«Ааспыт сылга Үһүс саас оскуолата 22 тыһыынча онлайн-дьарыгы куйаар ситиминэн ыытта. Ол 2019 сылы кытта тэҥнээтэххэ, 3,5 төгүл элбэх”, — диэн оскуола салайааччыта Пелагея Прядезникова этэр.
Бэйэни хааччахтаныы эрэсиимэ киирэн, былырыын кулун тутартан онлайн үлэ көрүҥэр толору көспүттэрэ. Дьарыктары ZOOM нөҥүө ыытар буолбуттара. Күн аайы түөртэн аҕыйаҕа суох, үөрэтэр, чэбдигирдэр, сайыннарар, фольклорнай, о.д.а. дьарыктар буолаллар. Ордук элбэх дьон үөрэтэр дьарыгы көрөллөр. Манна йоганы, тыыныы гимнастикатын, үҥкүүнү, су-джок терапияны, о.д.а. үөрэтэллэр. Ону тэҥэ, аҕам саастаах дьон көмпүүтэргэ үөрэтэри эмиэ сэргииллэр.
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Үһүс саас оскуолата улуустарга 13 филиаллаах. Аҕам саастаах дьон түмсэн, көрсөн, кэпсэтэн, куруһуоктарга үөрэнэн, сэргэхсийэллэр, олоххо тардыһыылара күүһүрэр. Бу үлэ онлайн көрүҥүнэн да ыытыллан, тэтимин ыһыктыбат.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн.