Тымныы Оҕонньор Дьууруй

Ааптар: 
08.12.2016
Бөлөххө киир:

Тымныы оҕонньордуун сэһэргэһии

Этнограф А.А.Саввин аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография мусуойун дириэктэрэ Юрий Толстоухов бу ааспыт сүүрбэччэ сыл устата улууска Тымныы Оҕонньор оруолун толорон кэллэ. Тоҕо уонна хайдах Тымныы Оҕонньорбуолбутун туһунан кини маннык кэпсиир:

Харыйаны туруорууттан саҕалаан

Үөрэҕи саҥа бүтэрбит эдэр исписэлиис “Айыллаан” Сынньалаҥ киинигэр ананан үлэлээбитим. Хас биирдии бырааһынньыгы элиэктириктэн саҕалаан дириэктэргэ тиийэ бары саба түһэн тэрийэрбит. Оччолорго, ити 1990-с сыллар иккис аҥардарыгар, киэргэтиигэ туттуллар матырыйаал олус кэмчитэ. Ону ол диэбэккэ, “Айыллааммытын” эҥин араас өҥүнэн чаҕылыйа оонньуур уоттаан-күөстээн, уоту тэйитэр таас саардары ыйаталаан, ойуулаан-дьарҕаалаан киэргэтэрбит санаабытыгар сүрдээх үчүгэй буолара.
Саҥа дьылы көрсөр тэрээһин харыйаны туруорууттан саҕаланар. Ону ыскамыайкалары хомуйан, саала ортотугар туруорабыт. Бу харыйабыт улуус киэнэ буолан, эппиэтинэс улахан. Ахсынньы 25 күнүттэн саҕалаан Эргэ Саҥа дьылга диэри турар, улуустааҕы дьаһаллар, тэрилтэлэр бырааһынньыктара, бэйэбит тэрийэр биэчэрдэрбит барыта манна ыытыллар.
Харыйаны туруорууга хас да сыл устата сирэй эппиэттээҕинэн ананан түбүгүрбүтүм. Үс миэтэрэттэн тахса үрдүктээх кырасаабыссаны симээһин туһугар уустуктардаах этэ. Төһөлөөх “хаар” кырыйыллыбыта, “сыап”, “ардах”, гирлянда оҥоһуллубута буолуой?
— Дьууруй харыйата бэйэтин курдук хап-хатыҥыр, — диэн күлсэллэрэ кэллиэгэлэрим.
Кэнсиэртэри ыытааччы буоламмын, саҥабын сөбүлээтэҕэ дуу эбэтэр сыанаҕа тахса үөрүйэх диэтэҕэ дуу (П.М.Решетников аатынан норуодунай тыйаатырга артыыстыыр этим), Саҥа дьылга бэлэмнэнэр мунньахха Сынньалаҥ киинин дириэктэрэ Валерий Герасимов Тымныы Оҕонньорбуоларга эппитэ. Дьэ ол кэмтэн ыла хас сыл ахсын кэриэтэ Тымныы Оҕонньорбуолан кэллэҕим.

Оҕо сааһым Саҥа дьыла

Хайа оҕо Саҥа дьыл кэһиитин мотуйаары Тымныы оҕонньору долгуйа күүппэтэҕэй? Кыра сылдьан мин даҕаны онтон туораабатаҕым. Тымныы Оҕонньор хантан эрэ наһаа ыраахтан, хаар-муус дойдутуттан айан бөҕөнү айаннаан кэлэр, биһиэхэ кэһиитин хампыат, бирээнньик аҕалар диэн өйдүүрүм. Детсаадка иитээччилэрбит оннук этэллэрэ уонна:
— Тымныы оҕонньорго ааҕан иһитиннэриэххит, үҥкүүлээн көрдөрүөххүт, — диэннэр ырыа-хоһоон бөҕөнү үөрэтэн, бэрт өртөн бэлэмнииллэрэ.
Чахчыта да алыптаах остуоруйа киэһэлэрэ этилэрэ ол Саҥа дьыл бырааһынньыктара. Оҕолор бары араас мааска кэтэбит, ким саһыл, ким куобах, ким мушкетер, итиэннэ симэммит харыйа тула тураммыт тэҥҥэ хаһыытыыбыт:
Биир-икки, биир-икки,
Дьуолка уота умайыый!
Саала уота ылыллар. Тула хабыс хараҥа буолар, онтон… харыйа уота сандаара түһэр! Туох суоҕуй ол харыйаҕа? Саабылалаах саллаат, куобахчаан, фантиктар, үөһэ биэс салаалаах кыһыл сулус. Хаарчааналыын сиэттиһэн, “тос-тос” тыаһыыр тайахтаах Тымныы Оҕонньор киирэн кэлэр. Кинилэри кытары харыйабыт тула хоробуоттуубут:
Лаглайбыт харыйачаан
Ойуур тыаҕа үүммүтэ,
Кыһын буоллун, сайын буоллун
Өрүү чээл күөх турбута…
Оскуолаҕа киирэн бараммын, учууталбыт Сүөдэр Смирников, бэйэтэ нууччалыы кыһыл хааннаах, толуу көрүҥнээх, лоп бааччы бөдөҥ саҥалаах киһи, уһун кыһыл сону уонна эмиэ оннук дьүһүннээх бэргэһэни, түөһүн тылыгар тиийэр бытыгы кэтэн киирэрин алҕаска көрөн кэбиһиэхпиттэн:
— Тымныы Оҕонньор диэн хантан эрэ ыраахтан кэлэр оҕонньор буолбатах, бэйэбит учууталбыт эбит, — дии саныыр буолбутум.
Хайа уонна улаатан өйдөнөн да истэҕим. Кэлин билбитим, били детсаадка эмиэ кини Тымныы Оҕонньорбуолар эбит. Онон Саҥа дьыл бырааһынньыга мин өйбөр-санаабар учууталбын кытары ситимнэммитэ. Билигин бэйэм Тымныы Оҕонньорбуоларбар наар Сүөдэр Сүөдэрэбис саҥарарын-иҥэрэрин, туттарын-хаптарын тутуһа сатыыр курдукпун.
Эҕэрдэ тыллаах, оонньуулаах,
сороҕор харах уулаах
Бырааһынньык барыта эрдэттэн оҥоһуллубут сценарий быһыытынан барар буолан, элбэх тылы саҥарбаппын. Детсаадтарга уонна оскуолаларга саалаҕа киирээт эҕэрдэлиибин, онтон олорон эрэрн оҕолор хоһооннорун, ырыаларын истэбин, Саҥа дьыллааҕы хоробуоту тэрийэбин, оонньотобун, сороҕор күрэхтэһиннэрэбин итиэннэ бастыҥ үөрэнээччилэргэ, ситиһиилээх ыспарсымыаннарга наҕараадалары туттарабын уонна кэһиибин биэрэбин. Биэриэм дуо, иитээччилэр уонна кылаас салайааччылара бэйэлэрэ бэлэмнээбиттэрин тарҕаталлар.
Улахан тэрээһиннэргэ, холобур улуус харыйатыгар, эҕэрдэм дьоҕус дакылааттаах буолар. Онно бу сыл туох түмүктэрдээх сыл ааһан эрэрин, биһиги Чурапчыбытыгар туох бэлиэ дааталар буолбуттарын, үлэҕэ-хамнаска тугу ситиспиппитин бэлиэтиибин уонна үүнэр сыл туох сыла буоларын этэн тураммын, улуус инники былааннарын туһунан билиһиннэрэбин, түмүкпэр өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабын.
Кэлиҥҥи сылларга ыалларынан сылдьабын. Тиэргэҥҥэ үктэниэхпиттэн, оруолбар киирэн дьиэҕэ:
— Һэ-һэ-һээй, һо-һо-һоой! — бөҕөнү түһэрэн киирэбин.
Оҕолор араастаан ылыналлар. Обургу саастаахтар көннөрү үөрэллэр-көтөллөр, детсаад оҕолоро ис сүрэхтэриттэн итэҕэйэллэр, оттон үстээхтэр уонна онтон кырачааннар тоҕо эрэ куттаналлар. Мэктиэтигэр чыпчылыйбат да буолаллар, хоһоон эрэ сах, барытын умнан кэбиһээхтииллэр, сороҕор ытаан маккырыыллар.

Көрүдьүөс да ханна барыай?

Хайа сыллаахха эбитэ буолла, улуус баһылыгын баалыгар эҕэрдэлээн бүтэн тахсан истим. Киэҥ саала буолан, хаамар сирэ уһун. Арай, кэннибиттэн дьоннор тоҕо эрэ күлсэ хаалаллар. Тахсарбын кытары:
— Ити туох ааттаах түргэнник хаамаҕыный, Хаарчаанаҥ сиппэккэ, кэннигиттэн сүүрэн сордонно, — дэстилэр.
Тымныы Оҕонньорбуолар туһугар түбүктээх. Эрдэттэн оҥостон, сирэйбин-харахпын кырааскаланан, таҥнан бэлэмнэнэбин. Тэрээһин туохтан эмит хойутаан саҕаланнаҕына, киирэр кэмим сороҕор тардыллан хаалар. Хатыҥыр буоламмын, көстүүммүн истээх сон таһынан кэтэбин, инньэ гынан, наһаа уһаатахпына, дьиҥнээх итиигэ-буһууга киирэбин. Мэктиэтигэр тыынар да салгын тиийбэт курдук буолар эрээри, таҥаспын устуом дуо? Бэл, бытыгы устан баран иккистээн кэтэр моһуоктаах.
Массыынаҕа киирэр-тахсар эрэйэ баар ээ – таҥаһым унньулуйбутугар эбии били, истээх сон таһынан кэппитим, хамсанарга-имсэнэргэ болгуо баҕайы, торуоскам туохха да баппат. Ол эрээри, итинник бытархайдары аахсыбакка туран эттэхпинэ, Саҥа дьылбын, оҕолор үөрэн мытырыспыт сирэйдэрин көрөрбүн куруук долгуйа кэтэһэбин.

Тымныы Оҕонньор быйылгы дакылаатыттан

Чурапчыга бу 2016 сыл улуус баһылыга Андрей Ноговицын дьаһалынан Мусуой сылынан биллэриллэн, биһиги туспутугар (мин улуус мусуойугар дириэктэрдиибин) сүрдээх үтүө түмүктэрдээх ааһан эрэр. Сорохтор “бэйэҕит бырайыак оҥорон илии баттаппыккыт буолуо” дииллэр да, Андрей Тимофеевич кыраайы үөрэтии, үйэтитии суолталарын үрдэтэр туһуттан итинник муударай быһаарыыны бэйэтэ ылыммыта.
Бастатан туран, “Пространство раритетов” бырайыагынан Ил Дархан гранын ыллыбыт, мусуой сайдыытын кэнсиэпсийэтэ оҥоһулунна, сүрүннүүр сүбэ тэрилиннэ итиэннэ нэһилиэктэр мусуойдарын сөргүтэргэ, урукку өттүгэр мусуойа суох нэһилиэктэргэ мусуойдары тэрийэргэ улахан хамсааһын таҕыста. Хатылытааҕы Көһөрүллүү мусуойа улуус мусуойун салаата буолла. Сыл устата “Нэһилиэк историята, сайдыыта – мусуой экспонаттарыгар” диэн нэһилиэктэр быыстапкаларын, элбэх кылаас чаастарын уо.д.а. тэрийдибит.
Ааспыт нэдиэлэҕэ мусуойу төрүттээбит биллиилээх этнограф А.А.Саввин төрөөбүтэ 120 сылынан өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай мусуойдарын күннэрэ буолан ааста. Ярославскай аатынан Хотугу норуоттар историяларын уонна култуураларын мусуойун, Габышев аатынан Национальнай художественнай мусуой, Ойуунускай аатынан Литературнай мусуой, Муусука уонна фольклор мусуойун итиэннэ Ньурба мусуойун үлэһиттэрэ быыстапкалардаах кэлэн кытыннылар.

Раиса СИБИРЯКОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0