Саҥа балыыһалар тутуллаллар

Бөлөххө киир:

2021-2025 сылларга доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөҕүн саҥардыы бырагырааматын чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ биэс балыыһа комплекса тутулла турар. Ол курдук, Бүлүүгэ 73 куойкалаах балыыһа, Хонууга поликлиникалаах уонна 22 куойкалаах сытар балыыһа, Ытык Күөлгэ 20 куойкалаах сытар балыыһа уонна күҥҥэ 200 киһини көрөр кыахтаах поликлиника, Уус Майаҕа 45 куойкалаах балыыһа уонна күҥҥэ 104 киһини көрөр поликлиника, Чурапчыга улахан балыыһа комплекса тутуллан киириэхтэрэ.

Ону тэҥэ, кардиологическай уонна онкологическай кииннэр тутулла тураллар. Дьокуускайга Өрөспүүбүлүкэтээҕи килиниичэскэй инфекционнай балыыһа дьиэтэ тутулларыгар бырайыактыыр-симиэтэлиир докумуоннара оҥоһуллаллар.

150 куойкалаах кардиологическай киини тутуу 2019 сыллаахха саҕаламмыта уонна быйыл муус устар бүтүүтэ түмүктэнэн, үлэҕэ киириэхтээх. Бу киин 1-кы №-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа — Национальнай мэдиссиинэ киинин салаата буолуохтаах. Билигин ис бараанын силигин ситэрии, тиэхиникэтин туруоруу үлэтэ тигинэччи ыытылла турар.

Чахчы, бу ураты эбийиэктэр буолаллар, тоҕо диэтэр, доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр кэнники 25 сылга маннык улахан, далааһыннаах тутуулар бара иликтэрэ. Бу мэдиссиинэ анал тэриллэринэн уонна инженернэй хааччыллыы өттүнэн олус уустук эбийиэктэр. Ону тэҥэ, бу кииннэр толору үлэлээн бардахтарына, сүрэх-тымыр уонна искэн ыарыыларыттан өлүү аҕыйыахтаах диэн күүтэбит. Биллэрин курдук, өрөспүүбүлүкэҕэ сүрэх-тымыр  уонна искэн ыарыыларыттан өлүү бастакы-иккис миэстэҕэ тураллар, — диэн доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева этэр.

2025 сылга диэри доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөҕүн саҥардыы бырагырааматын чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ быраастаах амбулаториялар уонна биэлсэр-акушер пууннарын 70 модульнай дьиэлэрэ тутуллуохтара. Ону таһынан, 70 дьиэҕэ хапытаалынай өрөмүөн оҥоһуллуоҕа. Доруобуйа харыстабылыгар 12 улахан эбийиэк тутуллуохтаах.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0