Үс тылынан кэпсэтэр Матвеевтар дьиэ кэргэн

Ааптар: 
20.11.2019
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куорат олохтоохторо, тылга туох даҕаны сыһыана суох урбаанньыт Ирина, Андрей Матвеевтар оҕолорун кытта үс тылынан кэпсэтэллэр. Бүгүн “Саха сирэ” хаһыат ааҕааччыларын – төрөппүттэри кытта ол туһунан санааларын үллэстэллэр.


Үс кыталык кыыс

Аҕыйах хонуктааҕыта оҕону төрөөбүт тылынан иитии бастакы бэстибээлин сэминээригэр, Ирина оҕолорун кытта үс тылынан хайдах кэпсэтэллэрин билиһиннэрбитин биһирии истибитим итиэннэ “кырдьык даҕаны”, “хайдах эрдэ тобулбатах бэйэбиний” диэн толкуйдаабытым. Уонна уталыппакка, хайаан даҕаны ааҕааччыларбытыгар кэпсиэх тустаахпыт диэн түмүккэ кэлбитим. Ол сорукпун ситиһээри, ыал ийэтин кытта көрсөн кэпсэттим.

Сэһэргэһэр кэммитигэр, кинилэр дьиэ кэргэҥҥэ “3” сыыппара олус элбэхтик хатыланарын бэлиэтии көрдүм. Онон, ыстатыйам төбөтө да, хос бастара даҕаны үс сыыппараны кытта сибээстээхтэр.

Ирина Сибиирдээҕи айан суолун судаарыстыбаннай университетын, Андрей Новосибирскайдааҕы судаарыстыбаннай тиэхиньиичэскэй университеты бүтэрбиттэр. Улахан кыыстара Новосибирскайга күн сирин көрбүт. Үөрэхтэрин бүтэрэн баран дойдуларыгар кэлэн тэрилтэҕэ үлэлээбиттэр. Урбаанынан дьарыктаммыттара хаһыс даҕаны сылыгар барбыт. Кэргэниниин бииргэ үлэлииллэр, үс кыталык кыыс амарах төрөппүттэрэ.

Үс тылланыы

Биир үтүө күн Ирина, оскуолаҕа үөрэнэр улахан кыыстара нууччалыы тылы хото туттарын бэлиэтии уонна дьиксинэ көрбүт. Эбиитин оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор бэйэлэрин икки ардыларыгар нууччалыы эрэ кэпсэтэллэрин күннэтэ көрөр. Онон оҕолорбун хайаан даҕаны төрөөбүт тылларынан иитиэхтээхпин диэн түмүккэ кэлэр.

—  Билигин дьон ойон тура-тура, сахалыы Ютуб суох, ойуу киинэлэр (мультфильм) барыта нууччалыы эрэ тылынан, ол иһин оҕолорбут нууччалыы саҥараллар дииллэр. Дьон оҕотугар ойуу киинэнэн тылы үөрэтэр буоллаҕына, мин англия тылыгар үөрэтиэхпин сөп эбит диэн идиэйэ киирбитэ. Ол курдук, орто кыыспыт ойуу киинэни көрөр буолуоҕуттан, англия тылынан эрэ киинэ холбуурбут. Оттон дьиэбитигэр сахалыы эрэ кэпсэтэбит. Быһа холоон биир сааһыттан, дьиэ иһинээҕи дьон барыбыт сүбэтинэн, биэс мүнүүтэттэн саҕалаан, биир чааска тиийэ англия тылынан эрэ кэпсэтэбит.  Бэйэм таһыччы билэбин диирим кыаллыбат эрээри, оҕону уһуйарга сөп түбэһэр. Маҥнай күннээҕи туттуллар тыллартан саҕалаабыппыт. Оҕобут билигин сааһа – үһэ. Тылын саппааһа хаҥаан, англия тылынан санаатын сатаан тиэрдэр, кэпсиир. Ол курдук, биһиги дьиэ кэргэҥҥэ иккис тыл киирбитэ, —  диэн Ирина кэпсээнин саҕалыыр.

Ыал ийэтэ, куорат сиргэ эйгэбит 90-95 бырыһыана нууччалыы диэн ыйар. Онон оҕону анаан-минээн уһуйумуохха да сөбүн, оҕо баҕарбатаҕын да иһин, аймахтар, доҕоттор оҕолорун кытта оонньууругар, алтыһарыгар нууччалыы бэйэтэ үөрэнэрин бэлиэтиир.

Биллэн турар, оҕо кыратыгар тылы араарбат буолан, бутуйар түгэннэрэ көстөллөр эбит. Онтон уолуйбакка, тохтоон хаалбакка, мөхпөккө-эппэккэ, ийэ киһи кэннилэриттэн батыһа сылдьан хатылыыр, көннөрөн биэрэр эбит. Хас да төгүл хатылаатахха, син биир сөптөөҕүн ылыналларын ыйар.

Үс быраабыла

Биллэн турар, оҕону үс тылга уһуйуу манна суруйар курдук судургута суоҕа биллэр. Маныаха Матвеевтар үс солбуллубат быраабылалаахтар эбит.

Бастакы быраабыла. Этиигэ, кэпсэтиигэ тыллары бутуйуо суохтаахпыт. Холобур, англия тылынан кэпсэтэр буоллахтарына, булгуччу барытын англия тылынан эрэ быһаараллар эбит. Оҕобут өйдөөбөтө диэн сахалыы, нууччалыы тылбаастаан, быһааран биэрбэттэр үһү. “Үгүстүк көрөбүн ээ, төрөппүттэр оҕолорун кытта нууччалыы, сахалыы бутуйан кэпсэтэллэр. Холобур, “билигин на улицу барыахпыт” дииллэр. Кинилэр толкуйдарынан, ити аата оҕолорун икки тылга үөрэтэллэр үһү. Төрөппүттэр сүрүн алҕастара —  ити. Кыра оҕо бу саха тыла, бу нуучча тыла, бу англия тыла диэн кыайан араарбат. Киниэхэ “тыл каартата” диэн өйдөбүл баар. Ол эбэтэр, бу тыл бу тылы кытта ханыылыы туттуллар диэн өйдүүр. Ол иһин тылы бутуйуо суохтаахпыт”, —  диэн Ирина санаатын үллэстэр.

Иккис быраабыла. Тылбаас­таабакка эрэ кэпсэтии. Оҕолоро кыралар. Онон “бу илии”, “бу атах”, “бу итии”, “олоробут”, “турабыт” диэн күннээҕи туттар тылтан саҕалаан, көрдөрө-көрдөрө, тылбаастаабакка, англия тылыттан букатын атын тылы билбэт курдук быһаараллар эбит. Оччоҕо саҥа тылланан эрэр оҕо мэйиитэ түргэнник ылынарын этэр.

Үһүс быраабыла. Омук тылын оонньуу быһыытынан, өрүү үчүгэй настарыанньалаах үөрэтэр көдьүүстээҕин ыйар. Оҕо тута өйдөөбөтөҕүн да иһин, “төрөппүттэрим миигин кытта оонньууллар” диэн өйдөбүл иҥэр диир. “Сорох төрөппүттэр “хайдах сахалыы билбэккин”, “сахалыы саҥар” диэн күргүйдүүр, мөҕөр былаастаах такайаллар. Оҕо итинтэн төттөрү түһэр, ылыныан баҕарбат турукка киирэр”, —  диэн быһаарар.

 

Үс миф уонна үс өттүттэн иитии

Бастакы миф —  тыллары бутуйуо диэн куттанымыахха. “Кыра оҕо хас даҕаны тылы тэҥинэн үөрэттэҕинэ, бутуллар”, —  диэн этии оруна суох диир. Кырачаан киһи мэйиитэ улахан киһитээҕэр ылынар, билэр-көрөр кыаҕа күүстээҕин ыйар. Үс сааһыгар диэри тыллары “губка” кэриэтэ иҥэринэр диэн чопчулуур. Төрөппүт бу кэми куоттарбакка, сөпкө дьарыктыыра ирдэнэр диэн этэр.

Иккис миф —  нууччалыы үөрэтиҥ. “Аныгы оҕо үксэ хойутуу тылланар. Чахчы итинник кыһалҕа баар. Логопедка бардахтарына, “дьиэҕитигэр нууччалыы-сахалыы кэпсэтэҕит, ол иһин оҕоҕут бутуллубут, биир тылы талыҥ” дииллэр уонна үксүгэр нууччалыыга көһөргө сүбэлииллэр. Сахалыы тыллаах логопед тарбахха баттанар. Тоҕо хайаан даҕаны төрөөбүт тылын тумнан туран, судургутутан, нуучча тылын соҥнууллар? Дьиҥэр, оҕоҕо ийэтин үүтүн кытта бэриллибит силистээх-мутуктаах төрөөбүт тыла быдан чугас эбээт. Үөрэтэр даҕаны судургу —  өбүгэлэрин ситимэ баар. Төрөппүттэр бэйэбит кыһанан, оҕолорбутугар ийэ тылбытын иҥэриэхтээхпит. Оччоҕо эрэ саха тыла оҕоҕо сыстар балаһыанньата үөскээтэ.

Үһүс миф – нууччалыы билбэт оҕо ЕГЭ-ни куһаҕаннык туттарар. Кэлин сахалыы үөрэммит оҕо биир кэлим эксээмэни (ЕГЭ), сүрүн судаарыстыбаннай эксээмэни (ОГЭ) мөлтөхтүк туттарар диэн өйдөбүл баарын, ити бигэргэтиллибэтэх “миф” буоларын ыйар. “Баҕар, уон-сүүрбэ сыл анараа өттүгэр оннук буолуо. Билигин куораты ааһан, тыа сиригэр нууччалыы саҥарар оҕо үксээтэ. Сахалыы үөрэммит оҕо хайдах да гыммыт иһин уу саха буолбат. Биһиги, “күөрэгэйдэр”, төрөппүттэргэ ити “мифтэри” өйдөтөргө дьулуһабыт”, —  диэн санаатын этэр.

Аны Ирина куоракка улааппыт киһи сиэринэн, тылын баайа таһыччы үчүгэй буолбатаҕын билинэр. Ол иһин оҕолорун уу сахалыы иитэр, тылларын байытар инниттэн, кэмиттэн-кэмигэр эбээ-эһээ көмөтүн туһаналларын кэпсиир. Сиэннэр эбээлэрин-эһээлэрин кытта алтыһан, тылларын саппааһа биллэ хаҥыырын этэр. Онон кыталык курдук кынталдьыспыт мааны кыргыттарын үс өттүттэн иитэллэрин чорботон бэлиэтиир.

Үс сиргэ үлэ

Ыал ийэтэ олоҕун аргыһын кытта урбаанынан тэҥҥэ дьарыктанарын таһынан, уопсастыбаннай үлэтэ үгүс сыраны-сылбаны эрэйэр. Ол курдук, омук дойдуларын олохторун-дьаһахтарын иһиттэн билбит ийэ, бөҕү туһаҕа таһаарбакка, сылга хастыы даҕаны туоннаны сиргэ көмөрбүтүн, айылҕабытын айгыратарбытыттан дьиксинэ санаан, аҕыйах сылтан бэттэх “Раздельный сбор” диэн туһаҕа тахсыан сөптөөх матырыйаалы (вторичное сырье) хомуйууну тэрийбиттэр. Ахсынньыга “Дохсуҥҥа” үһүс төгүлүн аахсыйа буолаары турар.

Дьүөгэлиилэр —  бары элбэх оҕолоох ийэлэр. Сүбэлэһэ түһэн баран, быйыл сайын “Күөрэгэй” түмсүү тэрийэн, оҕону сахалыы иитиигэ ыкса ылсан эрэллэрин хаһыаппыт ааҕааччылара бэркэ билэҕит. “Күөрэгэйдэр” былааннара баһаам. Бэстибээли сылга иккитэ ыыталлар, ону таһынан, тиһигин быспакка төрөппүттэргэ аналлаах араас сэминээрдэри тэрийэллэр, сүбэлэри биэрэллэр.

“Силигин ситтэҕинэ”

Ити курдук, үс үлэлээх, үс оҕолоох ыал ийэтэ бириэмэтин сөпкө аттаран, дьиэ кэргэнин да бэрийэр, оҕолорун кытта үс тылынан да кэпсэтэр. “Оччотугар туруоруммут сорукпун толордум диэн хаһан ­этиэххин сөбүй?”, —  диэн ыйытыыбар, Ирина сэмээр мичээрдээн баран – куоракка саха оҕото уу сахалыы кэпсэтэр буоллаҕына, —  диэн хоруйдаата. Сыралаах эрээри, туһалаах уопсастыбаннай үлэҕэр ситиһиини.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0