Үһүс саас оскуолата – кэм ирдэбилэ

Бөлөххө киир:

Сыллата кулун тутар ый үһүс оптуорунньугар Аан дойдутааҕы социальнай үлэ күнэ бэлиэтэнэр. Бу социальнай үлэһиттэр күннэтэ оҥорор үлэлэрин, кинилэр дьон туһугар түбүктэрин уопсастыбаҕа биллэрэр сыаллаах күн.

Социальнай үлэ хабар хайысхата, кырдьыга да, олус киэҥ. Кырдьаҕаһы-кыамматы көрүүнү-харайыыны, доруобуйаларын туругунан хааччахтаах дьоҥҥо көмөөйөбүл буолууну таһынан, билигин социальнай хааччыйыы эйгэтигэр саҥа хайысха – аҕам саастаах дьону үөрэтии диэн баар буолла.

Саҥа хайысха биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр кэм, олох ирдэбилин быһыытынан уонча сыллааҕыта үөскээбитэ. Саха сиригэр аҕам саастаах дьону үөрэтии аан бастаан Үһүс саас оскуолатын быһыытынан үөскээн, тута дьон сэҥээриитин ылан, салгыы тарҕанан, бэйэтэ туспа хамсааһын буола сиппитэ. Билигин бу хайысха сайдан, дьон наадыйыыта баара бигэргэнэн, социальнай эйгэҕэ саҥа соруктар турдулар.

Нэһилиэнньэ сааһырыыта – сытыы боппуруос

Нэһилиэнньэ сааһырыытын, аҕам саастаах дьону үөрэтэр тоҕо наадатын уонна бу хайысха салгыы сайдарыгар ханнык соруктар туралларын Саха сирин социальнай үлэһиттэрин холбоһугун бэрэссэдээтэлэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи нэһилиэнньэни социальнай хааччыйыы кэлим киинин дириэктэрэ, “Үһүс саас оскуолата уопсастыбаннай хамсааһыны төрүттээччи, СӨ социальнай сулууспатын үтүөлээх үлэһитэ, Дьокуускай куорат Думатын дьокутаата Наталья Пахомованы кытта кэпсэттибит.

Социальнай эйгэ үлэһиттэрэ, дьон наадыйыытын иһиттэн билэ-көрө сылдьар дьон, дойдубутугар нэһилиэнньэ сааһырыыта диэн сытыы боппуруос баар буолла, мантан кэккэ соруктар үөскээн тахсаллар диэн ыйаҕыт. Сааһырыы – айылҕа сокуона буоллаҕа, киһи-аймах баарын тухары баар көстүү. Оччотугар тоҕо билигин сытыы боппуруос диэн ааттанар буолла?

— Нэһилиэнньэ сааһырыыта диэн бүтүн дойду үрдүнэн биир сытыы боппуруос буолан турар. Тоҕотун быһаарыым. Киһи үйэтэ уһааһынын кытта ситимнээх демографическай уларыйыылар, уопсастыбаҕа аҕам саастаах дьон ахсаана үксүү турара – баар суол. Аҕам саастаах киһи үлэлээн бүтэрэ, күннээҕи олоҕо уларыйара, саҥа усулуобуйаҕа үөрэнэрэ – бу барыта кини социальнай статуһа уларыйыытыгар тиэрдэр.

Хас биирдии киһиэхэ үлэлээн бүтэн биэнсийэҕэ тахсара – олоҕун укулаата уларыйыыта. Киһи үп-харчы өттүнэн кыаҕа уларыйара, уопсастыбаҕа, чугас дьонугар наадалаах курдук сананара – бу барыта киниэхэ үгүс толкуйу үөскэтэр. Аны туран, сааһырбыт дьону үөрэтиини биһиги кэм уонна дьон бэйэтин ирдэбилэ диэн ааттыыбыт.

Билиҥҥи биэнсийэлээхтэр кимнээҕий? Үгүстэрэ үөрэхтээх, киэҥ билиилээх, сайдыылаах дьон. Үлэлиир саастарыгар үлэни сэргэ дьиэ кэргэн күннээҕи түбүгэр, оҕону, сиэни улаатыннарыыга сылдьан, бэйэ сайдыытыгар, бэйэ санаата сытар дьарыгар бириэмэ тиийбэтэ диэн эмиэ баар. Онон бу дьон бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран, дьиэҕэ бүгэн олорбокко, уопсастыбаҕа тахсар, сайдар, саҥа сатабылы баһылыыр баҕаларын өйүүбүт.

— Оччотугар, уонтан тахса сыллааҕыта Дьокуускайга аҕам саастаах дьоҥҥо анаан Үһүс саас оскуолата тэриллибит төрүөтэ бу буолбут эбит?

— Оннук. Биһиги, социальнай эйгэ үлэһиттэрэ, күннэтэ аҕам саастаах дьону кытта алтыһан, кинилэр ханнык кыһалҕалары, уустуктары көрсөллөрүн, туох санааҕа ылларалларын билэ сылдьабыт. Үһүс саас оскуолата аҕам саастаах дьон биэнсийэҕэ тахсан, олох саҥа кэрдиис кэмигэр үктэнэллэригэр олоххо көхтөөх сыһыаннарын тутан хаалалларыгар, тус хаачыстыбаларын сайыннаралларыгар, уопсастыбаттан, дьону кытта алтыһыыттан тэйбэттэригэр төһүү буолар, итиэннэ аҕа саастаах көлүөнэ билиитин, сатабылын тиэрдэригэр усулуобуйа тэрийэр сыаллаах олохтоммута.

Бу барыта – биэнсийэҕэ тахсан баран, дьиэ түөрт муннугар хаайтарыан баҕарбат дьон ирдэбилэ. Биһиги ону кэмигэр чинчийэн көрөн, сөпкө таба тайаммыппыт диэн билигин этэбит. Күн бүгүн Үһүс саас оскуолатын филиала өрөспүүбүлүкэ 12 улууһугар үлэлиир, 40-тан тахса араас хайысхалаах куруһуоктар тэриллибиттэрэ, оскуола курсистара бу сыллар тухары араас таһымнаах күрэстэр, бэстибээллэр кыайыылаахтара буоллулар. Дойду атын эрэгийиэннэрэ биһиги уопуппутун сэргээн, үөрэнэ, билсэ олороллор. Аҥаардас 2021 сылга Үһүс саас оскуолатыгар 37 934 киһи дьарыктанна, уопсайа “ЗУМ” былаһааккатыгар 977 дьарык ыытылынна. Курсистарбыт орто саастара – 68.

Чинчийии ыытыллар

— Үһүс саас оскуолатыгар үөрэх бырагыраамата, бэрээдэгэ хайдах быһыылаахтык олохтоноруй?

— Үөрэх модульнай диэн ааттанар систиэмэнэн барар. Ол аата, волонтер-преподавателлэр курсистар үөрэниэн баҕарар хайысхаларынан көрөн, хас биирдиилэригэр тус бырагырааманы оҥороллор. Үһүс саас оскуолатыгар үөрэниэн баҕалаах элбэҕинэн сибээстээн, тутар хампаанньа диэн баар. Бу атырдьах-балаҕан ыйдарыгар буолар. Курсистар испииһэктэрэ туоллаҕына, оскуола дьаһалтата дьону баҕалаах хайысхаларынан көрөн, аттарар. Дьэ, ол кэннэ үөрэх саҕаланар.

Пандемия иннинэ курсист нэдиэлэҕэ иккитэ кэлэн дьарыктанарын курдук тэрийэр этибит. Дьарык күнүс 11тэн 16 чааска диэри ыытыллара. Билиҥҥитэ дьарыктарбыт онлайн-эрэсиимҥэ көһөн, бу икки сылы быһа тиһигин быспакка бардылар. Дьарык хайысхата араас. Манна доруобуйаны көрүнэр дьарыктартан саҕалаан, иис, баайыы, ырыа, хомуска үөрэнии, компүүтэри баһылааһын, английскай тылы үөрэтии, о.д.а. хайысхалар бааллар.

— Наталья Николаевна, эн бэйэҥ бу аҕам саастаах дьону үөрэхтээһин боппуруоһугар анаан биэнсийэлээх дьон ордук туохтан мунааралларын, ханнык боппуруостарга уустуктары көрсөллөрүн чинчийэн үөрэппиккин. Бу чинчийии туох түмүктэри көрдөрдө?

— Чинчийиини түөрт бөлөҕүнэн ыыттыбыт — идэлэринэн үлэлии сылдьар, идэлэринэн буолбакка, атын үлэҕэ сылдьар, волонтердуур уонна үлэлээбэт дьону талан ыллыбыт. Аҕам саастаах дьон көрсөр сүрүн ыарахаттарын талан ылан, ыйытыктаах анкета оҥордубут. Маныаха киһини толкуйдатар түмүк тахсыбыта диэн этэр наада.

Холобур, олох саҥа усулуобуйатыгар үөрэниигэ ыарахаттары көрсүүлэрин, аныгы тэтимнээх олоххо сөп түбэһэргэ сөптөөх билии тиийбэтин, бэйэ ис туругун арыйыы кыайтарбатын, социальнай статустарын ылымматтарын, дьону кытта алтыһыы аҕыйаабытын, доруобуйаларын туруга, үлэлиир кыахтара мөлтөөбүтүн, оннооҕор олох суолтата сүппүтүн үгүс киһи бэлиэтээбит этэ. Анкетаны толорбут дьонтон улахан аҥаара эбии үөрэхтээһини олохторугар үтүө уларыйыы буоларын кытта ситимнииллэрэ көстүбүтэ. Онон, аҕам саастаах дьоммут биһиэхэ үгүстүк этэ да сылдьыбаталлар, биэнсийэҕэ тахсыылара – олохторун биир уустук түһүмэҕэ диэн өйдүүрбүт наада.

Судаарыстыба таһымыгар тахсыахтаах

— Саха сиригэр аҕам саастаах дьону үөрэтии уопута баар буолла диэн этиэххэ сөп. Бу боппуруос үгүс дьону таарыйарын, уопсастыбаҕа биир сытыы боппуруоһу үөскэтэрин быһыытынан, салгыы бу хайысханы судаарыстыба таһымыгар таһааран, үөрэх систиэмэтигэр киллэриини үөрэтэр эбиккит.

— Билигин судаарыстыбаҕа үөрэхтээһин диэн өйдөбүл оҕолорго уонна эдэр дьоҥҥо эрэ сыһыаннаан туттуллар. Оттон аҕам саастаах киһи үөрэнэр баҕата – бу кини бэйэтин кыһалҕата курдук. Дойдуга аҕа көлүөнэ үөрэнэрин өйүүр сыаллаах сокуон диэн эмиэ суох. Тэрилтэлэргэ аҕам саастаах үлэһиттэри үөрэттэрии диэн суоҕун кэриэтэ. Холобур, “Росстат” дааннайа көрдөрөрүнэн, аҕам саастаах үлэһиттэри үөрэттэрии үлэ төлөбүрүн пуондатын 0,35-0,41%-н ылар.

Биир өттүнэн, судаарыстыба үбүлүүр үөрэҕэ сүрүннээн үлэтэ суох дьоҥҥо туһаайыллар уонна орто, үрдүк үөрэхтээх дьоҥҥо сөбө суох буолар. Ол эрээри, дойду таһымыгар биэнсийэлээх дьону үөрэтии боппуруоһа син көрүллэр буолбута да үөрдэр. Боппуруос үөрэтиллэр кэмигэр биһиги ыыппыт үлэбит уопутугар олоҕуран уонна аҕам саастаах дьон наадыйыытын учуоттаан, кэккэ этиилэрбитин көтөҕөбүт.

Ол курдук, аҕам саастаах дьону үөрэтии судаарыстыбаннай бэлиитикэҕэ киирсэригэр, бу судаарыстыба уонна уопсастыбаннай тэриллиилэр кыттыгас бырагыраамалара буолара наада. Иккиһинэн, бу саҥа хайысханы баар үөрэх систиэмэтигэр киллэрэр гына үлэлиэххэ наада. Үөрэх өҥөтүн биэрэр чааһынай секторга судаарыстыба өйөбүлүн киллэрэр оруннаах. Итиэннэ аҕам саастаах дьону үөрэтэр анал үөрэхтээх дьон наадалар.

— Кырдьык да, уопсастыбаҕа баар, барыбытыгар сыһыаннаах сытыы боппуруос көтөҕүллэр эбит. Сөптөөҕүн үлэлээн, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан, билиини хаҥатар саҥа сатабылы баһылыыр, ону күннээҕи олоххо туһаныы, биир интэриэстээх дьоҥҥун кытта алтыһыы – бу буоллаҕа, олох саҥа кэрдииһигэр үктэнии, олох үтүөтүн сомсуу диэн. Наталья Николаевна, түбүктээх үлэҕит үтүө түмүктээх буоларыгар баҕарабын!

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

СИА хаартыскалара

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0