Сүөһүттэн мөлүйүөнүнэн барыһы хайдах ылабыт?

Бөлөххө киир:

Сүөһү аһылыгар цеолиты эбэн, үүт, эт көрдөрүүтүн төһө тупсарыахха сөбүй? Төһө барыстаах буоларый? Бу дьикти минерал сүөһүгэ хайдах дьайар эбитий? Чахчы мөлүйүөнүнэн барыс киирэрин билээри, боппуруоһу үөрэтэн, исписэлиистэри, учуонайдары кытта кэпсэтэн, ааҕан-суоттаан көрдүбүт. 

edersaas.ru


Цеолит – былыр вулкан лавата хайа боруодатын, муора уутун кытта булкуһуутуттан үөскээбит айылҕа матырыйаала. Убаҕаһы ыраастыыр, оннооҕор радиацияны оборор буолан, Чернобыльга туһана сылдьыбыттара биллэр. Цеолитка Менделеев таблицатын элэмиэннэрин барытын кэриэтэ булуохха сөп. Элбэх минералларынан баай, 45-70 араас макро-, микро элэмиэннээх.

Цеолиты медицинаҕа, үүнээйини олордууга, олоххо-дьаһахха (холодильник сытын сүтэрэр, ууну ыраастыыр, о.д.а.), сүөһүнү иитиигэ туһаналлар. Туһаммыт эйгэлэрин аайы өлгөм үүнүүнү, ботуччу барыһы ылаллар. Бу дьикти тааһы Саха сиригэр биир эрэ сиртэн — Сунтаар улууһугар баар Хоҥуруу хайатыттан эрэ хостууллар. Оттон Арассыыйа үрдүнэн сүүрбэччэ хостонор сир баара биллэр.

Бүгүн цеолит сүөһүнү иитиигэ төһө туһалааҕын, төһө барыһы биэрэрин туһунан кэпсэтиэҕиҥ.

Хоҥуруу хайата.

Ааспыт үйэ 80-с сылларыгар геолого-минералогическай наука доктора К.Е. Колодезников көҕүлээһининэн, научнай чинчийиилэр ыытыллыбыттара. Онно цеолит сүөһү аһы буһарар уорганнарыгар үчүгэйдик дьайарын дакаастаабыттара. Сахабыт сирин маанылаах күндү баайын дириҥник үөрэтэргэ учуонай Н.М. Черноградская, профессордар Н.С. Пермяков, А.Ф. Абрамов, М.П. Неустроев, Н.П. Тарабукина, Н.Н. Сазонов, Р. В.Иванов, В.В. Панкратов, А.Г. Черкашина, эдэр аспираннар М.Ф. Григорьев, А.А. Сидоров, о.д.а. үлэлээбиттэрэ.

Сунтаар улууһун “Кириэстээх” хаһаайыстыбаҕа сүөһүгэ эбии аһылык быһыытынан цеолиты биэрбиттэрэ хас да сыл буолла. ТХПК салайааччыта В.С. Егоров этэринэн, ол кэнниттэн саас ынах сыптарыйан ыалдьара, ырара, мөлтөх ньирэйи төрөтөрө тохтообут, бородууксуйа эбиллибит.

“Үүт, эт көрдөрүүтэ биллэ тупсар”

Наталия Матвеевна Черноградская, СГТХА агротехнологическай факультетын уопсай зоотехнияҕа кафедратын сэбиэдиссэйэ, доцент, тыа хаһаайыстыбатын наукатын кандидата:

— Мин 1989 сылтан бүгүҥҥэ диэри цеолиты чинчийэ сылдьабын, эдэрдэри үөрэтэбин. Цеолитка холбуу сапропель (күөл былыыгын), Кэмпэндээйи тууһун эбиэххэ сөп. Үүт да, эт да көрдөрүүтэ тута көстө-биллэ үрдүүр.

“Хатас” агрофирмаҕа научнай чинчийии оҥорон, холмогор боруодалаах сүөһүгэ сиэппитим. Үүт 12,6% эбиллэр, сыата хойдор. Кириэстээх хаһаайыстыбатыгар симментал ынахтарга үүт 9,6% эбиллибитэ, Алтаайтан аҕалыллыбыт кыһыл истиэп боруодатыгар көрдөрүү өссө ордук — 12,8-15%. Маны тэҥэ эдэр сүөһүгэ цеолит ордук үчүгэйдик дьайар — боруодатыттан тутулуга суох тыыннаах ыйааһына 19-23% диэри эбиллэр. Эти таһаарыыта ынахха 56-62%-ҥа тиийэ улаатар. Онон ордук барыстаах.

Цеолит оборор дьайыылаах буолан, сүөһү организмын ыраастыыр. Эдэр сүөһү уҥуоҕа бөҕөргүүр, бэйэтэ кыаҕырар, улаатара түргэтиир. Гистоснимокка ис уорганнара туох да уларыйыыта суох, ол аата цеоликка сүөһү иһэ-үөлэ эчэйбэтин дакаастыыр.

Кирдээх, бензин сыттаах, туох эрэ эмп, кырааска туттуллубут иһитигэр кутан цеолиты бэриллибэт. Цеолит адсорбент, барытын оборон ылар. Сүөһү ыалдьыан сөп. Ону тэҥэ нуорматын булгуччу тутуһуллуохтаах. Улахан сүөһүгэ күҥҥэ 200-250 гр. сөп буолар. Аһа аҕыйах буоллаҕына, сиэтимэҥ, тот сүөһүгэ бэриллэр.

Бу айылҕа биэрбит баайын сөпкө туһаннарбыт, нэһилиэнньэҕэ сибиэһэй, ыраас бородууксуйа, эт-үүт дэлэйиэ этэ! Манна олохтоох оҥорон таһаарар “Сунтаарцеолит” тэрилтэҕэ, чинчийэр институттарга көмө көрүллэрэ буоллар, олохтоох бородууксуйабыт элбээн, сүөһүбүт тупсан, норуот доруобуйатыгар туһалыыра эрэбил диэн санаалаахпын.

Биир ынахтан 15,5 тыһ. солк. ыраас барыс

Сүөһүгэ цеолиты сиэттэххэ, экэниэмикэ да өттүттэн улахан барыһы ылыахха сөп. Ону судургутук ааҕан көрүөххэ: дьиэ кыылыгар (сүөһүгэ, сибиинньэҕэ, көтөргө) аналлаах, цеолиттан эбии аһылык 30 киилэлээх куула Дьокуускайга 1000 солк., Сунтаарга – 500 солк. турар.  Ону сүөһүгэ биир ыстакааны (250гр.) 6 киилэ отурбаҕа үчүгэйдик булкуйан, күн көтө-көтө биэрэҕин.

Суоттаан таһаардахха, 30 киилэлээх куул биир сүөһүгэ 120 күҥҥэ тиийэр —  30 кг : 0,25 кг. = 120 күн. Оттон күн көтө-көтө биэрдэххэ, 240 күҥҥэ тиийэр. Сылга биир сүөһүгэ балтараа куул сөп буолар (1500 солк.).

Цеолит эбилиги сиэтэҕинэ, ынах үүтэ күҥҥэ 2 лиитирэттэн ордук эбиллэр. Муус устар ыйтан алтынньыга диэри, 6 ый устата ынах элбэх үүтү биэрэр. Ол эбэтэр 180-190 күн ыанар.

Бу цеолиттан эбиллибит үүппүтүн – 2 лиитэрэни 190 күҥҥэ төгүллээтэххэ, 380 л үүт эбии кэлэр. Субсидиялаах үүт сыаната 45 солк. турар.

Сылга 380 л х 45 солк. = 17 000 солк. биир сүөһүттэн эбии барыс ылабыт.

Мантан цеолит сыанатын көҕүрэттэххэ, 17000 — 1 500 = 15500 солк. ыраас барыс  буолар.

Кыра хаһаайыстыбаларга ортотунан 7 ыанар ынахтаах буоллахтарына, эбии ыраас барыһы ааҕан таһаарабыт:

15 500 х 7 = 108 500 солк.

Тоһоҕолоон бэлиэтиэххэ наада, бу сыллааҕы ыаммыт үүт сууматыттан буолбакка, цеолит эбилиги сиэн, ынах үүтэ элбээбититтэн (күҥҥэ 2 лиитирэ) ылыллыбыт ыраас барыс буолар! Бу суоттааһын саамай кыра кээмэйинэн ааҕылынна. Муҥутаан 8 лиитирэҕэ диэри, ортотунан 3-4 л үүт эбиллэр.

Оттон 100-чэкэ ыанар ынахтаах улахан фермерскэй хаһаайыстыбаларга дохуот соччонон улаатар.

15500 солк. х 100 ынах = 1 550 000 солк.!

Манна өссө кууһунан ыллахха, цеолит сыаната чэпчээн, 700 солк. буоларын санатыахха наада. Оччотугар улахан хаһаайыстыбаларга ботуччу барыс буолар.

Тус санаа

Мин бииртэн сөҕө санаатым. Айылҕа бэйэтэ биэрбит ураты баайын тоҕо сыаналаабаппытый? Цеолит ыал экэниэмикэтигэр, норуот хаһаайыстыбатыгар улахан туһалаах, барыстаах сир баайа. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ маны учуоттаан, киэҥник туһаныыны тарҕатыан сөп эбит. Оттон  сүөһүттэн ас-таҥас таһаарынан олорор, үүт туттараары өрөбүлэ, уоппуската суох үлэлиир тыа сирин олохтооҕо, бэйэҥ сыта-тура толкуйдаан, суоттаан көр. Ол кэннэ эти, үүтү дэлэтэн,  ботуччу барыс аахсан, олоххут уйгутун тупсараргытыгар баҕарабыт!

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

“Сунтарцеолит” ХЭТ аадырыһа: Сунтаар с., Вилюйская, 1б. Төл.: 8(41135) 22-142, 8914-270-5226.

Дьокуускайга “Сайсары” ырыынак 2-с этээһигэр маҕаһыын үлэлиир.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0