Үөс уонна ноор ыарыылара дьүөрэлэһэллэр

30.11.2018
Бөлөххө киир:

Статистика көрдөрөрүнэн, Саха сиригэр үөс, ноор, быар ыарыылаах дьон ахсаана, Арассыыйаҕа тэҥнээтэххэ, 1,5 төгүл элбэх. Оттон куртахтарыгар баастаах дьон 1,5 төгүл аҕыйах. 

edersaas.ru


Дьокуускай куораттааҕы клиническэй балыыһа гастроэнтеролог-бырааһа, СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна Анна Постникова ас буһарар уорганнар ыарыылара хайдах үөскүүллэрин, хайдах харыстаныахха сөбүн сүбэлиир.

Саха Сиригэр ас буһарар уорганнар саамай тэнийбит ыарыыларынан куртах, синньигэс оһоҕос баастара, быар, ноор, үөс ыарыылара, үөс тааһа буолаллар.
Статистика көрдөрөрүнэн, үөс, ноор, быар ыарыылаах дьон ахсаана, Арассыыйаҕа тэҥнээтэххэ, 1,5 төгүл элбэх. Оттон куртахтарыгар баастаах дьон 1,5 төгүл аҕыйах.
Куртахха, синньигэс оһоҕоско үөскүүр баас, гастрит төрүөтэ — хеликобактер пилори диэн инфекция. Онтон киһи үөһүгэр үөскүүр таас төрүөтүнэн сыыһа аһааһын уонна төрөппүттэртэн удьуордааһын буолуон сөп. Үөс тааһа бэйэтэ бэриллибэт, эт-хаан эттиктэрин атастаһыыта тааһы үөскэтиэн сөп. Ордук дьахталлар ыалдьаллар. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр төрөөн-ууһаан, гормональнай пуоннара уларыйан, таас ордук түргэнник үөскүүр. Ол гынан баран, кэлиҥҥи сылларга эр дьоҥҥо эмиэ элбээн эрэр.
Ноор ыарыытын төрүөтүнэн 70% арыгы уонна сыыһа аһааһын буолар. Кэлиҥҥи кэмҥэ ноор ыарыыта, ол эбэтэр панкреатит ыарахан көрүҥэ элбээтэ, панкреонекроз, киста буолара үгэскэ кубулуйан эрэр. Ноор ыарыйдаҕына, сырыы ахсын киһи уорганыгар уларыйыыны хаалларар, хойут ол уларыйбыт сирдэригэр киста эбэтэр искэн буолан тахсар. Манна даҕатан эттэххэ, үөс уонна ноор ыарыыта үксүгэр дьүөрэлии буолаллар. Үөстэригэр таастаах дьон ноордоро эмиэ мөлтөх, элбэх сыыстарыылаах буолар. Онон, үөстэригэр таастаахтар ыарыылара көбөрүн кэтэспэккэ эрэ, уларыйыылаах үөстэрин эрдэ быстараллара ордук. Үөс эпэрээссийэтэ эмиэ элбээн иһэр. Ити таас үөскээһинэ элбээбититтэн тахсар. Холобур, Арассыыйаҕа сыл ахсын үөскэ 200 тыһыынча кэриҥэ эпэрээссийэ оҥоһуллар.
Сыыһа диетаҕа олордоххо, үөс хойдор. Хойдубут үөс хойут сыыйа-баайа тааска кубулуйар. Чугас аймахтаргыт үөстэрэ ыалдьыбыт буоллаҕына, эһиги эмиэ эрдэттэн харыстаныаххытын наада.

ххх

Бастатан туран, диетаны, аһы көрүнүллэр. Кун устата элбэхтик уонна кыра-кыралаан аһыахха, элбэх ууну иһиэххэ наада. Өскөтүн өр буолан баран аһыыр буоллахха, үөс хойдор. Үөс тааһа ордук түргэнник сарсыарда уонна 18 чаастан киэһээ аһаабат дьоҥҥо үөскүүр. Тоҕо диэтэххэ, үөстэрэ олус хойдор. Онон, үөскэ таас үөскээбэтин туһуттан сарсыарда булгуччу аһыахха наада уонна ааһан-араҕан биэрбэт ыарыылаах буоллахха, 18 чаастан киэһээ эбии чэпчэкитик аһыахха наада. Ити ыарыыны сэрэтиинэн буолар. Ону таһынан, быраас үөс убатар эмтэри аныан сөп. Манна эбии үөстэригэр таастаах дьоҥҥо сэрэтэн этиэххэ наада: үөс таһаарар эмтэри ол эбэтэр желчегоннай эмтэри иһэллэрэ сэрэхтээх.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” хаһыат,  edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0