Саҥа Дьыл үүнэр түүнүгэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Сардаана Саҥа дьылы ханнык да бырааһынньыктан ордорор. Бу кини бырааһынньыга. Тоҕо оннугун, арааһа, тута таайдыгыт буолуо. Кини, ийэтэ этэринэн, саҥа дьыл үүнэр түүнүгэр, оруобуна Кириэмил чаһыыта түүн 12 чааһы охсо турдаҕына, төрөөбүт үһү.

Быраастар, сиэстэрэлэр  уон иккини көрсөөрү, ординаторскайга сүүрбүттэр. Хата, Сардаана ийэтэ Ксения этэҥҥэ быыһанар дьолугар, аҕам саастаах, бары ытыктаан Кирилловна диэн ааттыыр акушеркалара, бастакы оҕотун төрөөрү сытар эдэр кыыс аттыгар баар буолбут.

Ийэтэ Сардаанаҕа:» Кириэмил чаһыыта лыҥкыныырын кытта, эн ытаан бэбээрбитиҥ! Ыгыллан кып — кыһыл буолбут бып — быычыкайкаан киһини акушерка Кирилловна миэхэ көрдөрбүтэ диэн, түгэн көһүннэр эрэ, санатара.

Сардаана быйылгы Саҥа Дьылга сүүрбэ сааһын туолуохтаах, бэйэтэ саныырынан, кыракый үбүлүөй.

Соторутааҕыта биир бэйэтиттэн аҕа саастаах дьүөгэтин кытта нумерологка барса сылдьыбыта. Нумерологтара кэрэ бэйэлээх эдэркээн кыыс эбит. Хайдах эрэ гламурнай сурунааллар тастарыгар баар кырасаабыссалары санатар. Тэрбэччи көрбүт, уп — уһун кыламаннаах харахтаах, уруһууйдаан кэбиспит курдук сыыйыллаҕас хаастаах, дьылыгырас көнө уҥуохтаах, хас тарбаҕын аайы сиэдэрэйкээн оҥоһуулаах кыһыл көмүс биһилэхтээх, муп- муодунай таҥастаах кыыс оҕо кылааннааҕа! Аата Клеопатра диэн, били Египет сарыыссатын курдук. Нумеролог бастаан Сардаана дьүөгэтин ыҥырда. Феня төрөппүттэрэ биэрбит ааттарын олох сөбүлээбэт буолан, баҕар, ааккын уларыт диэҕэ диэн бүччүм санаалаах нумерологка кэлбитэ. Ону баара, Клеопатра эппит:» Бу эйиэхэ саамай сөптөөх аат. Бу аатыҥ эйигин дьолго баай — талым олоххо тиэрдиэ, бэйэҕиттэн 4 — 5 сыл аҕа, бэрт дуоспуруннаах уолга эргэ тахсыаҥ, 4 оҕону төрөтөн ыал бастыҥа буолуоххут». Инньэ гынан Феня нумеролог хоһуттан үөрэн -көтөн, кынаттаммыт курдук буолан тахсыбыта. Дьүөгэтэ дьоллонон тахсыбытыгар Сардаана, эмиэ эрэх-турах сананан, бэрт хорсуннук киирбитэ. Кыыс Сардаананы олох курдары көрөр курдук үһү, харахтара хайдах эрэ иччилээх баҕайытык батары көрөллөр эбит. Сардаана өйүгэр:”Таах сибиэ кэлэммин, аны тугу эрэ куһаҕаны этиэ диэн санаа “кылам” гынан ааспыт.

Клеопатра холку баҕайытык:

— Тоойуом, эн тоҕо куттанаҕын? Мин оннук кутталлаахпын дуо? Уоскуйууй уонна иһит мин тугу этэрбин. Эн эдэриҥ да бэрт эбит, бу саҥа үүнэр сылга сүүрбэ сааскын туолар эбиккин. Иннигэр эйигин киэҥ да киэҥ, сып-сырдык суол күүтэр. Саҥа дьыл үүнэр түүнүгэр тапталгын көрсүүһүгүн. Ол уол аата Сарыал диэн, эйигиттэн үс сыл аҕа. Иккиэн университекка үөрэнэр, Сэргэлээххэ олорор эбиккит. Дьиҥинэн, күн аайы көрсүһэр эбиккит да, бэйэ бэйэҕитин билсибэккит. Уол эйигин ыраахтан көрөн сөбүлүүрүн хайдах баччааҥҥа диэри сэрэйбэтиҥ эбитэй?

— Сөбүлүүр даа?

— Таптыыртан харах арахпат диэн өс хоһооно баар дии! Кини эйигин наар таптыыр харахтарынан көрсөр уонна атаарар эбит.

— Ким билэр,  мин оннук киһи баарын олох көрө да истэ да иликпин.

— Олох сотору кэминэн бэйэ бэйэҕитин булсуоххут уонна куруук бииргэ буолуоххут.

— Дьэ дьикти эбит! Хайалара буолуой?

— Саҥа Дьылы күүт. Түүн 12 чааһы, кини онно эн аттыгар баар буолуо!

Ити нумерологтыын көрсүһүү оруобуна биир ый анараа өттүгэр буолбута. Бүгүн ахсынньы 29 күнэ. Ол аата аны үс хонугунан Сардаана Сарыал диэн ааттаах тапталын көрсүөхтээх. “Ама, бу кырдьык буолуо дуо? Нумеролог тылыгар итэҕэйиэххэ сөп дуо? Чахчы Сарыал диэн ааттаах буолуо дуо, ол уол? — итинник да, атын да ыйытыктар Сардаананы үүйэ туталлар.

Кыыс саҥа дьыллыы өрүс уҥуор дойдутугар таҕыста. Үс күн кэтэстэххэ син уһун буолар эбит.

Сардаана бу сарсыарда туран, халандаар бүтэһик лииһин  — 31 чыыһыланы арыйда.

Хоһугар киирэн, сиэркилэ иннигэр туран:”Хаһан түүн 12 чаас буолар, Саҥа Дьылбыт үүнэр?» — диэн бэйэтэ бэйэтин кытта ботугураан кэпсэттэ.

— Хайа, Сардаанка, тугу ботугуруугун? Бэйэҥ бэйэҕин кытта кэпсэтэҕин дуу, тугуй?

— Ээ, суох, бэйэм таах.

— Тоойуом төрөөбүт күҥҥүнэн эҕэрдэлиибин! Кууһан ылан сыллаата.

— Сыл — хонук. Бүгүн  сүүрбэ сааскын туолаҕын. Бэлэххин паапаҥ кыра оҕо эрдэҕинээҕиҥ курдук, дьуолка анныгар ууруох буолбута.

— Мамочка, тугу бэлэхтиигит?

— Ээ, тоҕо эттэмий? Кистэлэҥ буоллаҕа дии!

— Чэ, буоллун даҕаны, кистэлэҥ буолара ордук. Маама, мин бүгүн тоҕо эрэ наһаа долгуйабын дии! Ол туохтан буолуой?

— Ии, оҕом сыыһа! Эн сааскар киһи тапталтан долгуйар буолара. Баҕар, бүгүн, Саҥа Дьыл киэһэ дьолгун, тапталгын көрсүөҥ.

Сардаана ийэтин түөһүгэр сирэйин кистээн, таалан турда уонна таайтарыылаах соҕустук:”Баҕар, буолуо”,- диэтэ.

Киэһэ аҕыс чаас саҕана оҕо сааһын доҕоро Оля киирдэ. Кыргыттар иккиэн оҥостон-симэнэн кулуупка тиийдилэр.

Кулууп киһи кырыы — кырыытынан, эдэр ыччат бөҕөтө. Дьон бары үөрбүт-көппүт сирэйдээх, таҥас-сап, туттуу-хаптыы мааныта!

Көмүс сарадах уоттарынан оонньоон, саала хабыллар хаба ортотугар кэрэчээн бэйэлээх дьуолка турар.Сардаана Олятынаан тас таҥастарын вешалкаҕа ыйаан баран, саалаҕа аастылар. Ол ааһан иһэн көрдөҕүнэ, тастыҥ убайа Олег ханнык эрэ кини бэлбэт уолунаан туох эрэ көрүдьүөһү кэпсэтэн , күлэ-үөрэ тураллар эбит.

Чугаһаан кэлбиттэригэр

Олег: “Сарыал, билсэн кэбис, бу мин балтым Сардаана дьүөгэтинээн Олялыын кэллилэр!”- диэн дорҕоонноох соҕустук билиһиннэрдэ. Онуоха ыалдьыт уол:”Ээ, мин Сардаананы билэбин, Сэргэлээххэ көрөөччүбүн,”- диэтэҕэ үһү!

Сардаана , хайдах эрэ ис — иһиттэн наһаа долгуйан:

— Оттон мин кинини билбэппин ээ, саҥа көрөбүн ,- диэтэ.

— Сардаана, Сарыал эмиэ Сэргэлээххэ эн уопсайгар олорор ээ.

— Баҕар, буолуо. Устудьуон элбэх. Олор быыстарыгар баарын өйдөөн көрө илигим буолуо.

— Оттон, дьэ, бүгүн үчүгэйдик билсиэххит буоллаҕа дии! Саҥа Дьылы бииргэ көрсүөхпүт. Таһырдьа сып-сылаас, былыт бөҕөтө, хата, таһырдьа күүлэйдиэхпит,- Олег быһааран кэбистэ.

Ити курдук Сардаана эмискэ баҕайы Сарыал диэн ааттаах уоллуун билистэ. Өйүгэр:”Били, Клеопатра кэпсээбит Сарыала буолуо дуо?”- диэн санаа охсуллан ааста.

Саҥа Дьыллааҕы биэчэри бары да астыннылар. Бастаан нэһилиэк баһылыга бар дьонун эҕэрдэлээтэ, бастыҥ үлэһиттэргэ актыбыыстарга грамота, бэлэх туттарда. Онтон “Саҥа Дьыллааҕы сулус” күөн күрэс ыытылынна. Сардаана соһуйуон иһин, били, Олег билиһиннэрбит Сарыала  “Саҥа Дьыллааҕы сулус” буолла! Барахсан, дьэ, мааны куоластаах уол эбит, “Кэрэтиэн, Саҥа Дьыл киэһэтэ” диэн сонун ырыаны ыллаата. Көстөр дьүһүнүнэн даҕаны  киһи хараҕар быраҕыллар уол эбит: уһун уҥуохтаах, бэйэтигэр сөрү — сөп эттээх-сииннээх, күлэ сылдьар арылхай киэҥ харахтаах; бэл бүрүчүөскэтэ да атын уолаттартан ураты. Сардаана, бэйэтэ да билбэтинэн, хараҕынан Сарыалы көрдүү турарыттан кыбыһынна. “Сарыал… Наһаа да сырдык, үчүгэй аат!” —  дии санаата. Кыысчаан хайдах эрэ ис-иһиттэн үөрүөн-көтүөн, ыллыан-үҥкүүлүөн баҕарда, сүрэҕэ күүскэ — күүскэ тэптэ.

Кулууп дириэктэрэ Светлана Михайловна сыанаҕа тахсан, мустубут дьону Саҥа Дьылынан эҕэрдэлээтэ уонна Эһээ Дьылы уонна Хаарчаананы көрсөн баран, бары дьиэлэригэр баран хаалбакка, салгыы көрү -нары көҕүлүттэн туталларыгар эттэ уонна “Саҥа Дьыллааҕы кафе” үлэлиирин туһунан биллэрдэ.

Түүн 12 чаас буолара 15 мүнүүтэ хаалбытыгар Сардаана Олялыын кафеҕа киирээри кэлбиттэрэ — Олег Сарыалынаан тураллар эбит.

— Хата, бу кэллилэр. Кыргыттар, кафеҕа киирэн миэстэтэ булан олоруоҕуҥ, диэн Олег ыҥырда.

Ас сакаастаатылар, бакааллары шампанскайынан толордулар. Сардаана Сарыаллыын  утарыта түбэстилэр, кыыс кыбыстан умса көрөн олордо.

Кириэмил чаһыыта 12 чааһы охсорун кытта:”Ураа! Саҥа Дьылынан, Саҥа Дьолунан!” — диэн эҕэрдэлэһии буолла. Сарыал , дьолунан туолбут тырымнас харахтарынан көрөн туран:”Сардаана, Саҥа Дьылынан! Мин эйигин таптаабытым өр буолла, эн бастакы кууруска киириэххиттэн ыла, ыраахтан көрөн таптыы сылдьыбытым!”- диэтэ.

Дьэ ити курдук гламурнай нумеролог Клеопатра Сардаана инники дьылҕатын уот харахха түстээбит эбит!

Елена Прокопьева.

Сүрүн хаартыска — file.liga.net

+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0