Саҥа дьылга арыгы атыыта хааччахтаныа дуо?

10.12.2021
Бөлөххө киир:

Дьон-сэргэ бары туоххаһыйа күүтэр Саҥа дьылбыт чугаһаата. Онно бэлэмнэнии хайыы-үйэ саҕаламмыта ыраатта. Ааспыт нэдиэлэҕэ хас биирдии улуус кииннэрин, нэһилиэктэрин болуоссаттарыгар кэрэтик симэммит харыйалар чаҕылыҥнас уоттара сандаара тыкпыта.

Ол эрээри, бырааһынньык бырааһынньыгынан, уһун сынньалаҥнаах  күннэргэ дьон-сэргэ аһыы утаҕы иһэрэ биллэр. Бу күннэргэ РФ Судаарыстыбаннай Дууматыгар куттал суох буолуутун уонна коррупцияны утары кэмитиэтин чилиэнэ Султан Хамзаев Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктарга  аһыы утаҕы атыылааһыҥҥа  хааччахтыырга этии киллэрдэ.

Кини: «Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктарга арыгыны элбэхтик  иһии түмүгэр,  биһиги нэһилиэнньэбит олоҕун-дьаһаҕын уонна, саамай сүрүнэ, доруобуйаларын туругун кэбирэтэр. Урбаанньыттары хонтуруолга ылан,  Саҥа дьыллааҕы  сынньалаҥ кэмигэр арыгы атыытын хааччахтыахха наада.   Маннык хабааннаах дьаһал ылыллара буоллар, нэһилиэнньэ доруобуйатын харыстааһыҥҥа улахан көдьүүһү оҥоруох этибит», — диэн быһаарбыта эмиэ да сөп курдук.

Нэһилиэнньэ Саҥа дьыллааҕы уһун өрөбүллэргэ дьиэлэригэр бүгэн олорботторун туһугар,
киинэҕэ, тыйаатырга, мусуойга, спортивнай  саалаларга босхо сылдьалларын курдук дьаһаныахха диэн эппитин элбэх киһи сэҥээрэ иһиттэ.

Дьон санаата

Марианна Васильева, Дьокуускай куорат олохтооҕо:

— Сөптөөх этии диэн сыаналыыбын. Саҥа дьыллааҕы уһун өрөбүллэргэ аһыы утаҕы  атыылыыры бобуохха баара.  Саха сирэ усулуобуйата тыйыһын бары бэркэ билэбит. Тохсунньуга олус тымныйааччы, дьэ бу кэмҥэ аһыы утаҕы иһэн баран, кыаммакка таһырдьа охтон, тоҥуу элбиирэ биллэр.  Онон ити хааччахтааһын киирэрэ буоллар, биир эмэ киһи олоҕун быыһыах этэ.

Максим Николаев, улуус олохтооҕо:

— Бары өттүнэн сөптөөх дьаһал диибин.  Аһыы утаҕы аһара иһэн суорума суолламмыт ахсаанын ааҕан да ситиэхпит суоҕа. Бу Саҥа дьыллааҕы уһун өрөбүллэргэ  тугу гыныахтарай, бэйэ-бэйэҕэ ыалдьыттаһыы, көрсүһүүлэр бөҕөлөр буолуохтара, ол аайы барытыгар атыы утах хайаан да баар буолар. Аны туран, түүннэри атыылыыр “туочукалары” нэһилиэк баһылыктара адьас кытаанах хонтуруолга ылыахтарын наада. Саҥа дьыл бырааһынньыктарыгар “туочукалар” күннүүллэрэ мэлдьэх буолбатах.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0