Саҥа дьыл — оҕо сааһым умнуллубат түгэнэ

Бөлөххө киир:

Хас биирдии киһиэхэ оҕо сааһыгар Саҥа дьылы көрсүү үөрүүлээх кэмнэрэ, бастакы харыйата, Тымныы Оҕонньору күүппүт долгутуулаах түгэннэрэ уо.д.а. умнуллубаттар. Сыл-хонук аастаҕын аайы өссө күндүтүйэр ити түгэннэр дууһаҕын манньыталлар, сүрэххин өрүкүтүллэр.

edersaas.ru


Ираида ГАВРИЛЬЕВА, офтальмология өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһатын кылаабынай бырааһын тэрийэр-методическай, клинико-экспертнэй үлэҕэ, хаачыстыбаны сыаналааһыҥҥа солбуйааччыта:

— Саҥа дьыл чугаһаан истэҕин аайы оҕо сылдьан Саҥа дьылы күүтэр долгутуулаах кэмнэрбин саныыбын.
Кэтэһиилээх Саҥа дьыл бырааһынньыга кэлиэн иннинэ төрөппүттэрбин, убайбын кытары ойуурга баран, тобукка диэри сымнаҕас хаары тэпсэн, саамай кэрэ, үчүгэй  харыйаны көрдүүрбүт. Улахан эппиэтинэстээх оруол миэхэ тиксэрэ. Ол эбэтэр, дьиэҕэ сандаара тыгыахтаах лаглайбыт харыйа маһын ойуурга миэхэ таллараллара. Оччоҕо мин саамай улахан дьолго тиксибит курдук сананарым. Итини билигин дьиэ кэргэн бырааһынньыгын саамай ураты түгэнинэн сыаналыыбын. Тапталлаах кэргэммэр, оҕолорбор, сиэнчээммэр Саҥа дьыл бырааһынньыгын аайы ону салгыбакка, наһаа үөрэн, астынан олорон кэпсиибин.

Лена Маркова, Саха тыйаатырын артыыската:

— Оҕо эрдэххэ туох барыта ураты кэрэ буолар. Мин икки саастаах сылдьан көрсүбүт Сана дьылбын өйдүүбүн. Олус эрдэ тылламмыт буолан, хоһоону нууччалыы да, сахалыы да чабырҕаччы ааҕар үһүбүн.
Аны, 1983 сыл үүнэригэр, Ньурба улууһун Маар орто оскуолатын Сана дьыллааҕы бырааһынньыгар салааскаҕа соһуллан иһэрим эмиэ төбөбөр бэркэ хатанан хаалбыт. Онно анаан үөрэппит хоһоонум маннык этэ:
«Плывёт, плывёт кораблик,
Кораблик золотой.
Везёт, везёт подарки,
Подарки нам с тобой !».

Бу хоһоону эргэ дьиэбитигэр сарсыарда уһуктаат, ийэбин кытта ороҥҥо сытан, быыкаа кырыллан оноһуллубут кинигэттэн үөрэппиппит. Онно икки кутуйах грецкэй эриэхэни тыы оҥостон устаары сылдьаллара ойууламмыт этэ. Бу барыта — Саҥа дьыл туһунан саамай эрдэтээҥи уонна наһаа сырдык  өйдөбүлүм.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0