I
Били кыыс эмиэ ханна дьөлө түстэ? Ыалга кэридэхтии бардаҕа дии. Сордоох кыыс, — Анна Алексеевна бакыаттарга толору угуллубут бородуукталарын ыарырҕаппыттыы туттан, остуолга уурталаата. Икки илиитигэр тутуурдаах буолан, эбиитин сынньаммакка айаннаан илиилэрэ улук буолбуттар. Сатахха, ити кыыс суох. Атын киһи эбитэ буоллар, утары кэлэн көмөлөһүө этэ. Киэһээҥҥи аһылыкка мииннэ буһаран уураар диэн дьаһайбыта да, күөһэ билиитэҕэ ууруллубатах. Дьахтар кыйаханарын быыһыгар баартыгын кэтэн, күнүс ириэрэ уурбут этин түргэнник кырбаан барда. Аан аһыллар тыаһын истэн кырыктаахтык көрбүтүнэн эргиллэ биэрдэ. Сэрэйбит сэрэх, Оля чуучугураан киирэн кэллэ, эргэ ханньайбыт этэрбэһэ мууһуран хаалбыт.
— Хантан бачча тоҥон-хатан кэллиҥ? — дьахтар кыйахаммыт куолаһынан ыйытта.
— Кылааспын сууйдум, — кыыс буруйдаммыттыы туттан туран муннун анныгар киҥинэйдэ.
— Бар, таҥаскын уларыттан маста киллэр. Дьиэ тымныйбыт. Баччааҥҥа диэри оттуллубакка турар.
Кыыс саҥата суох хоһугар ааста. Сотору буолаат, мас кыстыыр тыас иһилиннэ.
Күөстэрэ буһан, остуолларыгар саҥа олорон аһыах курдук гынан истэхтэринэ, аан аһыллар тыаһын кытта тэҥҥэ дьиэ ортотугар дьиэлээх хотун кыыһа Айаана биирдэ көтөн түстэ. Кылгас нуорка сонун нэлэккэйдэммит, кулгаахтаах нуорка бэргэһэтин үөһэ сэгэччи анньыммыт, үөрүөҕүнэн үөрэн ырбайан, хап-харанан көрөн чаҕылыйа турда.
— Хайа, туох айылаахтан үөрдүҥ? Харчы буллуҥ дуу, көмүс бэлэхтээтилэр дуу? — Анна Алексеевна кыыһын көрөөт, били, тыйыс бэйэлээхтик туттан сылдьыбыта ханна да суох буолла, саҥалыын сымнаата.
— Ийээ, наһаа аччыктаатым, туох түбэспитин барытын сиэх курдукпун. Сыалаах эмис эт сиэхпин баҕардым.
— Баар, баар, оҕобор анаан буһарбытым, — ийэ ойон туран кухоннай ыскаабыттан эттээх тэриэлкэни кыыһын иннигэр уурда.
— Ийээ, мин икки олимпиадаҕа бастакы миэстэлэри ылбыппын. Оскуола завуһа көрүдүөргэ көрсөн, ырбайыаҕынан ырбайан туран, бэйэтинэн эҕэрдэлээтэ. Ханнык үөрэххэ бараҕын диэннээх.
— Үөрэх чааһын сэбиэдиссэйэ бэйэтинэн эҕэрдэлээбитэ туох куһаҕаннааҕый? Үчүгэй буоллаҕа. Аны саас биир кэлим эксээмэҥҥэр, хата, көмөлөһүөхтэрэ, — ийэ кыыһын сымнаҕастык имэрийэ көрбөхтөөтө.
— Кинилэр көмөлөрүгэр улаханнык наадыйбаппын. Бэйэм да оҥоруом дии саныыбын, — Айаана бэрт эрэллээхтик хардарда.
— Чэ, наһаа муораны тобугунан, халлааны хабарҕатынан саҥарыма. Көмөлөстөхтөрүнэ көмөлөстүннэр ээ. Оҕолорго барыларыгар көмөлөһөллөр дииллэр. Һыллы, тото-хана аһаан баран сынньан. Оҕом оскуолаҕа киириэҕиттэн наар үчүгэйдик үөрэнэр буолан эрэйдээбэккэ оскуоланы бүтэрэн эрэр. Оттон бу кыыска хаста-хаста ыҥырылынным. Биир эмэ ыйга ыҥырыллыбатахпына, үөрүү буолааччы. Иһиккин сууйа охсон уруоккун аах, — дьахтар Оляны аанньа ахтыбатахтыы сонньуйа одууласта.
— Мин үөрэхпэр оннук куһаҕан буолбатахпын. Наар хойутаан-куоттаран тиийэбин. Онно ыҥыраллар, — Оля бэйэтин көмүскэнэн көрдө.
— Чэ, мин бүттүм, — Айаана чүмэчи курдук көнөтүк туттан хоһугар киирэн аанын ыга сабынна.
— Этиһэ турума. Быйыл тохсуһунан Суоттутааҕы лицейгэ бараргын уларыппатыҥ ини?
— Лицейгэ үөрэниэхпин баҕарбаппын. Учууталларым даҕаны «бар» диэбэттэр. Оскуоланы бүтэрэн университекка үөрэнэ киириэхпин баҕарабын, — Оля сөбүлэспэтин биллэрдэ.
— Араас буолума. Эдьиийгин иһиттиҥ буолбат дуо, быйыл үрдүк үөрэххэ киирэр. Оттон эн лицейгэ киирдэххинэ, сылаас уопсай, бэлэм истипиэндьийэ, босхо ас. Онтон ордук туох нааданый?
— Мин орто оскуоланы манна бүтэриэхпин баҕарабын. Биэнсийэлээхпин буолбат дуо? — кыыс өһөстүк хардарда.
— Бар, иһиккин сууй. Сиһин этэ ситэн, буутун этэ буһан бу кыыс киһини саҥардыбат буолбут дии. Мин эйигин ииппитим — мин этэрбинэн буолуо. Лицей да кэнниттэн үрдүк үөрэххэ кэтэхтэн үөрэниэҥ, — Анна Алексеевна кыыһыран, хоһугар тыастаахтык хааман киирэн, тэлэбиисэр холбоон тыс гынар тыаһа иһилиннэ.
Оронугар сытар кыра сыттыгын көбүппэхтээт, тиэрэ түһэн, «Саха сирэ» информационнай биэриини истэ сытан төбөтүгэр бииртэн биир санаа киирэн киинэ лиэнтэтинии элэҥнэһэн истилэр. «Ити кыыс киһи тылын истэн лицейгэ барара буоллар, биэнсийэтин Айаана истипиэндьийэтигэр эбии оҥостуо этилэр. Онтон Оля лицейгэ икки-үс сыл босхо аска-таҥаска сылдьыа этэ. Соҕотох сулумах дьахтарга икки улахан сиппит кыргыттары таҥыннарар, үөрэттэрэр ыарахан». Дьахтар ыараханнык өрө тыынаат, оронуттан туран, куукунаҕа таҕыста. Бу —төрөппүттэрин дьиэтэ. Үс хостоох киэҥ-куоҥ дьиэ. Киинтэн ититиллэр хочуолунайга холбононнор абыраннылар. Тымныы ыйдарга, тымныйдаҕына, оһохторун эбии оттоллор. Оһоҕун булкуйан, сабардыы бэлэмнээн баран, утуйардыы оҥостон хоһугар киирдэ.
II
Анна Алексеевна бүгүн үлэтигэр кэри-куру сырытта. Урут остолобуойга олорон киирэр-тахсар дьыссаат дьахталларын кытта уһун-уһуннук итии чэй иһэ олорон дэриэбинэ сонунун кэпсэтэр буоллаҕына, бүгүн тоҕо эрэ группатыттан тахсыбакка, наар оҕолорун кытта дьарыктанна. Бэҕэһээ киэһэ саҥа сытарын кытта төлөпүөҥҥэ ыҥырбыттара. Оскуола иитэр-үөрэтэр завуһа эрийэн, бэрт хобдох сонуну иһитиннэрбитэ. Кыыһа Айаана олох да эргэ тахсаары сылдьар, өссө ыарахан диэн бөһүөлэккэ кэпсээн бөҕө тарҕаммыт. Онтон үөрэҕэр кыһанар курдук, олимпиадаларга бастаатым диэн кэпсиир диэбитигэр, ол кырдьык, ону кини ааһан иһэн оҥорор кыахтаах. Ол эрээри, мин кэпсээбитим барыта кырдьык буоллаҕына, ханнык да үөрэххэ барбакка, сыбаайбалыыр эрэ чинчилээх диэн соһуттаҕа үһү. Оҕом, үөрэхтээх дьахтар буолан, улахан дуоһунастаах үлэҕэ үлэлээн, хотун хаан буолуо диэн уһун сылларга иитийэхтээбит ыра санаата биир мүнүүтэ иһигэр күл-көмөр буолан күдэҥҥэ көттөҕө. Оскуола дириэктэрин Валерия Андреевна уолун кытта ахсыс кылаастан ыла доҕордоһоллор дииллэр этэ да, аахайбатаҕа. Оҕо саас таптала диэн — таах күннээҕи олох интэриэһэ буоллаҕа диэн санаан ылбыта. Чахчы буоллаҕына, били, ыраламмыт баҕа санаата сиик буолан симэлийдэҕэ. Өссө ол уол ылара биллибэт. Ийэтэ, Валерия Андреевна, боростуой сулумах дьахтар кыыһа диэн сөбүлээбэт ини. Соҕотох маанылаах уолларыгар улахан уруута-аймаҕа суох кыыһы ыллараллара биллибэт. Сураҕа, университекка үөрэнэр үһү. Бэҕэһээ ыһыытаан-хаһыытаан кыыһыттан ыйытыан баҕарбыта да, тардыммыта. Айааната сааһыгар сөбө суох улахан киһилии толкуйдаах. Оҕо эрдэҕиттэн сүрдээх боччумнаах, киһи үөйбэтэх-ахтыбатах боппуруостарын ыйытан соһутааччы. Быһаарыммыт буоллаҕына, киниттэн ыйытыа суоҕа, онтон сөбүлээбэтин биллэрэн айманнаҕына, кыыһын инники олоҕун эбии уустугурдууһу, ол кэриэтин билбэтэҕэ-көрбөтөҕө ордук. Сэмэнэптэр да иһиттэхтэринэ, сөбүлээбэттэрэ чуолкай. Кэлин кыыһын олоҕун алдьаппыт кини аатырыа. Бөлүүн олох утуйбата. Бииртэн биир араас санаа киирэн, уута көтөн, төбөтө куу-хаа, биир кэм дьалкыҥнас. Сарсыарда муус уута киллиргэтэн, арыый хараҕа сырдаабыта.
Нэдиэлэнэн саҥа дьыл. Сэрэйдэххэ, онно барыта быһаарыллара буолуо. Онуоха диэри билбэтэх-көрбөтөх «ньимиликээн айах» буоларыгар тиийэр. Бэҕэһээҥҥи төлөпүөн тугунан салаллан тахсара биллибэт. Валерия Андреевна бэйэтэ этиттэрдэҕэ дуу, оскуола иитэр-үөрэтэр завуһун үөнэ эбитэ дуу? Үлэлиэхтэриттэн ыла тоҕо эрэ тапсыбат аатыраллар. Наар бэйэ-бэйэлэрин хойохтоһон тахсаллар. Дьахталлар түмсүбүт тэрилтэлэрэ хайа аанньа буолуой? Бэртэрин былдьаһан эрдэхтэрэ. Дириэктэр киһи бэйэтиттэн алын кэрдиискэ турар завуһа наһаа төбөтүгэр ыттарын, барытын билбит-көрбүт, быһаарбыт кини буоларын сөбүлээбэт буоллаҕа.
Ирина Петровна, дьыссаат сэбиэдиссэйэ, аттыгар чугаһаан кэлбитин билбэккэ да хаалла.
— Хайа, Анна Алексеевна, туох мучумааныгар түбэһэн санньыйдыҥ? Саҥаҥ-иҥэҥ мэлийэн, чуумпуран хааллыҥ дии, чүөчэлэриҥ суохтаан эрэллэрэ, — сэбиэдиссэйэ күннээҕи «этэрбэс араадьыйатын» хайыы үйэ удумаҕалатан истибит көрүҥнээх, олус интэриэһиргээн мылаллыаҕынан мылаллан туран бэрт ньуолбардык ыйытта.
— Ээ, бэҕэһээ киэһэ дабылыанньам дэлби тахсан эрдэ сыппытым, — Анна Алексеевна ыалдьыбыт көрүҥнээх туттан туран хардарда.
— Эмтэниэххин, — Ирина Петровна үлэһитэ ис санаатын кэпсиэ суоҕун билэн иэдэс биэрдэ. Хайыы үйэ куолаһа кытаатан, дьаһайар туонун киллэрэн, алын группа иитиллээччилэрин туруорар саҥа дьыллааҕы тэрээһиннэрин токкоолосто.
— Хас сыл ахсын «Кыһыл Бэргэһэчээн» остуоруйаны туруораргытыттан салгыбаккытын сөҕөбүн, ол иһин төрөппүттэр саҥараллар. Үүнүү-сайдыы суох, — диэн сэбиэдиссэйэ саҥаран сыыбырҕаабытын Анна Алексеевна иһигэр олох сөбүлээбэтэ.
— Онтон… бигэргэппитиҥ буолбат дуо? Былырыын «Таал, таал эмээхсини» туруорбуппут, — эмискэ этиллибит кириитикэни сөбүлээбэтэҕин биллэрэн, тымныытык хардарда.
— Хайа, Анна Алексеевна, киһини саҥардымаары гынаҕын дуу? Кириитикэни истэ үөрэн. Үлэҥ миэстэтин уларытаары сылдьаҕын дуу? — Ирина Петровна көмүс кылдьыылаах ачыкытын үрдүнэн үөннээх баҕайытык көрөн турда.
— Ирина Петровна, ама да солоҕунан үрдүкү турбутуҥ иһин, бэйэҕиттэн аҕа киһини олус наһаа үгэргээбэт буоллаҕыҥ. Инникини тымтыктанан көрбүт суох, күүтүллүбэтэх өттүттэн туох барыта буолуон сөп, — диэн дьахтар бэйэтин көмүскэнэ саҥарда.
Сэбиэдиссэйэ эбии хардарсыбакка, кыыһырбыттыы туттан, түүппүлэтин хобулуга тоһугураан, тахсан барда.
Анна Алексеевна бэйэтин кыана туттубатаҕыттан иһигэр кэмсинэ санаатар да, сэбиэдиссэйэ оскуола дириэктэрин кытта уруурҕаһан, хайыы үйэ улаханнык сананар буолбуккун диэн «хаарыйан» тыл кыбыппытыттан олус хомойдо. Чэ, кыраны наһаа дириҥэтимиэххэ, ити быыһыгар Ирина Петровна сымнаҕас, кыыһырбытын түргэнник аһарымтыа. Сарсын туох да буолбатаҕын курдук кэпсэтиэ. Ол да иһин сүүрбэччэ дьыссаат дьахталларын тутан олордоҕо. Үгэһинэн, сонуну кэпсээбэтэ диэн киһини «тыытар», дьахталлар бары да оннук кэмэлдьилээхпитин айылҕабыт бэйэтэ билэн эрдэҕэ…
III
Үлэ чааһа бүтэн, төрөппүттэр оҕолорун ылан баралларын кытта, Анна Алексеевна дьиэтигэр ыксаата. Туох-ханнык быһаарыллыар диэри, саҥата-иҥэтэ суох сылдьарга сананна. Хаһааҥҥыта эрэ, ийэтэ тыыннааҕына атыыласпыт, киһи хараҕар быраҕыллар гына эргэрбит мутон сонун, хара нуорка сыҥаахтаах бэргэһэтин кэтэн, таһырдьа таҕыста. Халлаан тымныйбыта сүр, ыыс-быдаан туман. Арай ыаллар түннүктэрин уота ыраах ханна эрэ чаҕылыҥнаһан, муус-кырыа буолбут тоҥ сири ититэн итиинэн илгийэр. Дьахтар чигди суолунан халтарыйыам диэн сэрэнэ соҕустук туттан, ол эрээри түргэн хаамыынан дьиэтигэр кэллэ. Түннүктэрэ уоттаах. Кыргыттарыттан хайалара эрэ баар буоллаҕа. Ааны аһарын кытта итии салгын ил гынна. Сэрэйбитин курдук, улахан кыыс суох, Олята хортуоппуй хастыы олорор.
— Хайа, эдьиийиҥ? — дьахтар өтөрү-батары көрбүтүнэн киирдэ.
— Кэлэ илик. Сотору кэлэр ини, — Оля судургутук хардарда.
Анна Алексеевна, дьиҥинэн, Оляны абааһы көрбөт эрээри, сороҕор тоҕо эрэ кыйыттыах санаата кэлэр. Ол барыта балтыттан төрүттээх. Онно оҕо туох буруйдаах буолуой? Чэ, ити бэйэтэ туспа кэпсээн. Ону ыатарыан баҕарбат. Ол эрээри, сорох түгэҥҥэ Оляны көрдөҕүнэ, эдэр сааһын саныыр буоллаҕа үһү. Сүрэх оспот бааһа… Сүрэҕин бааһа урдуйан, сүтэн-оһон хаалыа этэ да, чэрдийэн, дууһатын кылын куруутун аалан ыарытыннарар буоллаҕа.
Балтынаан кинилэр сыры-сыллатааҕы кыргыттар, төрөппүттэригэр иккиэйэхтэр эрэ этэ. Кыргыттар сүрдээх иллээхтик доҕордуу улааппыттара. Биирдэрэ суох буоллаҕына, суохтаһаллара аҕай. Балта тохсуска, кини онуска үөрэнэ киирбит күһүннэригэр өйдөспөт буолбут сордоро саҕаламмыта. Атын нэһилиэктэн кэлбит уолу иккиэн таптаабыттара. Уол тохсуска үөрэнэрэ. Кип-киэҥинэн эриличчи көрбүт дьоролдьуйбут уһун уол бииргэ төрөөбүт кыргыттар сүрэхтэрин сүүйбүтэ. Шуралыын киһи хараҕа таптыы көрүөх наһаа үчүгэй пааралар этилэр. Куруутун бииргэ сылдьаллара. Кини балтынаан өйдөспөт буолбуттара эрээри, син иллэһиэ эбиттэр. Ону баара Шура уол аармыйаҕа барарын кытта, быраҕан кэбиспитэ. Дьон кэпсээнинэн, үөрэнэ киирээт, Айаантан үөскээбит оҕону түһэттэрбит. Айаан кэнниттэн хас уоллуун доҕордоспута биллибэт. Хата, төрдүс кууруска үөрэнэ сылдьан саҥа дьылга университет инженернэй-техническэй факультетыгар үөрэнэр уолу батыһыннаран аҕалбыта. Баҕар, син олоруо эбиттэрэ буолуо, ону баара ол киһитинээн сокуоннайдык холбоспокко сылдьан, оҕолонобун диэн, хаана тоҕо баран суорума суолламмыта. Оҕо дьонугар хаалбыта. Эбэтэ эрэйдээх биэбэйдээн киһи-хара оҥорбута. Эбэлэрэ суох буолуоҕуттан киниэхэ эдьиийигэр олорбута икки сыл буолла. «Балтым оҕото» диэн сүрэҕинэн биллэр да, тоҕо эрэ дууһата, өйө-санаата өйдүөн баҕарбат. Күн бүгүнүгэр диэри Айаантан атын кими да таптаабатах сүрэҕэ балтын таҥнарбытын бырастыы гыныан баҕарбат. Хата, Айаан тыыннааҕа буоллар, Шура оҕото диэн оҕоргуо эбитэ буолуо. Ийэтэ сордоох балтын оҕотугар сыстыбатын иһин «таас сүрэх» диэн ааттыыра. «Мин өллөхпүнэ, бэрт дьахтар, детдомҥа биэрээр», — диэхтиирэ.
Айаан сордоох аармыйаттан кэлээт, арыгыга утаппыттыы умса түспүтэ. Биир да дьахтарга чугаһаабатаҕа, арай биэбэйдэһэрэ-эккирэтиһэрэ бэрдиттэн киниэхэ чугас этэ. Баҕар, син холбоһон ыал буолуо этилэр да, ону баара кыстыкка киирии саҕана, кыдьымах киирэ турдаҕына, үрэх уҥуортан сопхуос борооскуларын туоратыһа сылдьан, быстахха, ууга дэҥнэммитэ. Муус кыаһаан буолан өлө сытарын көрөн өйө көтө сыыспыта. Хата, баччаҕа кэлиэхчэ, ыараханын билэн, оттон-мастан тардыһан тыыннаах хаалбыта. Айаантан хомойоро диэн биирдэ да «таптыыбын» диэн тыл ыһыктыбатаҕа. «Шураҕа наһаа майгынныыгын», —эрэ диэхтиирэ. Дьахтар буолан төрөөн, таптыыр киһититтэн оҕоломмута —дьоло Айааната эрэ. Айаан төрөппүттэрэ сиэннэрин билинэллэр, аймаҕынан ыытар бырааһынньыктарыгар көтүппэккэ илдьэ сылдьаллар. Онтон кини билсибэт. Олус сүрэ бэрт дии, уоллара өлбүтүн кэннэ кийиит буолан киирэрэ. Саатар, тыыннааҕар билсиспитэ буоллар, син да этэ. Араас кэмҥэ түспүт хаартыскалара араамаланан истиэнэҕэ ыйанан тураллара эрэ Айааны санаталлар. Шура таһааралларыгар кэлбэтэҕэ. «Эдэр сааска ким сыыспатаҕай? Олох таптаабатах эбиппин. Эдьиийим иннин быһа хаампатаҕым буоллар, эһиги олоххут олох туспа суолунан барыа, дьылҕаҕыт уларыйыа этэ», — диэн аанньа ахтыбатах куолаһынан сыыйан эппитэ тустаахха истэргэ төһөлөөх хомолтолоох буолуой? Ол хомолтону барытын сүрэҕэр сөҥөрбүтэ. Онтон ыла сүрэҕэ ыалдьар… Ол дьаакыр буолбут ыар таас сүрэҕин төһөлөөх хаанынан уһуннаран ытаппытай-соҥоппутай? Оленьканы абааһы көрөрүн көрбөт, арай кыыһы көрдөҕүнэ, кини балтын таптаан, элбэхтик хараҕын уутун тохпут тапталыгар табыллыбатах Айаанын санаан, ис-иһиттэн тырыттан кэлэр. Айааната ийэтин хоһугар киириэн баҕарбат. Музей курдук, барыта биир киһи хаартыската диэн сөбүлээбэт. Онтон киниэхэ хаартыскаларын күннэтэ көрө сылдьара тапталлааҕын тыыннааҕын санатар. Оннук үөрэнэн хаалбыт. Бэл, сороҕор «Айааҥҥа кэпсиэм» дии саныырыттан иирбит киһи курдукпун диэн бэйэтэ бэркиһиир.
Аан аһыллар тыаһын истэн, хоһуттан тахсыбыта, Айааната Сэмэнэптэр уолларынаан киирэн тураллар эбит. Олус дьоллоох, үөрбүт-көппүт көрүҥнээхтэр. Хаарынан бырахса оонньоон, таҥастара бүтүннүү хаар буолбут. Иккиэн да сахаҕа үрдүк уҥуохтаах, номоҕон, тас көрүҥнэринэн бэйэ-бэйэлэригэр олус барсар, киһи хараҕа таптыы көрүөх олус кыраһыабай пааралар.
— Ийээ, билигин биһиги Андрейдаахха бардыбыт. Киэһэ кэлиэм суоҕа, эбэм аахха хонуом, онтон чугастар, — кыыһа хараҕа чаҕылыҥнас.
— Хантан иһэҕит? — ийэ өскүөрүтүн ыйытта.
— Оскуолаттан. Уопсайынан, ийээ, биһиги Андрейдыын холбоһорго быһаарынныбыт, — кыыс ийэтин диэки ыйытардыы көрдө. — Аны сайын мин үөрэххэ киириэм, куоракка Андрейдаах кыбартыыраларыгар олоруохпут.
— Хайдах? Олус эрдэ буолбатах дуо? Онтон… саатар оскуолаҕын бүтэрбэккин дуо? — соһуйбут ийэ токкоолосто.
— Ону барытын сарсын кэпсиэм. Ийээ, сарсын манна кэлиэхпит. Аскын астаар. Валерия Андреевна эмиэ кэлсиэх буолбута. Ийээ, араас күрүчүөктээх боппуруоһу олох биэримэ, барыта быһаарыллыбыта. Биһиги Андрейдыын кыра кылаастан доҕордоһобут. Оннук буолбат дуо, Андрей? — кыыс тапталлааҕын диэки сүрдээх эйэҕэстик көрөн ылла.
Андрей мичээрдиирин быыһыгар тоҥхох гынар. Анна Алексеевна кыыһа сиппит эр киһини саҥардыбакка, барытын бэйэтэ дьаһайан, эрдэлээн саҥарарын иһигэр астына санаата.
— Чэ, биһиги бардыбыт. Эһиги бэйэҕит аһааҥ. Сарсын кэлиэхпит, — Айаана ийэтин иэдэһиттэн чоп гына сыллаан ылла.
Аан аһыллан, тымныы үргүөр дьиэҕэ туман буолан аргыйан киирбитигэр ийэ биирдэ өйдөнөн, эмиэ соһуйбуттуу көрөн турар Оленькатыгар эргилиннэ.
— Иһиккин тарт. Арааһа, бэйэбит эрэ хааллыбыт быһыылаах.
Анна Алексеевна үөрүөн да, хомойуон да билбэтэ. Кыыһа олус эрдэ, оҕотук сааһыгар кэргэн тахсыбытыттан хомойо, онтон таптыыр киһитигэр кэргэн тахсан, ийэтин суолун хатылаабатаҕыттан эмиэ да үөрэ санаата.
Остуолга уку-сакы итии чэйин иһэн сыпсырыйа олорор кыра кыыһын диэки көрөн ылла.
— Чэ, Оленька, аны лицейгэ барар туһунан толкуйдаама, салгыы оскуолаҕар үөрэниэҥ. Айаанабыт эн биһикки да биэнсийэтэ суох үөрэнэр буолбут, — диэн хас киэһэ ахсын мөккүһэн ылар боппуруостарын быһааран дьахтар саҥа аллайбытыгар, Оленька үөрэн, эдьиийин диэки сүрдээх сымнаҕастык көрөн сандаарыс гынна.
…Сүрэх оспот бааһа сыыйа хаҕылыйыа турдаҕа.
Татьяна НАХОДКИНА
* * *
Кэпсээн Т.П. Находкина «Былдьаммыт дьылҕа» кинигэтиттэн ылылынна. Кинигэ ааптар үбүлүөйдээх сааһын көрсө «Бичик» кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн таҕыста. Кинигэҕэ икки сэһэн уонна кэпсээн киирдэ, «Бичик» кинигэ кыһатын маҕаһыыннарыгар атыыланар.