Сүрэхтээх киһи эстэн-быстан биэрбэт

Бөлөххө киир:

Дьылбыт кэлэн быстыбакка эрэйдээтэ эбээт. Сир тоҥно эрээри, хаар түһүөхчэ түспэт, хара буорунан көрөн сытар. Бүлүү умнаһыгар балачча халыҥ хаар сытар, өрүс туран эрэр диэн кэпсииллэр. Кырдьаҕас дьону былыт баттыыра, дабылыанньа түһэрэ-тахсара кэмнээх буолуо дуо? Кыстыкпытыгар үктэнэ охсорбут эбитэ буоллар, нус-хас буола түһүөх этибит…

Үнүрүүн сиэн быраатым кэлэн, ыалдьыттаан барда. Дойдутугар ол-бу тутуу үлэтигэр, таһаҕас тиэйиитигэр эҥин үлэлээбитэ. Хас да сыл үлэтэ суох аатыран, дьиэтигэр олорбута. Хантан үлэ суох буолуой?! Билиҥҥи үйэҕэ хамсаатыҥ да барыта харчы ини? Арай, үлэни кыайбат, ыарыһах киһи эрэ судаарыстыбаттан ытыһын уунан олороо ини…

Мас, муус, уу, от тиэйиитэ, буоланы хорутуу, тутуу, тиэйии, кэлии-барыы – барыта харчылаах. Кыаммат киһи туох баар өҥөҕө харчы төлүөхтээх. Оттон кэлэр-барар, эрчимнээх, кыайар-хотор киһи, сүүр-көт, үлэлээ, хамнастан эбээт!

Дьэ, быраатым көнөн аҕай кэлбит. Былырыын таах сылдьыахтааҕар, куоракка кэлэр-барар, дьону таһар таксига иккис суоппарынан наймыласпыт. Хата, табаарыһа буолан, ылбыт үһү. Дьэ, уолбут харчы хайдах хамсыырын билбит, хараҕа уоттаммыт. Биир сырыыларыгар 50 тыһыынчаттан тахсаны олордон ылаллар эбит, кэлэ-бара 100 тыһыынча буоллаҕа. Массыыналаах хаһаайын киһи, улахан аҥарын бэйэтэ ылара өйдөнөр. Харчыга ымсыыран, дуомнаан өрөөбөккө, күнүстэри-түүннэри айан бөҕө үһү. Онон “ыйга мөлүйүөнү баҕас оҥорор этибит” диэн киһиргиир.

Маладьыаһыҥ, хамнаһын бараан, матайдаан кэбиспэккэ, эбии кирэдьиит ылан, омук килэйбит-халайбыт массыынатын ылыммыт. “Хаайыс” диир дуу, үөдэн. Аҕыйах ыйынан иэһин төлөөн бүтэриэм диир. Дьэ, мин бу маны хайҕаатым. Үлэ суох дии-дии түөскэ силлэнэ сыппакка, иһэн-аһаан кэбиспэккэ, сүүрэн-көтөн, үлэлээн-хамсаан иһиэххэ буоллаҕа! Аныгы үйэҕэ харчы баҕас баар. Сүрэхтээх, өйдөөх эрэ буолуохха наада. Оо, арыычча эдэр, кыахтаах буолбатахпын ээ дии саныыбын сороҕор…

Аны бу уолум доҕоро харчыга ымсыыран, аны хоту сэлии муоһун көрдүү баран, иэдэйбит диэн кэпсээтэ. Биир бүтүн муоһу буллахтарына, мөлүйүөнүнэн суумаҕа батараллар диэни истэн, ымсыырбыт. Ол буолан баран, ноолоох эбит. Ким да кинини кэтэһэн сыппатах буоллаҕа. Сири-уоту олохтоохтор үллэстэн, биригээдэлэри тэринэн, анаан көрдүүллэр үһү. Соҕотох киһи күөстэнэн-тойдонон, нэлэйиэ-хотойуо суох кытаанах балаһыанньата үһү. Онон сайыны быһа бырда быста сыһыар диэри хааман, көрдөөн, үлэлээн баран, турар бэйэтинэн эрэ тиийэн кэлбит. Ол кэриэтин били Анаабырга баран, алмаас хостообута буоллар, быдан барыһырыах эбит.

Онон үлэлиир да буоллахха, өйдөөх-төйдөөх соҕустук, түүлээх холбуканы холбоон ылсыахха наада. Чэ, үгүһү лахсыйан бүттүм, тугу этиэхпин баҕарбыппын өйдөөтүгүт ини…

28.10.16.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0