Эһиил Өрөспүүбүлүүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа—Суһал мэдиссиинискэй көмө киинин Тымыр эрэгийиэннээҕи киинэ тэриллибитэ 10 сылын туолуоҕа.
edersaas.ru
Киин тэриллиитэ, үлэтэ-хамнаһа хайдах саҕаламмытын туһунан мэдиссиинэ наукатын хандьыдаата, бэрэпиэссэр, ХИФУ мэдиссиинэҕэ институтун неврологияҕа уонна психиатрияҕа кафедратын сэбиэдиссэйэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа наукаҕа салайааччыта Татьяна Николаева кэпсиир:
— Тымыр эрэгийиэннээҕи киинин арыйыы туһунан этии неврологтарга сыһыаннаах. 2007 сыллаахха маннык боруобалааһыны киллэрэр туһунан Арассыыйа доруобуйатын харыстабылын миниистирэ Вероника Скворцова эппитэ. Бу инсулунан ыалдьыы уонна өлүү ахсаанын аҕыйатыыга хайысхаламмыт сүҥкэн былаан этэ. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит тымыр эрэгийиэннээҕи кииннэрэ эбэтэр салаалара аһыллыбыт дойдулартан биир бастакылара этэ, боруобалыыр бырайыакка киирсибитэ. Биһиги Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа базатыгар киин арыйарга этии киллэрбиппит. Онон, Тымыр эрэгийиэннээҕи киинэ, эбиитин Мииринэй уонна Нерюнгри куораттарга тута икки бастакы сүһүөх салаалар тэриллибиттэрэ. Бырагыраама үлэлээн барбыта уонна түмүгэ өр күүттэрбэтэҕэ – Киини арыйыы ыарыһахтарга көмөнү оҥоруу систиэмэтигэр уонна хаачыстыбатыгар биллэрдик дьайбыта. Нэһилиэнньэ өлүүтэ уонна инбэлииккэ тахсыыта аҕыйаабыта, инсульт кэнниттэн күннээҕи нус-хас олоххо төннөр ыарыһах ахсаана элбээбитэ.
Наталья СТЕПАНОВА, Тымыр өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин салайааччы:
— Биһиэхэ инфаркт, туруга суох стенокардия, мэйиигэ хаан эргийиитин кэһиллиитэ курдук ыарахан диагнозтаах ыарыһахтар киирэллэр. Киин 100 ыарыһаҕы ылар кыахтаах, түөрт салаалаах (суһал кардиология, неврология, кардиология уонна нейрореанимациялар). 2019 сыллаахха кардиореанимация салаатын быраастара 700-чэ, нейрореанимация быраастара тыһыынчанан ахсааннаах сүбэ-ама биэрдилэр. Эмтэнээччилэр ахсааннара сылтан сыл аайы элбиир, 2019 сыллаахха кардиология отделениетыгар
1 400 ыарыһах эмтэннэ, өссө мэйиигэ хаан эргиирэ кэһиллиилээх 500 кэриҥэ киһи эмтэнэн таҕыста. Кииҥҥэ ыарыһаҕы чинчийиигэ уонна эмтээһиҥҥэ үрдүк технологиялаах ньымалар туһаныллаллар.
Биһиэхэ өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыттан киирэллэр, улуустааҕы Киин балыыһалар быраастара биһиги исписэлиистэрбититтэн суукканы быһа сүбэ-ама ылаллар. Наада буоллаҕына, ыарыһахтар бастакы сууккаларыгар санитарнай авиация көмөтүнэн биһиэхэ аҕалыллаллар. Онтон биһиэхэ эмтэнэн баран, доруобуйаны чөлүгэр түһэрэр отделениеларга бараллар уонна тастан эмтэнэллэр. Биһиги кииммитигэр суһал ыарыһахтары кытары үлэлиир үөрүйэхтээх, үрдүк категориялаах исписэлиистэртэн турар улахан хамаанда нэһилиэнньэ доруобуйатыгар кыһамньытын уурар. Балыыһабытыгар 2001 сыллаахха аһыллыбыт теле-мэдиссиинэ киинэ 2017 сылтан өрөбүл уонна бырааһынньык күннэригэр суукканы эргиччи үлэлиир.
Елена КЫЛБАНОВА, Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа наукаҕа салайааччыта, мэдиссиинискэй наука дуоктара, бэрэпиэссэр:
— 2011 сыллаахха аан бастаан аһылларбытыгар үлэҕэ эдэр исписэлиистэри ылбыппыт, кинилэр билигин бары үгүс үөрүйэхтээх быраастар буоллулар. Кинилэр – үөрэх да, быраактыка да өттүнэн үчүгэй бэлэмнээхтэр, идэлэригэр интэриэстээхтэр, элбэҕи ааҕаллар, науканан дьарыктаналлар. Мин Кииҥҥэ тымыр иһинээҕи ультразвуковой чинчийиини олоххо киллэрэргэ олус эрэнэбин. Бу балыыһа рентген-сулууспатын үлэһиттэригэр уонна кардиологтарга олус көмөлөөх буолуо этэ.
* * *
Тымыр эрэгийиэннээҕи киинигэр үрдүк таһымнаах исписэлиистэр үлэлииллэр, аныгы тэриллэринэн хааччыллыбыт отделениелар эмтэнии саҥаттан-саҥа ньыматын киллэрэллэр. Үгүс сыллар тухары неврология отделениетыгар “инсульт оскуолата”, оттон суһал кардиология отделениетыгар “инфаркт оскуолата” үлэлииллэр, манна эмтэнээччилэри кытары дьарыктаналлар. Ол гынан баран, эмчиттэр иннилэрин диэки хардыылыыллар – инсульт уонна инфаркт курдук уодаһыннаах ыарыылары билбит дьон аймахтарын кытары ыкса сибээстээхтик үлэлииллэр. Кинилэр чугас дьоннорун дьиэҕэ-уокка хайдах көрөр-истэр туһунан туһалаах сүбэлэри үрүҥ халааттаах аанньаллартан ылаллар.
Зоя ИГНАТЬЕВА.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ