Сүөһү сиир култууратын ыһыытын кэҥэтэргэ быһаарыннылар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Хаҥалас улууһа бурдугу 1 532 гектарга, сүөһү сиир култууратын 2086 гектарга ыһар, хортуоппуйу 700 гектарга, аһаҕас буорга үүнэр оҕуруот аһын 135 гектарга олордор, ол эбэтэр барыта 4 453 гектар бааһынаҕа үлэлиир былааннаах.

edersaas.ru


Элбэх сүөһүлээх икки хаһаайыстыба (“Нөмүгү агрофирма” уонна “Бөртө сылгы собуота” хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэлэр) үүккэ идэтийэр буоланнар, үүнүүнү бааһынаттан ыларга дьулуһаллар. Холобур, нөмүгүлэр Судан отун, горох, подсолнух, кукуруза курдук ордук үүттүгэннээх үүнээйилэри ыһаннар, сиилэс угаллар уонна сенажтыыллар.

— Урукку өттүгэр бурдукка, хортуоппуйга эмиэ үлэлиир буоллахпытына, быйылгыттан ону тохтотон, наар сүөһү сиир култууратынан барарга быһаарынныбыт, – диэн иһитиннэрэр «Нөмүгү агрофирма» ХЭТ сүрүн агронома Владимир Трофимов. – Онон, 502 гектарга элбэх сыллаах оту уонна сиилэскэ анаан эбиэһи, Судан отун, подсолнуҕу, кукурузаны ыһыахпыт. «Туймаада» агрохолдинг иһинэн үлэлиир буоламмыт, кинилэргэ сайаапкалаан, элбэх сыллаах оппут, подсолнухпут, кукурузабыт сиэмэтин уонна минеральнай уоҕурдуубутун барытын, оттон эбиэспит сиэмэтин улахан аҥаарын аҕалтаран олоробут. Кыһын хаар халыҥ этэ, сайыҥҥы өттө хайдах буолар, дьэ? Ити эрээри, ыһыыбыт улахан аҥаарын былырыын сайын паардаабыт 300 тыһ. гектар бааһынабытыгар ыһабыт, онон кураантан улаханнык куттаммаппыт.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат,  edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0