Өрөспүүбүлүкэ суруналыыстара ааспыт нэдиэлэҕэ Аллараа Бэстээх – Алдан – Нерюнгри хайысхатынан орто анал үөрэх кыһаларын үлэлэрин-хамнастарын билсэн кэллибит. Сүүстэ истибиттээҕэр биирдэ көрбүт ордук диэн маны этэн эрдэхтэрэ!
Тутаах үлэһиттэри бэлэмнииллэр
Тырааныспар тиэхиньикумугар (Аллараа Бэстээх) киирээт, харахпыт мап-маҥан ырбаахылаах устудьуоннарга хатанар. Устудьуоннар бэйэлэрэ көҕүлээн, бэнидиэнньик ахсын маннык таҥнар буолбуттар.
Дириэктэр Василий Петров иһиннэрэринэн, тиэхиньикумҥа 9-с уонна 11-с кылаас кэнниттэн ылаллар. Сүрүннээн тимир суолга аналлаах хайысхаларга бэлэмнииллэр эбит. Эппиэтинэстээх, хаары, ардаҕы аахсыллыбат уустук үлэ буолан, ирдэбил даҕаны онно ханыылыы диэн дириэктэр этэр.
Былырыын “Саха сирин тимир суоллара” тэрилтэҕэ икки этэрээт үлэлээбит. Хампаанньа хамнас төлүүрүн таһынан, таҥастарын-саптарын хааччыйар эбит. Күн бүгүн 12 устудьуон үлэлиир буолан, тус анал графигынан үөрэнэр үһү. Түөрдэ — тимир суол ыстаансыйатыгар, хамнастара 56 тыһыынча! Ыйдааҕы истипиэндьийэлэрин хас төгүл куоһаралларын толкуйдаан көрүҥ. Ол эрээри, дириэктэр тустаах идэ уустугун, өссө оскуола эрдэхтэн идэҕэ туһаайар үлэ ыытыллара ирдэнэрин ыйар.
Биир кэбиниэккэ киирбиппит, локомотив ыыта үөрэтэллэр эбит. Тренажерга Амма Сатаҕайыттан төрүттээх 3-с куурус устудьуона Айсен Судинов олорор: “Сорохтор, баҕар, биир кэм рельсэ устун айан диэхтэрин сөп эрээри, тус бэйэбэр интэриэһинэй”, — диэн кэпсиир.
Атын кэбиниэккэ көмпүүтэр экраныгар устудьуоннар схеманы кыҥастаһа олороллор. Биһиги көрдөхпүтүнэ, көннөрү схема, оттон бэйэлэрэ бэркэ быһаарсаллар. “Аллараа Бэстээх ыстаансыйата үүт-үкчү хайдах баарынан хатыламмыта. Онон маннааҕы ыстаансыйаҕа үлэлии киирбит дьон, номнуо бэлэмнээх буолаллар”, — диэн дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччы Татьяна Кузьмина быһаарар.
Автомеханик хоһугар уолаттар тимири кытта эллэһэллэр, мотуор туох сыыһалааҕын булан таҥаллар. Салгыы таһырдьа тахсан, тиэхиньикуму кыйа мастарыскыайга ааһабыт. Ааны арыйааппытын кытта балта тыаһа батыйан олорор. Маҥнай утаа оҕолору аралдьытымаары: “Оҕолор, үлэлээҥ-үлэлээҥ”, — диэн эппит суруналыыстар мүнүүтэ да буолбаттар, “баһаалыста, кыратык тохтуу түһүҥ” диэн көрдөһөртөн соло булбаттар. Уолаттар бэйэлэрэ анал наушниктаах буолан, кыра саҥа аайы кумаардаан да көрбөттөр. Көр, наушнигар тиийэ хааччыллаллар!
Утары турар мастарыскыай сөрүүн. “Хайа, бу тымныыга үөрэтэҕит дуу?”, — диэн саҥа аллайабын. Онуоха: “Үөрэнэ киириэхтэрин эрэ иннинэ холбуубут. Сылаас муосталаах”, — диэн быһааран биэрэллэр. Өйдөөн көрбүтүм, оннук эбит. Ити курдук, уопсайа, 4 мастарыскыайы көрөбүт.
Араас хайысхаларга ситиһиилэрин ааҕан ситиллибэт. Үөрэҕи таһынан 9 сиэксийэ, 3 айар куруһуок үлэлиир. “ВорлдСкиллс” хамсааһыҥҥа үлэни күүскэ ыыталлар. Миэстэ даҕаны баһырхай!
Манна устудьуон 64 тыһыынча солкуобайы аахсар!
Алдан оройуонун кытта эт саастыы, быйыл күһүн тэриллибитэ 90 сылын бэлиэтиир Алданнааҕы политехническэй тиэхиньикум олоҕо күөстүү оргуйар. Манна сүрүннээн хайа бырамыысыланнаһын үлэһиттэрин бэлэмнииллэр. Быйылгыттан Дьокуускайдааҕы индустриальнай педагогическай кэллиэһи кытта ситимнээх үөрэхтээһиҥҥэ ылсан эрэллэр.
Дириэктэри үөрэх-производство чааһыгар солбуйааччы Александр Бондаренко салалтатынан экскурсияны түмэлтэн саҕалыыбыт. Дьоҕус эрээри, дириҥ, баай устуоруйалаах түмэл.
Биһиги иннибитигэр бииртэн биир лаборатория аана аһыллан иһэр. Маҥнай, иккис мэндиэмэҥҥэ үктэммиччэ “Золото Селигдара” ААУо оҥоро сылдьар аудиториятын көрдөрөллөр. Хайа дьыалатыгар үөрэх лабораториятын сыаналаах тэрилинэн хааччыйар былааннаахтар эбит.
Салгыы “Полюс” тэрилтэ сиртэн хостонор баайы байытар лабораториятыгар тиийэбит. Тэрилин толору тустаах тэрилтэ хааччыйбыт. Быраактыка кэмигэр бэйэлэрин илиилэринэн карьер, драга, электрическэй экскаватор макетын оҥорбуттар.
Усуйаанаттан сылдьар 2-с куурус устудьуона Вячеслав Николаев: “Манна кэлэн элбэҕи биллим. Тэрээһин бөҕөтө ыытыллар. Бастакы куурус кэнниттэн аҕыйах чаастаах үөрэх быраактыкатын ааспыппыт. Быйыл быраактыкабыт уһуур. Бүтэрдэхпинэ, Алдаҥҥа хаалар баҕалаахпын. Уопсайга олоробун. Араас омук элбэх. Усулуобуйата үчүгэй. Бу таастары анаалыстыы олоробун, суоттаан ыйааһынын таһаарабын, бэлиэтэнэбин”, — диэн кэпсиир.
Электромонтаж кэбиниэтигэр уолаттары сэргэ икки кэрэ аҥар боруобат холбуу турар. Оттон лабараан-экологтар лабораторияларыгар быйыл үөрэҕин бүтэрэр бастыҥ үөрэнээччи ставка аҥаарыгар үлэҕэ киирбит. Маҥнайгы куурус устудьуоннарыгар иһиттэр туохха аналлаахтарын көрдөрөр, кэпсиир, суурадаһыны бэлэмниир.
Тиэхиньикумтан тахсан туспа турар үөрэх баазатыгар тиийэбит. Алта-сэттэ остуол тухары сварщик идэтин баһылыахтаах эр бэртэрэ иһэрдэн иллэҥэ суохтар.
Салгыы автодромҥа, полигоҥҥа кытта тиийэ сырыттыбыт. Тустаах тиэхиньикум баазата баай, устудьуоннар үлэлиэхтээх тэриллэригэр, макетыгар быһаччы үөрэнэллэр эбит. Маркшейдер идэтигэр үөрэнэр Лера Депутатова “Алданзолото” тэрилтэни кытта номнуо дуогабардаспыт. Ааспыт сайын үс ый устата быраактыкатын кэмигэр бириэмийэтин кытта холбоон 205 тыһыынча солкуобай хамнаһы ылбыт! Устудьуон итиччэ хамнаһы аахсарын истэн суруналыыстар: “Чэ, эһиги тиэхиньикумҥутугар үөрэнэ хаалар эбиппит”, — диэн күлэ-оонньуу этэбит.
Манна эрэ 9-с кылаас кэнниттэн ылаллар
Алданнааҕы мэдиссиинэ кэллиэһэ тэриллибитэ быданнаата, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр үөрэх кыһата. Акушердары, биэлсэрдэри, мэдиссиинискэй сиэстэрэлэри бэлэмнииллэр. “Кэлин орто анал үөрэххэ интэриэс улаатта. Ааспыт сылтан 9-с кылаас кэнниттэн ылан эрэбит. Куонкурус үрдүк, эмчит буолуон баҕарар оҕо элбэх. Эһиил миэстэбитин икки төгүл улаатыннарар санаалаахпыт. Атын орто үөрэх кыһаларын идэлэригэр тэҥнээтэххэ, оҕолор эмчит буоларга номнуо бэлэм кэлэллэр. Үөрэҕи быраҕыы суоҕун кэриэтэ”, — диэн ааспыт сылтан анаммыт дириэктэр Николай Миронов кэпсиир. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, үөрэхтэрин бүтэрбит дьон 92 бырыһыана үлэнэн хааччыллар эбит.
Биир миэстэҕэ 3-4 киһи куонкурустаһар, 9-с кэнниттэн туттарсааччыларга итиннээҕэр арыый үрдүк дэһэллэр. Табылыннаҕына, аны сайын “лабораторнай диагностика”, “эмтиир массаж”, “эстетическэй косметика” идэлэрин арыйар былааннаахтар. Устудьуон улахан аҥаара уопсайынан хааччыллар.
“Суһал көмөнү оҥорор хос” диэн суруктаах. Суруналыыс харбыт оҕоҕо бастакы көмөнү хайдах оҥорору боруобалаан көрдө эрээри, табыллыбата. Ким эрэ: “Бүттэ, кыайан быыһаабатыҥ”, — диир саҥата иһиллэр. Сиргэ манекен сытар, 2-с куурус устудьуона Федот Максимов бэрт үөрүйэхтик сүрэҕэ тохтообут киһиэхэ хайдах көмөлөһөрү көрдөрөр. Көмпүүтэргэ холбоммут буолан, туохха сыыспытын, тугу сөпкө гыммытын барытын көрдөрөн, тута сыанатын таһаарар. Максим, преподавателлэр олус ирдэбиллээхтэр, элбэҕи ааҕар наада диир. Онтун быыһыгар аттынааҕы хоско баран, тымырга укуолу хайдах туруорары көрдөрөр.
2-с курууска үөрэнэр Айгуль Поскачина Бүлүүтээҕи педагогическай кэллиэскэ үөрэммит. Идэтин 100 бырыһыан уларытан, дьиэтин-уотун, оҕотун-уруутун хаалларан туран, сиэстэрэ идэтигэр үөрэнэ кэлбит. “Үөрэтэллэрэ олус үчүгэй. Быраактыката элбэх. Кэргэним, оҕолорум Бүлүүгэ бааллар. Биллэн турар, ыраах үөрэнэр уустук эрээри, өйдүүллэр”, — диир. Кинини кытта бииргэ үөрэнэр Анастасия Федорова эмиэ икки оҕо амарах ийэтэ, Усуйаанаттан төрүттээх, технолог идэлээх. Мин идэм буолбатах эбит диэн түмүк оҥостон, Алдаҥҥа үлэлиир кэргэнин сүбэтинэн, мэдиссиинэ кэллиэһигэр үөрэнэ киирбит.
Ити курдук кэпсэтэ түһээт, бөлөхпүттэн хаалымаары, дьоммун сырсабын. Тиийбитим, биир идэлээхтэрим хирургия хоһугар тостубут илии, атах кэчигирэһэн сыталларын одуулаһаллар, сирэйдэрин мырдыҥнаталлар. Ити курдук, устудьуон маҥнай утаа көрөн үөрэнэригэр усулуобуйа барыта олохтоммут.
Саамай улахан кэллиэс
Соҕурууҥҥу Саха сирин тиэхиньиичэскэй кэллиэһэ өрөспүүбүлүкэҕэ саамай бөдөҥ үөрэх кыһатынан биллэр. Манна 1600 устудьуон үөрэнэр. Сүүрбэччэ бөдөҥ тэрилтэни кытта ыкса үлэлэһэллэр.
Доруобуйаларынан хааччахтаах дьону эмиэ үөрэтэллэр, маныаха пандустан саҕалаан, барыта көрүллэр. Бэл диэтэр, уйулҕа үлэһитэ кытта нэдиэлэ ахсын дьарыктыыр эбит.
Тустаах кэллиэс материальнай-тиэхиньиичэскэй баазата 75 бырыһыан саҥардыллыбыт диэни соччо итэҕэйбэтэҕим. Онтум чахчы, харах халтарыйар тэриллэрэ! Мастарыскыайга 5,5 мөлүйүөн солкуобайдаах сүүнэ аппараат турар. Биһигини арыаллыыр дириэктэр эбээһинэһин толорооччу Оксана Фоменко, үлэ биэрээччилэрбитигэр даҕаны маннык суох диэн сөхтөрөр.
Маҥнай утаа мастарыскыайдары көрөбүт. Бачча кэлбиччэ холонон көрбөккө барар табыллыбат курдук. Ол иһин, көмпүүтэргэ холбоммут сыбааркалыыр аппарааты ылан иһэрдэн көрөбүн. Оттон дьиҥнээх аппарааттарга устудьуон уолаттар мааска кэтэн иһэрдэ олороллор.
Ситимнээх үөрэх бырагырааманан Дьокуускайдааҕы хомунаалынай-тутар тиэхиньикумҥа “монтажник трубопровода” идэтигэр үөрэнэр устудьуоннар иккис симиэстирдэрин үөрэнэ сылдьаллар. Дмитрий Бояров: “Тааттаттан сылдьабын. Бу иккис үөрэҕим буолар, биир сыллаах. Үөрэххэ туттарсарбытыгар, ситимнээх үөрэх бырагыраамата, онон сыл аҥаара куоракка, сыл аҥаара Нерюнгрига үөрэнэҕит диэн сэрэппиттэрэ. Анал бырагыраама буолан, уопсай дьиэ көрүллэр. Таһырдьа даҕаны тахсыбаппыт. Туох баарынан бэйэбит астанабыт. Остолобуойга эбиэтиибит. Биир толору аһылык ортотунан 150 солкуобайга тэҥнэһэр. Манна кэлэн элбэх быраактыканы ааһан эрэбит. Эксээмэммитин Дьокуускайга туттарабыт”, — диэн куурус ыстаарастата санаатын үллэстэр.
Биир аудиторияҕа киирбиппит, букатын БелАЗ автотренажера турар. Иһигэр устудьуон олорор. Тренажер дьиҥнээх массыынаҕа ханыылыы. Арай, түннүгүн оннугар улахан экран турар, преподаватель көмпүүтэригэр быһаччы холбоммут. Хайаҕа тахсар буоллаҕына, тренажер кыҥнайар, сыыһа гыннаҕына барытын ыйар, сыанатын туруорар.
Таҥнан, эмиэ “ВорлдСкиллс” чөмпүйэнээт ирдэбилигэр эппиэттиир туспа турар мастарыскыайга барабыт. Манна собуоттан тахсыбыттыы саҥа биэс массыына турар. Уолаттар бэлэмнэнэн бокуой булбаттар, биир кэм массыыналарын хасыһаллар. Ыл да, үөрэн!
Кэми урутаан иһэр кэллиэс
Нерюнгритааҕы мэдиссиинэ кэллиэһэ 1990 сыллаахха тэриллиэҕиттэн, күн бүгүҥҥэ диэри өрөспүүбүлүкэни орто анал идэлээх эмчиттэринэн хааччыйан олорор үөрэх кыһаларыттан биирдэстэрэ. Саха сириттэн ураты Забайкальскай, Красноярскай кыраайдартан, Бурятияттан, Чита уобалаһыттан, Татарстантан, Казахстантан тиийэ кэлэн үөрэнэллэр эбит. Тустаах үөрэх кыһатын туһунан үс сүрүн түгэни бэлиэтиир оруннаах.
Бастакытынан, 2018 сыллаахха Уһук Илин уокуругар РФ Үөрэҕириигэ Гранын соҕотох сүүйбүт. Инньэ гынан, сыаналаах тэрилинэн хааччыллыбыттара харахха тута быраҕыллар. “Балыыһаттан биир идэлээхтэрбит кэллэхтэринэ, бу курдук аныгы тэрилгэ үөрэммит үлэһиттэр биһиэхэ тиийэн хайдах үлэлииллэр”, — диэн бэркиһииллэр. Манна араас пультунан үлэлиир оронтон саҕалаан, суһал көмө массыынатын тренажеругар тиийэ барыта баар. Оттон киһи курдук 40-50 киилэлээх, эбэтэр төрөөрү сытар, иһигэр бэл оҕото көстөр манекеннар тустарынан этэ да барыллыбат!
Иккиһинэн, кэлэктиип түмсэн үлэлиирэ ырылхайдык көстөр. Оскуола үөрэнээччилэрин ортолоругар идэҕэ уһуйар үлэни ыыппыттара быданнаабыт. “Медицина — не работа, а призвание” бырайыак иитинэн оскуола үөрэнээччилэрин таһынан, иллэрээ сылтан уһуйаан оҕолоро кэлэн илэ көрөн-истэн барар буолбуттар. Биһиги сылдьар кэммитигэр 24-с нүөмэрдээх лиссиэй уонна Арктика оскуолатын үөрэнээччилэрэ бааллара. Сүрүн уратыта диэн, манна оҕолорго улахан куурус устудьуоннара эмиэ кэпсииллэр эбит.
Преподаватель, бырайыагы салайар Екатерина Курганова аудиториятыгар устудьуоннар долбуурга вирус арааһын оҥорон кэчигирэппиттэр. Хараҕым бүгүн болҕомто киинигэр сылдьар “коронавирус” диэн сурукка хатанар. “Коронавирус өссө тарҕаныан иннинэ, эрдэ оҥорбуппут”, — диэн кэпсииллэр. “Оччотугар коронавируһу эһиги көбүппүт эбиккит”, — диэн суруналыыстар күлэ-оонньуу хоруйдаһаллар.
Итини сэргэ, Өлүөхүмэ куоракка иккис сылын “сиэстэрэ дьыалата” идэҕэ салаа аһан үөрэтэн эрэллэр. Итиэннэ биэнсийэҕэ тахсыан иннинээҕи саастаах дьону үөрэтэллэр. Киэһэтин кылгас болдьохтоох, төлөбүрдээх маникюр, педикюр, косметолог идэтигэр уһуйаллар.
Үсүһүнэн, үөрэхтэрин бүтэрбиттэри уруккулуу үөрэх тэрилтэлэринэн аныыллар. Онон үлэнэн хааччыллыы 100 бырыһыан эбит.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА) хаартыскаҕа түһэриилэрэ.