Саҥа дьыл бырааһынньыгар анаан харыйаны хайдах кэрдиэххэ сөбүй?

18.12.2020
Бөлөххө киир:

Ахсынньыга бары Саҥа дьыл бырааһынньыгар бэлэмнэнии түбүгэр  түһэбит. Харыйаны туруоруу хас биирдии ыалга күүтүүлээх күндү түгэнинэн буолар. Ол эрээри, үгүс дьон тыыннаах харыйаны кэрдэн, Саҥа дьыл бырааһынньыгар киэргэл оностоору, айылҕаны алдьатар, хоромньуну оҥорор курдук саныыллар. Кырдьык, харыйа 10 сыл иһигэр 1,5 миэтэрэ эрэ улаатар.

edersaas.ru

Оттон биһиги санаабытыгар, оҥоһуу харыйа айылҕаҕа ордук элбэх буортуну оҥорор. Ол курдук, аҥаардас харыйаны онорон таһаарарга уонна атыыга анаан тиэйэн аҕаларга салгыҥҥа элбэх буорту­лаах дьайыылар бараллар. Ону тэҥэ, хайдах, туох матырыйаалтан оҥорон таһаараллара биллибэт. Оттон бу харыйабытын эргэрдэ диэн баран, бөххө таһааран  быраҕабыт.

Ол иһин, биһиги айылҕаҕа эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһарга ыҥырабыт уонна ойууртан хары­йаны сокуону кэспэккэ хайдах кэрдиэххэ сөбүн ­быһаарабыт.

Үүнэн турар харыйаны мээнэ ойуур ортотуттан кэрдэр көҥүллэммэт. Онон харыйаны кэрдээри гыннаххытына, бастатан туран, ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр тиийэҕит. Оччоҕо үлэһиттэр аналлаах сирдэри көрдөрөн биэриэхтэрэ. Ол курдук, харыйаны  уот, суол кытыыларыгар, минерализованнай балаһаларга уо.д.а. кэрдиэххэ сөп. Оччоҕуна айылҕаҕа туох да хоромньуну аҕалбаккыт, айылҕаны алдьаппаккыт. Ити сирдэргэ үүммүт мас син биир кэрдиллэр аналлаах буолар.

Чааһынай дьон харыйаны кэрдэн баран, бэйэлэрин эрэ наадаларыгар туттуох­таахтар. Оннук кэрдиллэр харыйаҕа ахсаанынан хааччах суох. Ол эрээри, бу харыйаны кэрдэн баран атыылыыргыт көҥүллэммэт.

Харыйаны кэрдэргэ көҥүллүүр докумуонунан дуогабар буолар. Биир харыйа сыаната мас үрдүгүттэн тутулуктаах:

— 1 миэтэрэҕэ  диэри  – 43,53 солкуобай;

— 1,1 – 2 миэтэрэ  – 67,71 солкуобай;

— 2,1 – 3 миэтэрэ – 145,0 солкуобай;

— 3,1 — 4 миэтэрэ  –  200,71 солкуобай;

— 4 миэтэрэттэн үрдүк  – 256,33 солкуобай.

Ахсынньы ыйга тыаҕа ойуур хаһаайыстыбатын иниспиэктэрдэрэ уонна полиция үлэһиттэрэ харыйаны кэрдии үлэтин күүскэ хонтуруоллууллар.

Харыйаны эбэтэр бэһи көҥүлэ суох кэрдии иһин 3 000-4 000 солкуобай суумалаах административнай ыстараабы төлүүргэ кү­­һэллэҕит.

Оттон бэйэҥ наадаҕар ылан баран атыылаатаххына, 1 000-100 000 солкуобайга диэри ыстарааптаныаххытын сөп.

Ону таһынан, хоромньуну толуйаргар тиийэҕин. Хоромньу 5 000 солкуобайы аһардаҕына, холуобунай дьыала тэриллэр. Оттон харыйаны тиэйэ снегоходунан эбэтэр массыынанан сылдьар буоллаххына, ити тырааныспарыҥ сокуону кэһии сэбин-сэбиргэлин быһыытынан былдьанар.

«Саха сирэ», edersaas.ru cаайтка анаан

Варвара ФЕДОРОВА,

СӨ Экологияҕа, ойууру туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар

министиэристибэтин Ойуур хаһаайыстыбатын департаменын кылаабынай исписэлииһэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0