Саҥа дьыл саҕана Дьокуускайга тимир көлөнү уоруу үксүүр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Кэтэһиилээх бырааһынньыкка бэлэмнэнии, сүүрүү-көтүү кэмигэр атыы-эргиэн кииннэрэ, уоптабай баазалар толору массыына буола түһэллэр.

Түбүккэ сылдьар дьон массыыналарын хатыылларын умналлара элбиир, сорох дьон күлүүстэрин собуоттаммыт тиэхиньикэ иһигэр хаалларан барбыт буолаллар. Оннук түгэни уоруйахтар мүччү туппаттар.

Куһаҕан санаалаах дьон үксүн «Тойота» массыыналары уораллар. Үгэс курдук, кыра түннүгү алдьатан киирэллэр, оннооҕор гараас күлүүһүн алдьатан массыынаны илдьэ бараллар.

Онон тимир көлө сигнализациятын, уопсай туругун үчүгэйдик көрүнэ сылдьыҥ.

Угон буолар түгэнигэр Дьокуускай куорат полициятыгар эрийэн биллэриҥ: 02 эбэтэр 127, 47-35-69. Тыа олохтоохторо улуус дьуһуурунай чааһыгар биллэриэхтээххит.

Уоруллубут тимир көлө мааркатын, нүөмэрин, дьүһүнүн, туох уратылааҕын, сүппүт аадырыһын туһунан сиһилии кэпсиэхтээххит.

Сэрэхтээх буолун!

ИДьМ ГИБДД Саха сиринээҕи управлениета

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0