“Сүрэхпэр үүннэрдим кэрэни”

Бөлөххө киир:

Сунтаар маҥнайгы поэтессата, Норуоттар икки ардыларынааҕы суруйааччылар холбоһуктарын чилиэнэ Саргылаана Спиридонова-Кэрэмэс Кийиитэ ааҕааччыларыгар, кини поэзиятыгар сүгүрүйээччилэргэ анаан үс кинигэни күн сиригэр көрдөрдө.

edersaas.ru

Саха бастакы көлүөнэ дьахтар бэйиэттэриттэн  биир бастыҥнара уонна Сэмэн Даниловы поэзияҕа үҥэр таҥара оҥостубут айар куттаах дьонтон эмиэ биирдэстэрэ буолар Саргылаана Спиридонова-Кэрэмэс Кийиитэ күн бүгүн айар-тутар үлэ ухханыгар сылдьар.

Саргылаана Семеновна,  эйигин төрөөбүт улуускар Сунтаарга  кэрэ аҥаардарга бастакы поэтесса быһыытынан билинэллэр. Маннык улахан ааты оччолорго хайдах ылынар этигиний? Оттон билигин?

— Сунтаар бастакы поэтессата дииллэрин бастаан  көннөрү  тыл даҕаамырын курдук эрэ истэн аһарар этим. Сааһыран бараммын, улууһум салалтата кэнники хомуурунньуктарым тахсалларыгар көмөлөспүтүттэн, араас улахан тэрээһиннэригэр бочуоттаах ыалдьыт быһыытынан ыҥырарыттан, бүтүн  Саха сирэ киэн туттар бэ­­йиэт кыргыттара Сайа, Сандаарыйа, Суоһааны, Венера эдьиийбит диэн аччыыһырда ааттыылларыттан дьэ, суолталааҕын өйдөөн, айар үлэбэр болҕомтото суох сыһыаннаспыппыттан кыбыста саныыр буоллум.

Эйиэхэ хоһоон хайдах киирэрий? Сорохтор иэйии киирдэҕинэ, сорохтор ­анаан-минээн олорон суруйабыт дииллэр.

— Булгуччу хоһоон суру­йуохтаахпын диэн оҥостон олорон муҥнана сатаатаххына, туох да тахсааччыта суох. Туох эрэ са­­нааны иитиэхтээбит, ыанньыйбыт түгэҥҥэр бэлэм устуруокалар тахсан кэлээччилэр. Ол гынан баран,  чуумпуга, ким да мэһэйдээбэт ­буоллаҕына суруйабын.

АЛГЫСТААХ ХОҺООННОР

Биһиги, ааҕааччылар, күммүт-дьылбыт сарсыарда аайы ыытар алгыс тыллардаах кыра кээмэйдээх хоһоонноргуттан саҕаланар. Ити хайдах саҕаламмытай?

— Бастаан батсаапка холбонон баран,  сарсыарда билэр дьоммун эҕэрдэлээбитинэн турарбыттан, хардатын эҕэрдэ тутарбыттан аһара үөрэр этим. Ол курдук, төһө өр  илии баттаабакка, эҕэрдэ ыыталыы сылдьыам эбитэ буолла?  Биирдэ улаханнык сэҥээрэр суруналыыһым Георгий Белоусов: “Хоһоонноргун тоҕо илии баттаабакка ыыталыыгын, итинтикэлэриҥ сүтэн-иҥэн  хаалыахтара”, — диэн өй укпута. Мин  көннөрү эҕэрдэлэрим дии санаан сылдьыбыппын, хоһоон дииллэр эбит диэн ааппын суруйар буолбутум. Көр, онтум мунньуллан, “Сарсыардааҥҥы эҕэр­дэлэр” диэн хомуурунньук буолан таҕыста.

Батсаабы кытта аһара “ыаллаһан” хааламмын, былырыын суруйбут хоһооннорбун ноутбукка уктарбакка (оҕолорбор сэлээннээн кэбиһэммин, бэйэм угарга үөрэнэ иликпин), биир үтүө күн барыта ньылбы сотуллан хаалла ээ… Хомойбут иһин, Куйаартан кыайан хомуйбат, саҥаттан хатылаан суруйбат буоллаҕым. Урут тэтэрээккэ суруйарбыт эрэбил этэ дии саныыбын. Быстах илиистэргэ суруйбуппун эмиэ элбэҕи сүтэрбитим. Ити курдук,  айар үлэбэр дьалаҕайдык сыһыаннаһар, суру­йааччыбын да дэммэт этим. Моисей Ефимовтаах ыҥыран ылан,  2005 сыллаахха СӨ Суруйааччыларын сойууһугар  киллэрбиттэрэ.

Кэргэн, ийэ, эбээ уонна поэтесса. Маны барытын хайдах дьүөрэлиигин?

— Тыа ыала буоларбыт быһыытынан, биһиги куруук кэтэх хаһаа­йыстыба тутан олорбуппут. Биэс оҕо, үлэ, сүөһү – куруук иллэҥэ суоххун. Биирдэ эмэ ыанньыйдаххына дуу, суһал сценарий  суруйуута наада  буоллаҕына, хоско хатанан олорон үлэлии сатыыгын. Ийэлэрин “сүтэрбит” оҕолор тоҥсуйуу бөҕө буолаллара.

Аны оҕолору утуталаан баран,  түүн үөмэн  туран суруйан эрдэххинэ, кэргэниҥ сыбдыйан кэлэн: “Хайа, тоҕо турдуҥ, ыарыйдыҥ дуо?” — диир буоллаҕа. Бүттэхпит ол – хоһоон куотта.

Билигин оҕолор туспа ыаллар, Миитэрэйбинээн иккиэйэҕин олоробут. Кини эмиэ суруйар дьарыктаах. Онон, сарсыарда эрдэ туран суруйарбыттан наһаа астынабын.

ДЬОҔУР АҔЫЙАХ УСТУРУОКАТТАН ТУТА БИЛЛЭР

Мин билэрбинэн, хо­­һоон суруйуон баҕалаах бөлөхтөргө  наар сүбэ-ама биэрэҕин, кинигэлэрин хомуйан оҥорорго көмөлөһөҕүн.  Уопсайынан,  киһи тоҕо хоһоон суруйарый?

— Билигин хоһоон, кэп­­сээн суруйарга холонооччу элбээтэ. Итинтэн киһи, сахабыт тыла сүтүө  суоҕа диэн үөрэр. Дьиҥнээх талааннаахтар киэҥ эйгэҕэ бэ­­йэлэрэ тахсаллар, үүнэллэр-сайдаллар. Оттон көннөрү дьарык гынан суруйааччылар чугас дьоннорун үөрдээри, кэнчээрилэригэр өйдөбүнньүк  хааллараары суру­­йаллар.  Кинилэргэ көмөлөһөбүн. Салаҥ уус баллырдаабыт оҥоһугун сатыыр киһи кылады­лаан, көннөрөн биэрбитин кэриэтэ, көннөрдөххө, сааһылаатахха, бэртээхэй айымньы да тахсан кэлиэн сөп. Эрэдээктэрдэр ону бэркэ билэр суоллара.

Дьүүллүүр сүбэлэргэ үлэлиигин, куорат литературнай олоҕор көхтөөхтүк кыттаҕын. Эн санааҕар,  бэйэҥ эдэр эрдэҕинээҕи  көлүөнэҥ уонна билиҥҥи хоһоонньуттар туох уратылаахтарый, кинилэргэ туох тиийбэтий эбэтэр баһыйарый?

— Дьүүллүүр сүбэҕэ ыҥырдахтарына, үөрүүнэн сөбүлэһэбин.  Кыттааччы элбэҕинэн, дьэ чахчы, онно тиритэ-хорута үлэ­лиириҥ ирдэнэр. Дьүүллүүр сүбэлэр  бэ­­йэ-бэйэбит тус сыанабылбытын тэҥнээн көрдөхпүтүнэ, санаабыт сөп түбэспит буолар. Ол аата хо­­һоону суруйар киһи дьоҕура аҕы­йах устуруокаттан  тута биллэр.

Билиҥҥи хоһоонньуттар биһиги көлүөнэҕэ  холоотоххо, көҥүллэр, аһаҕастар, туохтан да толлубаттар. Чахчы умсугуйан дьа­рыктанааччылар фольклору, философияны, норуоттар устуоруйаларын  хорутан үөрэтэллэр, би­­лиилэрэ-көрүүлэрэ киэҥ.

ҮӨРҮННЬЭҤ КИҺИНИ КЭРЭХСИИБИН

Киһи олоҕун оҕо, эдэр, орто омурҕан, кырдьаҕас саастарга араараллар. Ол аайы киһи олоҕу көрүүтэ  уларыйар. Эн билигин олох ханнык сыаннастарын ордук өрө тутаҕын?

— Киһи сүрэҕэ, дууһата отой кырдьар диэни билинээхтээбэт эбит диэн санааҕа кэллим, төһө  да ыарыйдар, эргэрдэр, өссө  сытайан туран  кэрэни кэрэхсиир, саҥаны сонургуур, олоххо умсугуйар.

Олох сыаннаһыгар саамай өрө  тутарым – иллээх дьиэ кэргэн. Истиҥ, бэйэ-бэйэҕэ итэҕэйсиилээх эйгэҕэ үөскүүртэн, иитиллэртэн ордук киһини бөҕөх, ситиһиилээх оҥорор суоҕа буолуо.

Киһиэхэ ханнык хаачыстыбаны сыаналыыгын?

— Үөрүнньэҥ киһини наһаа кэрэхсиибин. Туох да кэтэх санаата суох киһи үөрүнньэҥ буолар дии саныыбын.

Дьиэ кэргэниҥ, оҕолоруҥ этэҥҥэ буолалларыгар туохтан, кимтэн  көрдөһөҕүн?

— Үөһээ Үрдүк  Айыылар, Айыы Тойон Таҥарам – бары да мин сүрэхпэр. Кинилэр киэр ха­­йыспаттарын курдук,  ыраас санаалаах, махталлаах олорорум, үтүөнү  тарҕата, кыһалҕалаахтара  кыайарбынан көмөлөһө сылдьарым – ол буолар оҕолорум этэҥҥэ сылдьалларыгар кыһамньым.

ЫТЫК СИРБЭР СУНТААРБАР МАХТАНАБЫН

Үбүлүөйдээх  сааскар ­ааҕааччыларгар бэлэх ууммут кинигэлэриҥ тустарынан сэһэргии түстэргин. Үс кинигэни биирдэ күн сирин көрдөрүү киһи сөҕөр-махтайар дьыалата.  Төһө өр үлэлээтиҥ?

— Бэйэм да олус үөрэн сылдьабын. Кинигэ буолан тахсыбыт айымньыларым сүппэттэрэ чуолкай.

Сунтаарым улууһугар махталым, тапталым бэлиэтин, быйыл 70 сааһын бэлиэтиэхтээх олох­тоох хаартыскаҕа түһэрээччи Лидия Николаевна Петрова хаартыскаларынан киэргэтэн, “Ытык сирим – Сунтаарым” диэн альбом-хомуурунньукпун таһаарарга толкуй­даабытым ыраатта. Онтум олоххо киирдэ диэн астынабын. Арай ах­­саана аҕыйах.

“Үөрүүлээх үрдэлим” диэн хомуурунньукпар сүүстэн тахса хоһоон киирдэ. Үөһээ ахтан аһарбытым  курдук,  төлөпүөнүм сотон кэбиспэтэҕэ буоллар,  өссө элбэх буолуох этэ. Таһынааҕы ойуута –  сиэним Лана уруһуйа.

“Сарсыардааҥҥы эҕэрдэлэр” диэн кылгас хоһооннорум санаам иһинэн ытыс саҕа кинигэ буоллулар.

Кинигэлэрим киэргэтиитин, таҥыытын ис киирбэхтик оҥорбут кыыспар, Сунтаардааҕы “Партизан” култуура дьиэтин методиһа Наталия Вячеславовна Асамоваҕа, үбүлээһинигэр көмөлөспүт Мария Васильевна Кобельяноваҕа-Тускулаанаҕа, уолбар Асам Вячеславовичка уонна чугас киһим Дмитрий Васильевич Кустуровка уонна сакааспытын суһаллык күн сирин көрдөрбүт  “Дани-Алмас” кэлэктиибигэр дириҥ махталбын тиэрдэбин.

Саргылаана Семеновна, сэргэх сэһэргэһииҥ  иһин махтал!  Дьокуускай куоракка уонна төрөөбүт Сунтаарыҥ улууһугар   “Сүрэхпэр үүннэрдиҥ кэрэни…”  диэн үс кинигэни сүрэхтиир,  олоҕуҥ бэлиэ түгэнин дьоҥҥун-сэргэҕин кытары үллэстэр  дьоллоох кэмнэриҥ сотору   тосхойуохтарыгар эрэнэбит (коронавируһунан сибээстээн тохтотуллубуттара – ааптар).

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

Хаартыскалар: С.Спиридонова тус архыыбыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0