Саҥа дьыл киэһэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Кэллэ сырдык хаары ыһан,

Кыһыҥҥы кэрэ да киэһэ.

Алмаас уотун сандаарытан,

Ахтылҕаннаах Саҥа дьыл киэһэ.

Дьон-сэргэ үөрэр-көтөр,

Долгуйар вальс оргууйдук,

Чэпчэки хаардыы, ыл, көтөөр,

Чэй эрэ, тэлээриий, наҕыллык.

Маннык үтүө киэһэҕэ

Махтанабын эйиэхэ,

Эдэр сааспын эргиппиккэр,

Эрэл кыымын иҥэрбиккэр.

Андрей Мартынов-Дьулусхан.

Хаартыска: interectravel.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0