Сэрии сылларыгар Чурапчы оройуонун 41 холкуоһун дьоно-сэргэтэ хатыҥнардаах-чараҥнардаах хаарыаннаах төрөөбүт алаастарыттан араарыллан, күүс өттүнэн хотугу улуустарга балык булдугар көһөрүллүбүтүн туһунан саҥа документальнай киинэ, Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө, уһулла сылдьар.
1942 сыллаахха хотугу Булуҥ, Эдьигээн уонна Кэбээйи оройуоннарыгар уопсайа 5 000 кэриҥэ киһи көһөрүллүбүтэ. Кинилэр ортолоругар быыкаайык оҕолор, ытык кырдьаҕастар, сэрии огдооболоро, тулаайахтара эмиэ бааллара. Эрдэ сэрэппэтэх буоланнар, туох да бэлэмэ суох көһөрүү улахан иэдээни аҕалбыта. Үс хотугу оройуоҥҥа уопсайа 2 000-тан тахса киһи өлбүтэ.
Сыл-хонук ааһан истэҕин аайы, ол сүрэх баастаах умнуллубат сыллар тыыннаах туоһулара аҕыйаатар-аҕыйаан иһэллэр. Билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 200-чэ көһөрүллүү кыттыылааҕа, баһыйар үгүстэрэ көһөрүллүү оҕолоро, бааллар.
Ийэлээх кыыс идиэйэлэрэ
Көһөрүллүү туһунан саҥа киинэ идиэйэтин ийэ уонна кыыс Евдокия Федоровна, Сардаана Михайловна Захаровалар өр иитиэхтээн илдьэ сылдьан баран, быйыл Улуу Кыайыы 75 сылынан, хайаан даҕаны олоххо киллэрэргэ быһаарыммыттара.
— Ийэм Евдокия Федоровна 80 саастаах. Көһөрүллүү кыттыылааҕа. Оччолорго 3 саастаах оҕо буоллаҕа. Эбэм Марфа Прокопьевна Смирникова Төлөй нэһилиэгиттэн 4 оҕотун, 3 кырдьаҕаһын илдьэ Кэбээйигэ көһөрүллүүгэ барбыт. Эһээм Федор Дмитриевич ол саҕана Ааллаах Үүҥҥэ таһаҕас тиэйиитигэр сылдьар буолан, дьонугар кэлин тиийбит. Эбэм, оҕолоругар үүт иһэрдээри, оҕус оннугар ынаҕын көлүйэн илдьэ барбыт. Урут ити тиэмэни олох таарыйбаттар этэ… Дьиҥэр, эбээбит хорсун дьахтар буолан, биһиги баар буоллахпыт. Ийэм 20-чэ сыл Чурапчы көһөрүллүүтүн кыттыылаахтарын Дьокуускай куораттааҕы сүбэлэрин бэрэссэдээтэлэ. Кини көһөрүллүү туһунан “Алдьархай аартыгынан” суруйуутунан режиссер Лена Гримм 2014 сыллаахха Саха тыйаатырыгар испэктээк туруорбута. Ийэм салгыы, өссө киинэ уһуллара буоллар, диэн ыра санаа оҥостубута. Онон, биир үксүн, ийэлэрбит ыра санааларын толордорбут диэн, биир дойдулаахтар ылсыстыбыт. Бастаан СӨ Ыччат министиэристибэтин исписэлиистэрэ сүбэлээннэр, Лена Баишева салайааччылаах “Женщины-автолюбители Якутии” НКО нөҥүө РФ Бэрэсидьиэнин пуондатын граныгар сайаапка түһэрбиппит. Бырайыак суруллуута, араас докумуон оҥоһуллуута уустуктардаах эбит этэ. Ону хата, бу Лена Матвеевна, уопуттаах киһи ис сүрэҕиттэн көмөлөһөн, быйыл күһүн РФ Бэрэсидьиэнин гранын ылан, үөрүүбүт үрдээтэ, — диир бырайыак салайааччыта, продюсер, Дьокуускайдааҕы “Кэскил” уһуйаан сэбиэдиссэйэ Сардаана ЗАХАРОВА.
Бу, “Непреходящая скорбь народа” диэн усулуобунай ааттаах уус-уран туруоруулардаах документальнай киинэ бырайыага уопсайа 5,5 мөлүйүөн солкуобай суумалаах буолбута. Оттон Грант суумата – 3 мөлүйүөн 838 тыһыынча 752 солкуобай. Усулуобуйа быһыытынан, айар бөлөх тиийбэт 1.667.750 солкуобайы бэйэтэ булуохтаах. Онон билигин киинэни устааччылар бу тиийбэт сууманы хантан ылабыт, диэн толкуйга сылдьаллар.
Устуоруйа кырдьыга
Киинэни “КЭМ” хампаанньа бөлөҕө устар, үлэтин саҕалаата. Режиссер – Марина Калинина. “КЭМ” салайааччыта Наталья Лопатина киинэ документальнай өттүгэр режиссердуур. Сценаристар Гела Красильникова уонна Татьяна Павлова. Научнай консультаннар – СӨ Бастакы Ил Дархана, экэнэмиичэскэй наука дуоктара Егор Борисов уонна историческай наука дуоктара Андриан Борисов.
—Бу киинэ биһиги кэннибититтэн кэлэр көлүөнэлэргэ көһөрүллүү туһунан өйдөбүнньүк буоллун диэн, маннык пуорманы таллыбыт. Сорох ыччаттарбыт көһөрүллүү туһунан, оннооҕор Аҕа дойду Улуу сэриитин туһунан, сымнатан эттэххэ, аҕыйаҕы билэллэр. Онон, бу киинэ, ыччаттарбыт устуоруйа кырдьыгын биллиннэр диэн, кинилэргэ анаан оҥоһуллар. Бу – социальнай бырайыак, — диэн салгыы кэпсиир Сардаана Михайловна, – Киинэбитин устууну ааспыт күһүн, 2019 сыл сэтинньи 1 күнүттэн саҕалаатыбыт. 2020 сыл ахсынньы 31 күнүгэр устан бүтэриэхтээхпит.
Ити курдук, айар бөлөх атырдьых ыйыгар Чурапчыга тиийэн, улуус дьаһалтатыгар көрсүһүүгэ сырытта, көһөрүллүү туһунан киинэ устуутугар грант ылбытын кэпсээтэ. Оттон ааспыт ыйга олунньуга киинэни устааччылар улуус аҕа баһылыга Андрей Ноговицынныын көрсөн кэпсэттилэр. Улуус маннык суолталаах киинэни устууну өйүүрүн биллэрдэ.
Алтынньы уонна тохсунньу ыйдарга Чурапчыга көһөрүллүү кыттыылаахтарын, 80-рыттан тахсыбыт, 90-чалаах ытык кырдьаҕастары, оччолорго хоту үлэлээбит-хамсаабыт, барытын үчүгэйдик өйдүүр дьону, уһуллулар. Манна “Көһөрүллүү” мусуойун төрүттээбит Дмитрий Павлович Чечебутов, көһөрүллүү кыттыылааҕа Екатерина Михайловна Ефремова, о.д.а. көмөлөрө-сүбэлэрэ үгүс буолла.
Олунньу 15 күнүгэр Суотту анараа өттүгэр өрүскэ бастакы уус-уран устуу ыытылынна. Онно Мындаҕаайытааҕы Норуодунай тыйаатыр артыыстара кэлэн, Эбэҕэ балыктааһын хартыынатыгар кытыннылар. Реквизиттэри Хатылы олохтооҕо Григорий Чичигинаров оҥорор.
Куонкурус биллэрилиннэ
Көһөрүллүү туһунан киинэни устар кэмҥэ оскуола үөрэнээччилэригэр, Аҕа дойдубут устуоруйатын быстыбат сорҕотун быһыытынан бэйэлэрин дьиэ кэргэттэрин устуоруйатын үөрэтиигэ, чинчийиигэ сыһыарар сыаллаах, Улуу Кыайыы 75 сылыгар аналлаах
“Чурапчы көһөрүллүүтэ – мин дьиэ кэргэним устуоруйатыгар” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи чинчийэр, кыраайы үөрэтэр куонкурус биллэриллибитэ. Тэрийээччилэр – СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ, “Оҕо хамсааһынын сайыннарар өрөспүүбүлүкэтээҕи киин”, Чурапчытааҕы А.А.Саввин аатынан Устуоруйа уонна этнография мусуойун филиала – Хатылытааҕы “Көһөрүллүү мусуойа”, Бэтэрээннэр сүбэлэрэ, о.д.а. Дьоҥҥо өйдөтүү, билиһиннэрии үлэни киэҥник ыытыы, чинчийэр үлэнэн эдэр ыччаты хабыы – бу көһөрүллүү туһунан киинэни устар айар бөлөх сүрүн соруктарыттан биирдэстэрэ буолар.
Киинэни биэс улууһунан усталлар – кыһын Чурапчыга, сайыҥҥы ыйдарга Кэбээйигэ, Эдьигээҥҥэ, Булуҥҥа Быков Мыска уонна күһүн балаҕан ыйыгар Мэҥэ Хаҥалас Аллараа Бэстээҕэр.
Партия обкомун сыыһа дьаһалынан ыытыллыбыт Чурапчы көһөрүллүүтэ – бу аҥаардас биир улуус – Чурапчы эрэ алдьархайа буолбатах. Манна араас омуктар — политсыылынайдар, литовецтар, финн омук бэрэстэбиитэллэрэ эмиэ сыһыаннаахтар. Көһөрүллүү — өрөспүүбүлүкэ, дойду бүттүүнүн алдьархайа. Маннык аны хаһан даҕаны хатыламматын!
Айар бөлөх киинэни устууга тиийбэт үбү эбии хомуйар баҕалаах, анал счет аста. Билиҥҥитэ Дьокуускай куораттааҕы “Чурапчы” биир дойдулаахтар түмсүүлэрэ 200 тыһыынча солкуобайы укта. Ким төһөнү кыайарынан көмөлөһүөн баҕалаах бу счекка ыытыҥ диэн киинэни устар бөлөх уонна кинилэри өйүүр бар дьон көрдөһөбүт. Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ!
Баан реквизиттэрэ
Банк получателя
Якутское отделение N8603
ПАО СБЕРБАНК
Кор/счет банка
30101810400000000609
БИК банка 049805609
Счет получателя
40817810076000866340
Ф.И.О. получателя
Захарова Евдокия Федоровна
Татьяна МАРКОВА.