Үс улууска сибээс хааччахтана сырытта

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн Нам, Таатта, Томпо улуустарыгар ойуур баһаарыттан сибээс лиинийэтэ эмсэҕэлээн,  сибээс сорох өҥөтүгэр хааччахтааһын олохтоно сырытта.

Оператордар сибээс саппаас  ханаалларын холбуу сылдьыбыттарын туһунан СИАҕа СӨ Инновация, сыыппара сибээһэ уонна инфокоммуникационнай технология министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.  Бу иннинэ сорох улуустар нэһилиэнньэлээх пууннарыгар быстах кэмҥэ сибээс уонна уот бара сылдьыбыта, оҥоһулунна.

Тахсар саахалы тустаах исписэлиистэр тута чөлүгэр түһэрэн иһэллэр. Министиэристибэҕэ «итии лиинийэҕэ»  8 800 100 77 88 (үлэ чааһыгар) эрийэн, сибээс хаачыстыбатын билсиэххэ сөп. Гражданнар бэйэлэрин иһитиннэриилэрин Aita 8(4112)510000 (төгүрүк суукканы быһа) сыыппара сибээһинэн ыытыахтарын сөп.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0