Сэтинньи 2-3 күннэригэр Арассыыйа Федерациятын Уопсастыбаннай балаататын тэрийиитинэн, Москваҕа «Сообщество» түмүк форума ыытыллыбыта. Онно кэммиэрчэскэйэ суох холбоһуктар олоҕу-дьаһаҕы тупсарыыга көдьүүстээхтэрэ бэлиэтэммитэ итиэннэ уопсастыбаннай тэрилтэлэр бэйэ-бэйэлэрин уонна былааһы, бизнеһи кытары бииргэ үлэлээһиннэрин бары эйгэнэн күүһүрдэргэ этиллибитэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр куораттары, бөһүөлэктэри тупсарыыга, көҕөрдүүгэ, кыаммат араҥаҕа көмөнү тэрийиигэ, ыччаты дойдуга бэриниилээх буолуу иэйиитигэр иитэргэ, чулуу дьону үйэтитэргэ, дьиэ кэргэн уонна сиэр-майгы сыаннастарын бөҕөргөтөргө, чөл олоҕу тарҕатыыга уопсастыбаннай тэрилтэлэр таһаарыылаахтык үлэлииллэр. Кинилэр киэптэрэ араас, сорохтор “тэрилтэ”, атыттар “холбоһук” эбэтэр “хамсааһын” дэнэллэр, ол эрээри сыаллара-соруктара биир, итиэннэ ахсааннара элбии турар. Холобур, национальнай култуура эйгэтигэр 47 бөдөҥ уопсастыбаннай тэрилтэ баар. Уопсастыбаннай хамсааһыны Гражданскай уопсастыба институттарын сайыннарыы итиэннэ Үлэ уонна социальнай сайдыы бэлиитикэтин министиэристибэлэрэ иилииллэр-саҕалыыллар.
Өрөспүүбүлүкэ 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсө, 2022 сылга диэри сыллата сүүс бастыҥ уопсастыбаннай көҕүлээһини талар туһунан бырабыыталыстыба уурааҕа тахсан турар. Кыайыылаахтары быһаарар хамыыһыйаҕа Уопсастыбаннай балаата чилиэннэрэ, толорор былаас уорганнарын, улуустар дьаһалталарын, идэлээх сойуустар, үөрэх эйгэтин бэрэстэбиитэллэрэ киирбиттэрэ. Саҥа ирдэбил быһыытынан, үөскүүр мөккүөрдэри быһаарар итиэннэ куонкуруһу хонтуруоллуур туһугар хамыыһыйа састаабыгар экспертэр киллэриллэр буоллулар. Ким интэриэһиргээбит, куонкурус балаһыанньатын уонна кэммиэрчэскэйэ суох холбоһугу ханнык сокуоннарга олоҕуран тэрийэр, үлэни-хамнаһы хайдах былаанныыр, аттарар о.д.а. тустарынан Гражданскай уопсастыба институттарын сайыннарыы министиэристибэтин сайтыгар киирэн билсиэн сөп. Бу туһунан Гражданскай уопсастыба институттарын сайыннарыы миниистирэ Анатолий Бравин кэпсээтэ.
Раиса Сибирякова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru