Глория дьиҥнээх аата Наташа диэн. Дьүөгэтэ Аанчык кинини Шерон Стоуҥҥа майгынныырын иһин итинник ааттыаҕыттан, билэр дьоно Глорияттан атыннык ааттаабаттар. Наташалар элбэхтэр, Глориялар аҕыйахтар, онон кими этэллэрин тута билэллэр.
Дьэ, буот, Глория «Позитив» атыы-эргиэн киинигэр павильон арендалаан, сибэкки атыылыыр туочукаламмыта номнуо төрдүс сылыгар барда.
Дьаҥ-дьаһах кэмигэр эргиэнэ төһө даҕаны мөлтүү сырыттар, билигин, бобуу-хааччах кыччаан, дьон син сибэкки ылар буолан эрэринэн, биисинэһэ өрө көбөн эрэр.
Соторутааҕыта Глорияны кэргэнэ Эрилик Уоланныын «Киин» киинэ тыйаатырын кафетыгар көрсөн, хордуон ыстакаантан үүттээх чэй иһэ-иһэ ону-маны сэһэргэстибит.
Глория биир килийиэнин туһунан сэһэргээтэ. Кини кэпсээнин долгуйа иһиттим.
Давид диэн эдэр, отуччатын ааспыт киһи, Глорияттан субуота аайы сибэкки атыылаһар эбит. Үстүү розаны. Кыһыл эбэтэр тэтэркэй өҥнөөхтөрү. Кэргэнигэр анаан. Биир оруоса сибэкки үс мөһөөк отут солкуобай. Үһүнэн букет оҥордоххо тыһыынча буолар эбит.
Ааспыт нэдиэлэҕэ Давид, уһун, уоһах араҕас сонноох, кылгас хара баттаҕа будьуруйан, субуотаҕа буолбакка, чэппиэргэ кэлбит. Үгэс курдук, үс кыһыл розаны ылбыт. Глория дыргыл сыттаах сибиэһэй сибэккилэри талан, умнастарын тэҥнии быһан баран, целлулоид бүлүөҥкэнэн эрийэн, суулаан, кыһыл атылаас лиэнтэчикэнэн баайан биэрбит. Онтон уол, хаҥас илиитин тарбахтарын саратан, баттаҕын кэтэҕин диэки өрө имэринэн ньиккэрийбит уонна оттомноох куолаһынан сибэккини дьиэҕэ тиэрдэн биэрэллэрин-суоҕун ыйыппыт.
— Доставка услугата баар, — диэн тута-бааччы Глория хардарбыт .
Онуоха Давид:
— Баһаалыста, бу аадырыска субуота аайы үстүү розаны тиэрдэ тураарыҥ дуу, — диэбит уонна аадырыс суруллубут тэтэрээт илииһин ууммут.
Глория өйдөөбөтөхтүү көрбүтүгэр эдэр киһи мунчаарбыттыы:
— Мин эппэрээһийэҕэ баран эрэбин… — диэбит.
Глория уолу аһына санаабыт. «Көрүҥэ муус өлүөр курдук, тугун оҥотторор буоллаҕай?» — диэн мунаарбыт.
— Туоххунан? — диэн ыйыппыт.
— Байыаннай эппэрээһийэҕэ барабын, — диэн хоруйдаабыт бастайааннай килийиэнэ.
— Төһө өр кэм устата сибэккини илдьэн биэрэбитий? — диэн Глория ыйыппыт, долгуйбуттуу.
— Бакаа үс ый.
— Оччоҕо уон түөрт тахсар. Доставката босхо.
Давид портмонетыттан үс кыһыл кумааҕыны (уон биэс тыһыынчаны) таһааран, урбаанньыкка ууммут.
Глория, каассатын арыйан, халлаан күөх икки тыһыынчалаах күпүүрэни кытта биэс мөһөөктөөҕү хостообут, уол биир биэс тыһыынчалааҕын кытта төттөрү ууммут:
— Биэс уон бырыһыан скидкалыыбын…. — диэбит, куолаһа титирэстээн ылбыт.
Давид мичээрдээбит, махтаммыт уонна үс оруоса букетын туппутунан тахсан барбыт…
…Глория кэпсии олорон, долгуйан, хараҕын соттон ылбыта…
Максим Ксенофонтов