕы бэлэх олус сыаналаах буолуо суохтаах
  2. Сыаналаах бэлэхтээҕэр, дьиибэ бэлэх ордук
  3. Күлүүлээх, нууччалыы эттэххэ “креативнай” бэлэҕи бэһиэлэй хараахтардаах дьон ордороллор
  4. Тапталлааххытыгар оҥорор бэлэххитин кыратык романтикалыыргытын умнумаҥ
  5. Бэйэҥ сөбүлүү көрбүт малгын бэлэхтиир киһиҥ сөбүлээмиэн эмиэ сөп
  6. Өскөтүн үчүгэйдик билбэт киһигэр бэлэх оҥорор, кини тугу сөбүлүүрүн билбэт буоллаххына “универсальнай” бэлэҕи атыылас
  7. Оҕо таҥастааҕар оонньууру ордорор.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0