Сүрэх-тымыр киинин ­ икки кыната  

05.05.2020
Бөлөххө киир:

Эһиил Өрөспүүбүлүүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа—Суһал мэдиссиинискэй көмө киинин Тымыр эрэгийиэннээҕи киинэ тэриллибитэ 10 сылын туолуоҕа.

edersaas.ru


Киин тэриллиитэ, үлэтэ-хамнаһа хайдах саҕаламмытын туһунан мэдиссиинэ наукатын хандьыдаата, бэрэпиэссэр, ХИФУ мэдис­сиинэҕэ институтун неврологияҕа уонна психиатрияҕа кафедратын сэбиэдиссэйэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа наукаҕа сала­йааччыта Татьяна Николаева кэпсиир:

— Тымыр эрэгийиэннээҕи киинин арыйыы туһунан этии неврологтарга сыһыаннаах. 2007 сыл­лаахха маннык боруобалааһыны киллэрэр туһунан Арассыыйа доруобуйатын харыстабылын ми­­ниистирэ Вероника Скворцова эппитэ. Бу инсулунан ыалдьыы уонна өлүү ах­­саанын аҕыйатыыга хайысхаламмыт сүҥкэн былаан этэ. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит тымыр эрэги­йиэннээҕи кииннэрэ эбэтэр са­­лаалара аһыллыбыт дойдулартан биир бастакылара этэ, бо­­руобалыыр бырайыакка киирсибитэ. Биһиги Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа  базатыгар киин арыйарга этии киллэрбиппит. Онон, Тымыр эрэгийиэннээҕи киинэ, эбиитин Мииринэй уонна Нерюнгри куораттарга тута икки бастакы сүһүөх салаалар тэриллибиттэрэ. Бырагыраама үлэлээн барбыта уонна түмүгэ өр күүттэрбэтэҕэ – Киини арыйыы ыарыһахтарга көмөнү оҥоруу систиэмэтигэр уонна хаачыстыбатыгар  биллэрдик дьайбыта.  Нэһилиэнньэ өлүүтэ уонна инбэлииккэ тахсыыта аҕыйаабыта, инсульт кэнниттэн күннээҕи  нус-хас олоххо төннөр ыарыһах ахсаана элбээбитэ.

Наталья СТЕПАНОВА, Тымыр өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин  салайааччы:

— Биһиэхэ инфаркт, туруга суох стенокардия, мэйиигэ хаан эрги­йиитин кэһиллиитэ курдук ыарахан диагнозтаах ыарыһахтар киирэллэр. Киин 100 ыарыһаҕы ылар кыахтаах, түөрт салаалаах (суһал кардиология, неврология, кардиология уонна нейрореанимациялар).  2019 сыллаахха кардиореанимация салаатын быраастара 700-чэ, нейрореанимация быраастара тыһыынчанан ахсааннаах сүбэ-ама биэрдилэр. Эмтэнээччилэр ахсааннара сылтан сыл аайы элбиир, 2019 сыллаахха кардиология отделениетыгар
1 400 ыарыһах эмтэннэ, өссө мэйиигэ хаан эргиирэ кэһиллиилээх 500 кэриҥэ киһи  эмтэнэн таҕыста. Кииҥҥэ ыарыһаҕы чинчийиигэ уонна эмтээһиҥҥэ үрдүк технологиялаах ньымалар туһаныллаллар.

Биһиэхэ өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыттан киирэллэр, улуус­тааҕы Киин балыыһалар быраастара  биһиги исписэлиистэрбититтэн суукканы быһа сүбэ-ама ылаллар. Наада буоллаҕына, ыарыһахтар бастакы сууккаларыгар  санитарнай авиация көмөтүнэн би­­һиэхэ аҕалыллаллар. Онтон би­­һиэхэ эмтэнэн баран, доруобу­йаны чөлүгэр түһэрэр отделениеларга бараллар уонна тастан эмтэнэллэр. Биһиги кииммитигэр  суһал ыарыһахтары кытары үлэлиир үөрүйэхтээх, үрдүк катего­риялаах исписэлиистэртэн турар улахан хамаанда нэһилиэнньэ до­­руобуйатыгар кыһамньытын уурар. Балыыһабытыгар 2001 сыллаахха аһыллыбыт  теле-мэдиссиинэ киинэ 2017 сылтан өрөбүл уонна бырааһынньык күннэригэр суукканы эргиччи үлэлиир.

 Елена КЫЛБАНОВА, Өрөспүү­бүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа наукаҕа салайааччыта, мэдиссиинискэй наука дуоктара, бэрэпиэссэр:

— 2011 сыллаахха аан бастаан аһылларбытыгар үлэҕэ эдэр испи­сэлиистэри ылбыппыт, кинилэр билигин бары үгүс үөрүйэхтээх быраастар буоллулар. Кинилэр – үөрэх да, быраактыка да өттүнэн үчүгэй бэлэмнээхтэр, идэлэригэр интэриэстээхтэр, элбэҕи ааҕаллар, науканан дьарыктаналлар. Мин Кииҥҥэ тымыр иһинээҕи ультра­звуковой чинчийиини олоххо киллэрэргэ олус эрэнэбин. Бу балыыһа рентген-сулууспатын үлэһиттэригэр уонна кардиологтарга олус көмөлөөх буолуо этэ.

*  *  *

Тымыр эрэгийиэннээҕи киинигэр үрдүк таһымнаах исписэ­лиистэр үлэлииллэр, аныгы тэриллэринэн хааччыллыбыт отделениелар эмтэнии саҥаттан-саҥа ньыматын киллэрэллэр. Үгүс сыллар тухары  неврология отделе­ниетыгар “инсульт оскуолата”, оттон суһал кардиология отделениетыгар “инфаркт оскуолата” үлэлииллэр, манна эмтэнээччилэри кытары дьарыктаналлар. Ол гынан баран, эмчиттэр иннилэрин диэки хардыылыыллар – инсульт уонна инфаркт курдук уодаһыннаах ыарыылары билбит дьон аймахтарын кытары ыкса сибээстээхтик үлэлииллэр. Кинилэр чугас дьоннорун дьиэҕэ-уокка хайдах көрөр-истэр туһунан туһалаах сүбэлэри үрүҥ халааттаах аанньаллартан ылаллар.

Зоя ИГНАТЬЕВА.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0