2017 сыл – Кыһыл Бөтүүк сыла
Сыллары зодиагынан, кыылларынан араарыы Кытайга үөскээбитэ. Быйыл Бөтүүк сыла кытай халандаарынан тохсунньу 28 күнүгэр саҕаланар уонна 2018 сыл олунньу 15 күнүгэр түмүктэнэр. Саҥа дьылы көрсүү халлааҥҥа ый хаамыытынан, сыл аайы уларыйа сылдьар. Кытайдар Саҥа дьылы 15 күн устата бырааһынньыктыыллар, 7 күн өрүүллэр. Эрдэттэн дьиэлэрин хомуйаллар, эргэ малларын быраҕаллар. Дьиэлэрин кыһыл өҥнөөх фонариктарынан, оонньуурдарынан, мандариннарынан киэргэтэллэр. Ахсаана хайаан да 8 буолуохтаах.
Илиҥҥи халандаар өйдөбүлүнэн, Бөтүүк — уларыйыы, саҥа саҕалааһын бэлиэтэ. Бөтүүк сыалын ситиһэр, дьулуурдаах дьоҥҥо көмөлөһөр.
Өндөй Бөтүүк киһиргэс, ордуос соҕус майгылаах, ол эрээри, түргэнник аһарынар, үтүө санаалаах. Кэрэни кэрэхсиир, дьиэ кэргэнигэр олус бэриниилээх. Онон үүнэр сылга дьону кыыһырсыбакка буола сатааҥ, чугас дьоҥҥутугар болҕомтоҕутун ууруҥ.
Хас биирдии дойдуга, аан дойдуга барытыгар, 2017 сыл тосту уларыйыылары аҕалыа. Бу хас биирдии киһини эмиэ таарыйыа.
Бэлэмнэнии үөрүүтэ
Саҥа дьылы көрсөргө эрдэттэн эрдэ бэлэмнэммит ордук. Бу сыллааҕы түмүгү таһаарар, инникини торумнуур аптаах кэм.
Ыскааптары ыраастыыртан саҕалаан, дьиэҕитин хомуйбутунан барыҥ. Дьиэ үрдүн, истиэнэтин сотон ылыҥ. Өр кэмҥэ туттуллубатах, алдьаммыт маллары быраҕан иһиҥ. Ол аата эргэрбит эниэргийэни быраҕан, саҥаҕа суол арыйаҕыт.
Докумуоннаргытын, көмпүүтэргит иһин сааһылааҥ. Сыл устата оҥоһуллубакка, соһуллан кэлбит дьыалаларгытын үмүрүтэ сатааҥ. Хас күн аайы былаан оҥостон, биирдии дьыаланы бүтэриҥ. Эһиилги сылга соһуллан баран, эниэргийэҕитин “сии” сытыахтара.
Киэһэ ахсын оҕолоргутун кытта харыйа оонньуурдарын, аккырыыккалары оҥоруҥ, дьиэ кэргэн истиэнэ хаһыатын уруһуйдааҥ. Күн аайы анал мөһөөччүккэ кыра бэлэх (кэмпиэт, ыас, о.д.а.) уган истэххитинэ, оҕолоргут олус үөрүөхтэрэ. Бу дьиэ кэргэн иһинээҕи сыһыаны тупсарыа, Саҥа дьыллааҕы настарыанньаны аҕалыа.
Хайдах көрсөбүт?
Саҥа дьыл киэһэтин быйыл хайаан да дьиэ кэргэн сылаас эйгэтигэр көрсүөхтээххин. Хомойбут киһигин бырастыы гыныахтааххын. Кыһыл Бөтүүк сыла буоларынан, кыһыл, тэтэркэй, араҕас өҥнөөх таҥаһы кэтэн көрсөргө сүбэлииллэр. Өскөтүн, таҥаһыҥ атын өҥнөөх да буоллаҕына, кыһыл хаалтыс, куопта, о.д.а. баар буолара ордук. Кыһыл көмүс өҥнөөх киэргэллэри кэтиҥ.
Саҥа дьыллааҕы остуолга кууруссаттан, атын да көтөртөн астаммыт бүлүүдэ суох буолуохтаах. Салааттарга сымыыты туттуохха сөп. Эттэн, муора бородуукталарыттан астаммыт уонна хайаан да минньигэс бүлүүдэ баар буолуохтаах. Бөтүүккэ анаан туспа иһиккэ туорах бурдугу кутан ууруохха сөп. Харчы, баай-дуол баар буоларын туһугар, өлгөм фрукталаах вазаны ууруҥ. Остуолу чүмэчинэн, курустаал бэспиэһинньиктэринэн, тыыннаах сибэккинэн, куруһуба салфеткаларынан киэргэтиҥ.
Саҥа дьыллааҕы бит-билгэ
Саҥа дьыл түүнүгэр харыйа оонньуура алдьаннаҕына – баайга-дуолга. Кыра үлтүркэй – кыра дохуокка, бөдөҥ – улахан дохуокка. Үлтүркэйдэри харбаан быраҕаргар баҕа санааҕын этэргин умнума.
Саҥа миинньик – баай-тот олоххо. Кыһыл лиэнтэнэн баайан баран, тутааҕын аллара диэки, хороччу ууран кэбиһиҥ. Иэс бэриллибэт, бэйэҥ ылбыт иэскин төннөрүөхтээххин.
Кириэмил чаһыта охсор кэмигэр сиэпкэр харчылаах буолуохтааххын. Төһөнөн улахан – соччонон үчүгэй. Өссө таптыыр киһиҥ хаартыскатын сүрэҕиҥ чугаһыгар тутан турдаххына, тапталгыт күүһүрүө диэн билгэ баар. Бу кэмҥэ ытыртаххына – дьоллоох буолуоҥ.
Саҥа дьыллааҕы аһы быраҕыллыбат. Остуолга 12 бүлүүдэ баар буолуохтаах үһү. Бырааһынньыктааҕы остуолга хайаан да күлүүнү-үөрүүнү, оонньууну-көрү көҕүлүттэн тутуохтааххыт.
Үүнэр 2017 сыл эһиэхэ дьолу, үгүс ситиһиини тосхойдун!
Ангелина ВАСИЛЬЕВА, edersaas.ru