«Сүрэхпит сылааһын — оҕолорго». Үтүө санааттан үөрүү көтөллөнөн

26.12.2019
Бөлөххө киир:

Үтүө санаа үөрүү аргыстаах. Үтүөнү оҥоруу санааны кынаттыыр, дууһаны манньытар, доруобуйаны чэбдигирдэр, эрчим эбэр уһулуччу уратылаах.


Ааҕааччыларыам, өйдөөн көрүҥ эрэ, норуот бэйэтэ сомоҕолоһон, түмсэн, өрө көтөҕүллэн үтүө санаа чэрчитинэн элбэх хамсааһыны оҥорор эбээт! Дьон дьоҥҥо көмөтө, өйөбүлэ!

Саамай күүтүүлээх Саҥа дьыл бырааһынньыга чугаһаабытынан, аҥаардас бу кэрэ-бэлиэ бырааһынньыгы көрсө, кырачааннары үөрдээри бэлэхтэри оҥоруу, тэрээһин бэртээхэйин тэрийии сыллата элбээн, сайдан иһэрэ чуо көстөр. Ол курдук, бу күннэргэ Уус Алдан улууһун «Көҥүл Боотурдар» диэн такси сулууспатын кэлэктиибэ элбэх оҕолоох ыалларга Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри уунан улахан үөрүүнү бэлэхтээбитин туһунан үөрүүлээх сонун батсаабынан тилийэ көппүтэ. Бу бэртээхэй сонуну тилэх үктэһиннэрэн, аны, Таатта улууһун ыраах айаҥҥа суоппардара, «Таатта дальнобой» түмсүү (салайааччы Н.Л.Кутугутов) кэлэктиибэ эмиэ 300 оҕоҕо Саҥа дьыллааҕы бэлэх оҥордо диэн сэргэх, үөрүүлээх сонун тиийэн кэллэ.

Киһини барытын үөрдүбүт сонуннарын туһунан Таатта улууһун ыраах айаҥҥа суоппардарын түмсүүтүн салайар Никифор Леонтьевич Кутугутов кэпсиир:

—Биһиги түмсүүбүтүгэр 50-тан тахса суоппар баар. Бары турунан тураммыт, быйыл иккис сылбытын оҕолорго Саҥа дьылы көрсө бэлэх туттардыбыт. Ону сэргэ, быйыл, икки тус аадырыстаах көмөнү оҥордубут. Манна даҕатан эттэххэ, кэлэктииппитинэн сылы эргиччи аһымал аахсыйаларга кыттабыт, кыһалҕалаахтарга көмөлөһөбүт, хардарыта өйөбүлү оҥоробут, ыһыах, күрэхтэһии тэрийэбит. Холобур, ыраах айан суоппардарыгар анаан өрөспүүбүлүкэ таһымнаах ыһыаҕы иккитэ үрдүк таһымнаахтык тэрийбиппит. Эстафета палочкатын Уус Алданнааҕы биир идэлээхтэрбит тутан, быйылгы ыһыаҕы Суоттуга эмиэ олус бэркэ табыллан тэрийдилэр. Эһиил  Аллараа Бэстээххэ былааннанар, — диэн кэпсиир.

Маны сэргэ, кини «Эрэл» сокуоннай саастарын туола илик оҕолору кытары үлэлэһэр социальнай-реабилитационнай киин маннык хабааннаах тэрээһиннэригэр, аахсыйаларыгар тэрилтэлэр, уопсастыбаннай түмсүүлэр, кииннэр, урбаанньыттар куруук көхтөөхтүк кытталларын, кинилэр түмсүүлэрэ итиннэ хайаатар да кыттыһарын эттэ. Манна даҕатан,  эдэр суоппардарыгар махтанна.

—Аан бастаан биэс эдэр суоппардаах  эбит буоллахпытына, билигин түмсүүбүтүгэр 30-ча эдэр киһи баар. Бары олус көхтөөхтөр, ыарахантан чаҕыйбат хоодуот үлэһиттэр.  Уопсайынан, түмсүүбүт дьоно бука бары дьоҥҥо-сэргэҕэ истиҥ сыһыаннаах, кыһалҕалаахха көмөлөһөргө куруук бэлэм, аһыныгас, киэҥ көҕүстээх, уһуну-киэҥи толкуйдуур дьоһун, мындыр дьон. Төрөөбүт дойдубут туһугар диэн баран түүннэри-күннэри үлэлииргэ, айарга-тутарга бэлэмнэр. Итинник дьонноох буоламмыт, сомоҕолоһуулаахпыт, — диэтэ чахчы да киэн туттар быһыынан.

  • Таатта улууһун ыраах айан суоппардарын түмсүүтэ 2016 сыллаахха тэриллибитэ.
  • 2017 сыллаахха  түмсүү кыттыылаахтарын көҕүлээһиннэринэн уонна үптэринэн,  биэс мөлүйүөн кэриҥэ суумалаах «Ыраах айан суоппардарыгар» анал сквер тутуллубута уонна тапталлаах таатталларын бар дьонугар бэлэх быһыытынан анаммыта.
  • 2008 уонна 2018 сылларга Таатта улууһугар, Ытык Күөлгэ, Хадаайыга ыраах айан суоппардарын өрөспүүбүлүкэтээҕи ыһыахтарын тэрийбиттэрэ. Бастакы ыһыахха 100-тэн тахса суоппар кэлбит буоллаҕына, иккис ыһыахха 12 улуустан 400-тэн тахса ыалдьыт сылдьыбыта бэлиэтэнэр.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0