Дмитрий улуустааҕы балыыһа инфекционнай отделениетыгар сыппыта ыйтан орто. Бүгүн балыыһаттан тахсыахтаах. Сарсыардааҥҥы обходу кэтэһэ таарыйа туумбатыттан үрүсээгэр иһитин, сотторун, суунар тэриллэрин ылан кичэллээхтик дьаарыстаан уурда. Биир палаатаҕа сыппыт табаарыс уолаттара ымсыырбыттыы, эмиэ да мунчаарбыттыы, батыһа көрдүлэр.
— Дмитрий, балыыһаттан тахсар абыраммыт киһигин, — Никита сэниэтэ суох баҕайытык саҥаран ньуллугураата. Уһун, акылдьыйбыт кубархай көрүҥнээх уол, быара ыалдьар буолан, балыыһалары кэрийбитэ сылтан орто. Онон төһө да салҕыбытын иһин, үтүөрэр баҕаттан куруутун эмп сытынан аҥкылыйар балыыһаттан тахсыан эмиэ баҕарбат.
— Ким билэр. Билигин бырааспыт Антонина Гаврильевна атыны туойдаҕына да көҥүлэ, — сыллата балыыһаны эмиэ кэрийэр Кириисэ күлэн мүчүҥнээтэ. Итиитэ бэрт буолан, футболкатын уһулан, тельняшканан эрэ сытар. Кэпсээнэ киирдэҕинэ, айаҕа хам буолбат. Аармыйаҕа морской флокка сулууспалаан, хайдах, ханан устубутун кэпсээтэҕинэ, бириэмэни билбэккэ хаалааччылар.
— Чэ, бүтүҥ, оҕолор. Арааһа, бырааспыт иһэр быһыылаах, — Никита өссө да айаҕа аһыллан кэпсиэх киһини тохтотто. Көрүдүөргэ үрдүк хобулуктаах кылгас остоох соппуоскатынан кытаанах-кытаанахтык үктэнитэлээн хаамар тыаһы истэн уолаттар чуумпура түстүлэр. Ойон туран ороннорун сабыытын көннөрбөхтөөт, чөмчөччү туттан олордулар.
Аан тэлэччи аһыллан, Антонина Гаврильевна кырыытынан устан киирэн кэллэ.
— Хайа, уолаттарым, доруобуйаҕыт хайдаҕый? — быраастара мичээрдээн күлүм аллайбытыгар иэдэстэригэр икки оҥхой кэрэлэнэн көһүннэ. Төһө да бэйэтин сааһыгар сөбө суох суон көрүҥнээҕин иһин, ис киирбэхтик мичээрдээн кэбистэҕинэ, киһи хараҕар быраҕыллар кэрэ мөссүөннэнэр. Ол иһин бииргэ үлэлиир коллега дьахталлара: «Мичээрдээ, мичээрдээ. Эр дьон сүрэхтэрин сүүйэр мичээргин харыһыйыма», — диэн күлсээччилэр. Үлэтин таптыыр. Ыарыһахтарыгар улахан аптарытыатынан туһанар, отделениетыгар учуокка турааччылары, эккирэтиһэн да туран, сылга иккитэ көрөн тэйэр идэлээх Антонина Гаврильевна киирээт, болҕомтотун Дмитрийгэ уурда.
— Хайа, Дмитрий, доруобуйа хайдаҕый?
— Үчүгэйбин. Тахсаары кынаппын куурда сылдьабын, — уол сэмэйдик хардарда.
— Выпискаҕын суруйан бэлэмнээтим. Кытаатан харыстан. Эмкин көтүппэккэ иһэн ис. Аны балыыһаҕа кииримэ. Ол эрээри, поликлиникаҕа сылга иккитэ көрдөрөргүн умнума, — бырааһа барытын лоп бааччы быһаарарын быыһыгар уолга илиитин биэрдэ.
— Эрэннэрэбин. Барыта эн эппитиҥ курдук буолуо, — Дмитрий дьахтар намчы илиитин ыга тутта. Уол үрүсээгин ылан сүгэрдии санныгар бырахпытын көрөн, уолаттар аттыгар чугаһаан, илиилэрин биэрдилэр. Хардары-таары санныларын таптайыстылар.
— Чэ, көрсүөххэ диэри. Абыраммыт киһигин. Бүгүҥҥүттэн көҥүл чыычааххын. «Аны балыыһаҕа кэлимэ» диэн тыллары эмтэнэр быраастан бэйэтиттэн истэр төһө эрэ үчүгэй этэ. Антонина Гаврильевна, биһиэхэ хаһан инньэ диигин? — Кириисэ күлэн ымайбытыгар аҕыйах хаалбыт тиистэрэ ардьаһан көһүннүлэр.
— Барыта бэйэҕититтэн тутулуктаах. Эмтэнэн тахсаат, арыгы үрдүгэр түһэр буоллаххытына, үтүөрүөхтээҕэр ыарыы оборчотугар эбии ылларан иһэр буоллаххыт, — Антонина Гаврильевна ыарыһаҕын сэмэлээбиттии көрдө.
— Ээ-чэ, кэм буолуо. Бэйэм киирэн биэрэбин, — Кириисэ тараҕай төбөтүн сууралыы хаалла.
Дмитрий балыыһаттан тахсаат, убайыгар үрүсээгин хаалларан баран, таптыыр кыыһыгар Тинаҕа бара сылдьарга быһаарынна. Сарсын дойдулуо. Кыыс үлэтиттэн эбиэккэ кэлэрин учуоттаан, ол саҕана тиийдэ. Икки этээстээх коттедж дьиэ ыраахтан дьэндэйэ көһүннэ. Үрдүк олбуордаах дьиэни дьулайа көрдөр да, эрэллээхтик туттан киирэргэ сананна. Калиткаҕа кыыс ийэтэ, томтоллубут, куруутун кыыһыран кыйытта сылдьар көрүҥнээх дьахтар кыйахана көрүстэ.
— Кимҥэ кэллиҥ? Тина суох, — олбуорга киллэрбэттии калитка аанын бүөлүү турунна.
— Сотору кэлэр ини. Мин манна күүтүөм, — уол таптыыр кыыһын ийэтэ сөбүлээбэтин быһаччы биллэрбититтэн хомойон, мух-мах буолла. Аллараттан үөһэ аанньа ахтыбатахтыы, эбиитин сэнээбиттии кынчыатыы көрбүт харахтан эт-этэ тымныйан, сибилигин көтүөр кыната эрэ суох курдук долгуйа-үөрэ испитэ ханна да суох буолла. Дьахтар иннигэр, оскуола оҕотун курдук, төһө өр тэпсэҥнии туруой? Дима эргиллэ түһээт, иннин диэки түһүнэн кэбистэ. Хаһан да дьахтартан итинник сэнэттэриэм диэн санаабатаҕа. Буолан баран тапталлааҕын төрөппүт ийэтиттэн. Ол аата биһиги аймахха тэҥиҥ суох диэтэҕэ. Тина дьонун сыһыанын барытын билэ сырыттаҕа. Уонна тугу да саҥарбат. Ыарыһах диэтэхтэрэ. Кырдьык оннук. Улуус солбуйар баһылыгын үрдүк үөрэхтээх кыыһа, эбиитин аспирантураҕа үөрэнэр, үөрэх управлениетын методиһа ханнык эрэ үөрэҕэ суох дэриэбинэ боростуой, өссө, аһыы утаҕы амсайар дьон уолларыгар тоҕо кэргэн биэриэхтэрэй? Санаатыттан көймөстөн, эбиитин тууйуллан, сибилигин дьол кыымынан ыһыахтана испит хараҕа сиигирэн, хараҥарталаан, сүрэҕэ-быара ыгыллан, тулата барыта кураанахсыйбыт курдук буолла. Хайдах эмэ гынан Тинаны эрэ көрсүбэтэх киһи диэн санаата баһыйан, уулуссанан буолбакка, дьиэлэр быыстарынан, убайын дьиэтин диэки быһалыы түһүнэн кэбистэ…
…Кристина Ивановна «Тойота Виц» иномаркатын уруулун эрийэ тутан дьиэтин таһыгар сыыйылыннаран кэлэн тохтоото. Тэпилииссэ таһыттан муннун анныгар киҥинэйэн ыллыы сылдьар ийэтин көрүстэ.
— Ийээ, туох ааттаах үчүгэй сонуннанан ыллыы сылдьар буоллуҥ? — Тина ийэтин санныттан сымнаҕастык кууста. — Дима кэлэ сылдьыбата дуо?
— Ханнык Дима? Суох, ким да кэлбэтэҕэ, — ийэтэ оҕурсулаах биэдэрэтин илиитигэр ылла. — Аата, бу уол элбэҕэр булбут киһиҥ да баар ээ. Үөрэҕэ, үлэтэ суоҕун таһынан эбиитин ыарыһах. Төрөппүттэрэ арыгыһыттар.
— Ийээ, былыргы өйдөбүлгүн тохтот эрэ. Күнүскү аһылыкка тугу буһардыҥ? Дима билигин манна кэлиэхтээх.
— Аҕаҥ куоракка барбыта. Онон тугу да буһарбатым. Оҕурсу сиэхпит, — ийэтин хардата бэлэм.
— Ийээ, кырдьыгынан эт эрэ. Дима кэлэ сылдьыбыта дуо? — Тина ийэтин сирэйин-хараҕын саарбаҕалаабыттыы көрдө. — Эн кэлбитин үүрбүккүн…?
— Кыра оҕо буолбатах. Суоххун истээт барбыта. Күүспүнэн тутуом этэ дуо? Ытаабат оҕону эмсэхтээбэттэр. Эбиитин өһүргэһэ бэрт эбит. Эргиллэ түһээт барбыта. Сылдьыа эбээт.
— Өйдөнөр, — Кристина Ивановна, ийэтэ тохтото сатыырын үрдүнэн, чиҥник үктэнэн, олбуортан тахсан барда. Сигналкатын ылан холбоон тыс гыннараат, Дима убайа олорор уулуссатын диэки уруулун салайа тутта. Сотору Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Владимир Лонгинов аатынан ааттаммыт уулусса 147‑с нүөмэригэр кэлэн тохтоото. Шифер кырыыһалаах, ханнык да аныгылыы бүрүөһүнэ суох, иҥнэри барбыт мас олбуордаах дьиэҕэ кэллэ. Олбуорга киирээт, дьахтардаах эр киһи тэпилииссэҕэ сылдьалларын көрөн, быһаччы дьиэлээхтэргэ тиийдэ.
— Дорооболоруҥ!
— Дорообо… — бырааттарын кытта чугас сыһыаннаах кыыс кэлэн турарын көрөн сэргии түстүлэр.
— Дима бүгүн балыыһаттан тахсыахтаах этэ. Суотабайын ылбат. Баҕар, манна баара буолуо диэммин… — Тина төһө да хотоойутук тутуннар, кэнники тылын симиттэн ситэ эппэтэ.
— Ээ, сөп-сөп. Тахсарын тахсыбыта. Сибилигин дойдубар бардым диэн матасыыкылынан барбыта. Көрсүбэтэҕэ дуо? — уһун хара бараан киһи күө-дьаа буолла.
— Балыыһаттан үөрэн-көтөн кэлбитэ. Онтон ханна эрэ бара сылдьыбыта. Санаата түспүт этэ. Өссө бүгүн хонон-өрөөн барыах курдук туттубута, — тиритэн, көлөһүн бычыгыраан тэтэрэ кыыспыт сирэйин туора-маары сотторун быыһыгар эдэрчи дьахтар биэдэрэнэн толору оҕурсулаах тэпилииссэттэн таҕыста.
— Ээ, сөп, чэ, — Тина ийэтин оҥоһуута буоларын эрдэттэн сэрэйэ санаатар да, дьонтон истэн, хомойон, сибилигин хотоойутук туттубута ханна да суох буолан, сирэйэ-хараҕа самнан, олбуортан тахсан барда.
— Бээ, ити уол туох буолбутай? Кэм буолуохпут. Ыт баһа көмүс кытахтан төкүнүйбүт диэбиккэ дылы. Билигин мин киниэхэ эрийиэм ээ. Төбөтө суох тойооску, — убайа Сэмэн төлөпүөнүн хасыһа хаалла.
Кристина Ивановна курус санааҕа куустаран олорон, иномаркатын илин бааһына диэки салайан, буор суол устун аргыый сыыйылыннарда. Дима… Дима… ахсыс кылаастан ыла улууска оскуолалар икки ардыларыгар ыытыллар спортивнай күрэхтэһиилэргэ нэһилиэктэн кэлэр уолу сөбүлүү көрөн, күрэхтэһиилэри батыһа сылдьан көрөрө. Уһун, хап-харанан көрбүт, симик эрээри бэйэтин кыанар уолу элбэх кыыс сэҥээрэрэ. Ордук сахалыы национальнай оонньууларга күннүүрэ: атаҕар күүстээҕэ, кылыйан кыыралдьытара, быһыйа, ханнык баҕарар дистанцияҕа инники күөҥҥэ сүүрэн элэгэлдьитэрэ, баскетболга, волейболга тэҥнээҕин булбата. Кыыс бэйэтэ спорка сыһыана суох буолан, икки сылы быһа уолу ыраахтан кэтээбитэ. Кинилэр доҕордоһор быаларыгар Мүрү маҥнайгы нүөмэрдээх оскуолатын онус кылааһын үөрэнээччилэрэ Тандаҕа музей көрө таарыйа онустары кытта баскетболга күрэхтэһэ кэлбиттэрэ. Онно аан бастаан аҕыйах тыл бырахсан кэпсэппиттэрэ. «Доҕордоһуу» биэчэригэр бытаан үҥкүүгэ биирдэ үҥкүүлээбиттэрэ. Онтон ыла күн бүгүнүгэр диэри доҕордоһоллор. Хас сыл буолла? Аҕыс сыл буолбут. Дима физкультурнай орто анал үөрэхтээх. Тириэньэринэн үлэлиир. Оҕо сылдьан саһарар ыарыыга ыалдьыбыт. Быйыл саас тымныйан балыыһаҕа киирэн, ыарыһах аатырда. Дьиҥинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар күрэхтэһиилэргэ барытыгар улуус сборнайыгар киирэр. «Холостуой кыргыттарга улууска тарбахха баттанар күндү күтүөт. Тина, быһаарымтыата суоххуттан Димаҕын эдэр кыргыттарга былдьатаайыккыный?» — диэн дьүөгэ кыргыттара күлсээччилэр. Аҕата кыһаммат. Ийэтэ ханнык да уруута-аймаҕа суох, үлэлээбэт-хамсаабат боростуой дьон оҕото диэн уруккуттан сөбүлээбэт. Билигин балыыһаҕа киирбитин кэннэ эгэ эрэ буоллаҕа. «Ыарыһах» диэн дьаралык туруордаҕа…
«Ийэм үйэтин тухары тойон ойоҕо аатыран, дьону баай, дьадаҥы диэн икки суортаан араарарын олох тохтоппот. Оскуолаҕа үөрэнэрин саҕана хайа оҕолуун доҕордоһорун кытта быһаарсыах курдук туттара. Аны билигин 25‑тээх кыыһын олоҕор эмиэ орооһорго санаммыт. Ол иһин кэнники күннэргэ кыыһыран муннунан да, айаҕынан да тыыммат буола сылдьыбыт эбит. Кырдьыгынан эттэххэ, ийэтэ бардам уонна бэйэмсэх. Кыыһырдаҕына, аҕаҥ курдуккун диэн кинини сирэйгэ-харахха анньааччы. Ийээ, бырастыы гын, кыыһырбыта буолан дьэбин уоһуйан кими таптыырбын, таптаабаппын тохтоппотуҥ буолуо. Ханна бардым? Тандалыыр суолга киирэн эрэбин буолбат дуо? Бааһынаҕа тиийэн баран төннүөххэ. Наһаа уолу эккирэтэн Тандаҕа тиийбэт буоллаҕым. Баҕар олох да барбатаҕа буолуо. Кыыс бэйэтинэн эккирэтэн кэлбит диэн кэпсээн элбиир буоллаҕа. Төннүөххэ. Ол эрээри?.. Кыыспын диэн дьолум, тапталлааҕым хаһан кэлэрин кэтэһэн быар куустан олоруохтаах үһүбүн дуо? Тыыннаах киһи тапталтан ханна да куоппат. Таптыыр сүрэх таайыгас буолар дииллэр. Онон Дима, мин сүрэҕим саҥатын истэр буоллаххына, хайаан да сибилигин көрсөн, биир бигэ санааҕа кэлиэхпит диэн эрэнэбин…»
…Дима сирэйгэ бэрдэрбит курдук туттан үрдүк олбуордаах дьиэттэн тэйэ хаампыта. Киһи диэн олбуорга киллэрбэккэ, ааны бүөлүү туран кэпсэппиттэриттэн кыһыйда аҕай. Төһө да боростуой ыал оҕото буоллар, бачча сааһыгар диэри итинник сэнэммитин өйдөөбөт. Син дьон тэҥинэн киһи курдук сананар этэ. Ити Тина ийэтэ халҕан саҕа суон, үөскүлэҥ дьахтар кыахтаахтык олороруттан кыра-хара дьонтон тутум үрдүктүк сананан, бэйэтиттэн намыһахтык көрөрө сүрдээх эбит. Биһиги кыыспытыгар тэҥэ суоххун, сананыма даҕаны диэн олбуору кэтэҕинэн астаран таһаарда.
«Тэҥэ суох пааралары «аҥаара күрдьэх маһа, аҥаара таҥара маһа» диэн итини этэн эрдэхтэрэ. Хайыах баҕайыбыный? Үүрүллэн баран төһө өр сыҥаланан туруой?
л эрээри… Тиналаах биһиги дьылҕабытын, ама да ийэ буолбутун иһин, ити «үрдүктүк санаммыт» дьахтар быһаарар хантан ылбыт бырааптааҕый? Сатаммата буолуо ээ. 18‑таах уол курдук өһүргэммитэ буолан Тинаны көрсүбэккэ эрэ баран эрэбин. Сыыстым дуу? Дьиҥинэн, эр киһи уһун санаалаах, киэҥ көҕүстээх буолуохтаах этим. Үктээтэххэ, оннооҕор кутуйах «чыып» диир. Мин буоллаҕына… көлөөк киһибин. Хаһан этэй? Аҕыс сыллааҕыта улуус киин оскуолатын онус кылааһын үөрэнээччилэрэ музей көрө таарыйа күрэхтэһэ кэлбиттэрэ. Онно Тиналыын аан бастаан билсибиттэрэ. Сандаарыччы көрбүт киэҥ арылхай харахтаах, биилин ааһа түһэр саһархай уһун суһуоҕун намылыччы түһэрбит үрдүк уҥуохтаах кыыһы уруккуттан да сөбүлүү көрөрө. Улууска күрэхтэһэ кэлэригэр ол кыыһы көрүөн баҕарара… Кыыс күрэхтэһиилэри көтүппэтин билбитэ. Ама, 25 саастарыгар диэри доҕордоһон, бэйэ-бэйэлэригэр тапталларын билинсэн баран, оттомо суох кыра оҕо курдук, төрөппүт сөбүлээбэтэ диэн хайдах арахсан хаалыахтарай? Табылыннаҕына, уол кыыһы дойдутугар илдьэр баҕалааҕа. Тина да утарсыбат этэ. «Кэбис, ыраата иликпинэ төннүүһүбүн. Көрсөн бардахпына табыллар. Кини тугу этэринэн барыта буолуоҕа. Олохпут сайдар, дьон-сэргэ прогрессивнай өйө-санаата уһугунна диибит да, сиэр-майгы өттүнэн сатарыйан, төттөрү түһэн иһэбит буолбатах дуо? Бэл, саастаах, олоҕу олорбут дьоммут итинник майгылаах, дьону-сэргэни аанньа ахтыбат, сэниир өйдөбүллээх буоллахтарына, эдэр ыччат сатарыйара, куһаҕан дьаллыкка ылларара чуолкай буоллаҕа. Оннооҕор мин, сүүрбэбин лаппа ааспыт киһи, быстах албын санааҕа киирэн, бэйэтин көрсүбэккэ, матасыыкыл үрдүгэр түстүм. Эдэр уол курдук, уһуну-киэҥи ырыҥалаабакка, сатамньыта суохтук быһыыланным. Түргэнник төннүөххэ». Дараҕаттан төннөргө сананан, матасыыкылын эргитэ тутта. Атаҕынан күүскэ үктэнитэлээн, собуоттуох курдук туттан иһэн, тимир көлөтүттэн ыстанан түһэн, бэлэх уурар тииккэ тиийдэ. Сиэбин хастан, хас да тимир манньыаты булан, иһигэр «барыта үчүгэй буоллун, табылыннын» дии санаат, бэрт кичэллээхтик тиит мас хайа барбытыгар кыбыта аста.
Матасыыкыла, үктүүрүн кытта, өрө бирилии түстэ. «Биирдэ эрэ үктэттэ… Үчүгэйбит», — уол сирэйэ сырдаан, элэс санаан ылла. Ардах түспэтэҕэ ыраатан, буора өрүкүйэ сытар, улахан оллура-боллура суох биир дэхси көнө суолунан элээрдэ турда. Сотору буолбата, маҥан өҥнөөх иномарка утары сыыйылыннаран иһэрин көрөн, сүрэҕэ үөрүүнэн туолла…
Татьяна НАХОДКИНА
Хаартыска: интэриниэттэн
* * *
Кэпсээн Т.П. Находкина «Былдьаммыт дьылҕа» кинигэтиттэн ылылынна. Кинигэ «Бичик» кинигэ кыһатын маҕаһыыннарыгар атыыланар.