Саҥа бырайыактары олоххо киллэрэргэ үлэлэһиэхтэрэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ, Чурапчы улууһа хардарыта сибээстээх үлэни күүһүрдэллэр. 

СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэ Чурапчы улууһун кытта бииргэ үлэлииргэ сөбүлэҥ түһэристилэр. Докумуоҥҥа миниистир Елена Волкова уонна баһылык Степан Саргыдаев илии баттаатылар. Бу туһунан СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Чурапчы улууһун кытары саҥа бырайыактары олоххо киллэрэргэ хардарыта сибээһи күүскэ тутан үлэлиир соруктаахпыт. Маны сэргэ, социальнай эбийиэктэргэ материальнай-тэхиньиичэскэй баазаларын тупсарыыга болҕомто ууруллуо, — диэн этэр миниистир.
Дьыалабыай көрсүһүүгэ инники сайдыыны, дьиэ кэргэҥҥэ, оҕоҕо сыһыаннаах хайысхалары дьүүллэстилэр.
Бииргэ үлэлэһиигэ сөбүлэҥи түһэрсии бэлиэ тэрээһинэ Дьиэ кэргэн, таптал, эрэллээх буолуу күнүнэн, Саха АССР тэриллибитэ 100 сылынан, өрөспүүбүлүкэҕэ Ийэ сылынан ыытылынна.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0