Саҥа бэкээринэ улуустарга тоҕо аҕыйаҕый?

Ааптар: 
29.10.2016
Бөлөххө киир:

Тыа сиригэр үчүгэй оскуола, балыыһа, маҕаһыын баар буоллаҕына, ол сиргэ дьон олохсуйар, улуус киинигэр уонна куоракка талаһа сатаабат. Оттон бэкээринэ үлэлээбэтэҕинэ, дэриэбинэ иэдэйэр. Нэһилиэктэргэ саҥа бэкээринэ тутуллан киириитэ аҕыйах. Килиэп — сүрүн ас! Бу кылгас ырытыыбытыгар отчуот сыыппараларыгар сигэммэккэ, дьиҥ олоххо балаһыанньа хайдаҕын көрдөрүөхпүт.

Мэҥэ Чыамайыкытыгар. Кытыы сытар нэһилиэктэргэ килиэбинэн хааччыллыы тыын боппуруос буоллаҕа. Ол эрээри ханна даҕаны ким хайдах тэринэриттэн эбит. Мэҥэ Хаҥалас улууһун кииниттэн 120 км. тэйиччи сытар Чыамайыкы нэһилиэгэр суол-иис мөлтөх, хаайтарыылаах. Ол да буоллар, олохтоох “Тамма” ТХПК көмөтүнэн нэһилиэнньэ килиэбинэн быстарбакка хааччыллан олорор. Бурдуктарын “Якутоптторг” тэрилтэттэн сылга 10 т ылаллар. Урут оптордар бэйэлэрэ тиэрдэр буоллахтарына, билигин кооператив бэйэтэ саас суол хаалыан иннинэ ылар эбит. Икки үлэһиттээх бэкээринэ күҥҥэ сүүстэн тахса бухааҥханы астыыр. Килиэби буһарар армейскай оһоҕу отторго уонна бэкээринэ дьиэтин сылытарга сылга 50 тахса куб. маһы ороскуоттууллар. “Килиэптэн туох да барыс ылбаппыт, тэҥ-тэҥэр тахсар. Нэһилиэнньэҕэ көмө быһыытынан үлэлэтэбит”, — диэн “Тамма” толорооччу дириэктэрэ Егор Дьячковскай этэр.

Өлөөн Дьэлиҥдэтэтигэр килиэп буһарар оһохторо эргэрэн эрэйдэммиттэр. Ол эрээри кэргэннии Евдокия уонна Герасим Николаевтар ыраах сытар нэһилиэнньэ килиэбинэн быстыбатын курдук эппиэтинэстээхтик үлэлииллэр. Манна оттук мас сыаната олус ыарахан. Бэкээринэни үлэлэтээри сылга 10 тахса массыына маһы атыылаһарга күһэллэллэр. Хата, улуустан субсидия ылар буолан абыраммыттар.

Өймөкөөн Төрүтүн олохтоохторо ааспыт сылларга бэкээринэлэрэ суох буолан эрэйдэнэ аҕай сылдьыбыттар. Онон Уус-Ньараттан кэлэр килиэбинэн олорбуттар. Бэл, кыһалҕаттан ыаллар килиэп буһарар электрическэй оһох атыылаһан астаммыттар. Хата, билигин Игорь Черкашин диэн урбаанньыт көмөтүнэн чааһынай бэкээринэлэнэн бу кыһалҕаттан мүлчү түспүттэр.

Булуҥ Найбатыгар эмиэ бэркэ дьаһаммыттар. 400 киһилээх дэриэбинэ олохтоохторо бэкээринэни үлэлэтэр Валерий Стручковка махталлара улахан. Хоту дойду олохтоохторо килиэбинэн быстарбаттар. Бэл, килиэби таһынан бэрэски, буулка астаан атыылыыллар дииллэр. Кыһыҥҥы суол баар кэмигэр бурдуктарын эрдэттэн хааччыммыттар. Ити туһунан эрэдээксийэҕэ олохтоох балыыһа акушерката Екатерина Никитина иһитиннэрдэ.
Аны туран Таймылыыр балыксыта Г.Г.Винокуров дьоҕус предприниматель быһыытынан регистрацияланан, аны бэкээринэни үлэлэтээри, өрөмүөн бөҕөтүн ыыппыт. Григорий Гаврильевич эргэ да оһоххо килиэп астыырга холоммутун биир дойдулаахтара биһирээтилэр.

Эбээн-Бытантай Кустууругар олохтоох дьаһалта бэкээринэ үлэтин хонтуруолга тутар. Ааспыт сылга уу таһар массыынаҕа эрэйи көрсүбүт буоллахтарына, быйыл уу таһар массыына үчүгэйдик хааччыйбыт. Оттон 212 киһи олорор Дьарҕаалаахха бэкээринэтэ суох олорбуттара 20-чэ сыл буолбут. Онон ыаллар бэйэлэрэ килиэп буһараллар. Хата, бурдук быстыбакка абыраабыт. Нэһилиэк дьаһалтата мини-бэкээринэ аһан, эдэр ыччаты үлэлэтээри соруктанар. Онон бу боппуруоһу быһаарыыга күүскэ үлэлии сылдьаллар. 38 оҕолоох оскуолаҕа уонна оҕо саадыгар килиэби асчыттар буһараллар.

Дьокуускайга “Холбос” респотребсоюз Дьокуускайдааҕы потребобществота (М.М.Тастыгин, Л.П.Алехина) Дьокуускай куорат таһынааҕы нэһилиэктэри уонна сабыылаах тэрилтэлэри (куораттааҕы балыыһа, фтизиатрия, оскуола-интернаттар) килиэбинэн хааччыйар. Дьокуускайдааҕы потребобщество бэкээринэтэ ыйга 20 т кэриҥэ килиэп үс көрүҥүн астыыр. Потребобщество быйыл сайын от ыйыттан бэйэтин бэкээринэтин өрөмүөҥҥэ сапта, ол оннугар 17-с кыбартаалга баар “Северянка” маҕаһыыныгар астаан итии килиэби буруолаппытынан сонно атыыга таһаара турар. Хата, итинник атыылыылларын олохтоохтор сэргээбиттэр үһү. Бэкээринэни мархалар биригээдэлэрэ өрөмүөннүүр, онон олохтоохторго быстах да буоллар, үлэ миэстэтэ тахсыбыт диэххэ сөп. Үлэни кооператордар бэйэлэрин үптэрин суотугар ыыталлар. Өрөмүөннэммит бэкээринэлэригэр маһынан уонна уотунан үлэлиир оһохтору туруоруохтара. Людмила Петровна этэринэн, бэкээринэни үлэлэтиигэ уот төлөбүрүн уонна нолуогу кэмигэр төлүөххэ наада.

Үөһээ Бүлүүгэ. Тыа сиригэр хамсаннахха, ыарахаттартан иҥнибэккэ сүүрдэххэ-көттөххө тугу эмэ ситиһиэххэ сөбүн “Үөһээ Бүлүүтээҕи” потребобщество дакаастаата. Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр бэкээринэлэрэ 1981 с. тутуллубут мас дьиэ. Билигин эргэрэн, саахалланар туруктаммыт. Ол да буоллар, бэкээринэ быһа холуйан 13-14 тыһыынча киһини (Үөһээ Бүлүү Кэнтигэ, аҥардас трасса кытыытыгар олорор 5 нэһилиэккэ) килиэбинэн хааччыйан кэллэ. Бэрэссэдээтэл Семен Николаевич ылсыбытын толорон тэйэр идэлээх буолан, төһө да харгыстар баалларын, ким да өйөөбөтөҕүн үрдүнэн, туруоруммут сыалын ситиһэн эрэр диэххэ сөп. Потребобществоҕа туох улахан үп кэлиэй. Таас бэкээринэни тутар кыах суох. Мас дьиэ оҥорон таһаарыынан дьарыктанар тэрилтэҕэ уһун үйэтэ суох. Ол иһин талан-талан модульнай (тимир) бэкээринэни туттарарга быһаарыммыт. Сметатын 7,5 мөл. солк. диэн аахпыттар. “Дабаан” тутар фирманы (Н.Д.Пухов) кытта дуогабар түһэрсибит. Кыра үптээх буолан, былырыын бастаан бэкээринэ нулевой циклын оҥотторбут. Бу ыйга көҥдөйө бүттэр диэн баҕалаахтар. Онтон дьэ, саамай уустук ис үлэтэ саҕаланыаҕа. Дьоҕус оһохтор диэн роторнай оһохтору туруортарар баҕалаах. Ол оһохторун үбэ көһүннэҕинэ, Саратовка баар фирматтан сакаастаан аҕалтарыаҕа. Бэкээринэ үлэҕэ киирдэр, Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыахтаах Манчаары оонньууларыгар даҕаны көмөлөөх буолуо этэ спортсменнары, ыалдьыттары аһатарга. “Тыа сиригэр оҥорон таһаарар тэрилтэ диэн бэкээринэ буоллаҕа дии, ону өйүөххэ наада”, — диэн Семен Николаевич этэрэ оруннаах.

Бу сылларга Мэҥэ Хаҥалас, Бүлүү, Таатта, Ньурба улуустарыгар саҥа бэкээринэлэр тутуллубуттара. Онон ханна сатаан дьаһаналлар даҕаны, ол дэриэбинэлэргэ бэкээринэлэр быыстала суох үлэлииллэр эбит диэн түмүккэ кэлэҕин.Тыа сиригэр саҥа бэкээринэлэри тутуу кэм ирдэбилэ буолбута дьэҥкэтик көһүннэ. Саҥа бэкээринэлэри тутууну төһө кыалларынан өйүөххэ. Тоҕо диэтэххэ, хочуолунайдар курдук бэкээринэлэри стратегическай объект да курдук сыаналыахха сөп. Киэһэ сиир килиэптээх киһи сарсыҥҥы күнүн саныыр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0