СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтигэр 2019 сыллааҕы үлэ түмүгүн таһаардылар
СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ 2019 сыллааҕы үлэтин түмүгүн таһаарда. Тэрээһиҥҥэ министиэристибэ иһинэн үлэлиир тэрилтэлэр салайааччылара, кэлэктиип, уопсастыбаннас бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.
“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Миниистир Владимир Егоров ааһан эрэр сыл сүрүн түмүктэрин, ол иһигэр национальнай бырайыактар олоххо киириилэрин, СӨ Ил Дархана “СӨ үөрэҕи сайыннарыы стратегическай хайысхаларын туһунан” ыйааҕын, инфраструктура, үөрэх уонна наука сайдыытын бэлиэтээтэ. “Ааһан эрэр сыл биһиэхэ үгүс суолталаах буолла. Дойду, өрөспүүбүлүкэ, улуус таһымыгар сүҥкэн бииргэ үлэлэһии барда. Ол түмүгэр үөрэх уонна наука бары хайысхатыгар үтүө түмүктэр ситиһилиннилэр”, — диэн миниистир бэлиэтээтэ.
“Үөрэх” национальнай бырайыак иитинэн өрөспүүбүлүкэҕэ 54 “Точка роста” цифровой уонна гуманитарнай үөрэх киинэ тэрилиннэ. М.К. Аммосов аатынан ХИФУ-ка Н.Г. Соломонов Научнай коллаборацияҕа дьиэтэ аһылынна, тыа сирин 38 оскуолатыгар оҕо этин-сиинин эрчийэригэр, спордунан дьарыктанарыгар усулуобуйа олохтонно. 15 оскуолаҕа уонна 2 кэллиэскэ үөрэх цифровой эйгэтин моделын киллэриигэ материальнай-тиэхиньиичэскэй базалара саҥардылынна. Өрөспүүбүлүкэ 6 кэллиэһигэр аныгы материальнай-тиэхэньиичэскэй базалаах 10 мастарыскыай тэрилиннэ. Миниистир “Цифровой экэниэмикэ каадырдара” федеральнай бырайыак чэрчитинэн федеральнай бүддьүөттэн көрүллэр грант куонкурустарыгар кыттыыга үөрэх тэрилтэлэрин ситиһиилэрин бэлиэтээтэ. Быйыл РФ Үөрэҕириигэ министиэристибэтэ ыытар сүүмэрдиир куонкуруһугар Саха сириттэн 7 үөрэх тэрилтэтэ кыайыылааҕынан таҕыста, 3 орто анал үөрэх тэрилтэтэ граны сүүйдэ. П.И. Дудкин аатынан энергетикэ уонна сибээс Дьокуускайдааҕы кэллиэһэ, Покровскайдааҕы уонна Дьокуускайдааҕы индустриальнай-педагогическай кэллиэстэр федеральнай үптэрин, инники турар компетенцияларынан мастарыскыай тэрийиигэ туһаныахтара.
Хаҥалас улууһун холобуругар Арассыыйаҕа үөрэх хаачыстыбатын үрдэтиигэ социальнай суолталаах бастакы пилотнай бырайыак үлэтин саҕалаата. Ону тэҥэ, цифровой экэниэмикэҕэ ирдэнэр компетенцияларынан, үлэлиир нэһилиэнньэ ортотугар үөрэх цифровой сэртипикээтин олоххо киллэриигэ Саха сирэ Арассыыйа биэс эрэгийиэнин кэккэтигэр киирдэ. В.П. Ларионов аатынан уонна Дьокуускай куорат лиссиэйэ Арассыыйатааҕы Наукалар академияларын базовай оскуолаларынан буоллулар.
Владимир Егоров эдэр чинчийээччилэр Азия-Тиихэй акыйаан VIII кэмпириэнсийэлэрин, норуоттар икки ардыларынааҕы Саха сирин II куонкурус-кэмпириэнсийэни, уо.д.а. тэрээһиннэрии ыытыы иһин махталын биллэрдэ.
Орто анал үөрэх систиэмэтигэр хаачыстыбалаах өрө тахсыынан, миниистир, Саха сирэ Арассыыйа атын биэс эрэгийиэнин кэккэтигэр «Управление изменениями в системе профессиональной подготовки кадров для экономики регионов» РЕГИОН-ПРОФИ норуоттар икки ардыларынааҕы үөрэх бырагырааматыгар кыттыытын чорботто. Бырагырааманы СКОЛКОВО биисинэс-оскуола үлэлэрин үөрэххэ киинин бырайыактыыр хамаандата оҥорбута. Анал үөрэх тэрилтэлэрэ бырагыраамалары үлэ биэрээччи ирдэбилигэр туһаайар гына билиһиннэрдилэр. Ону тэҥэ, Саха сирэ үөрэх ситимин инфраструктуратын, Ворлдскиллс хамсааһынын сайыннарыыга биир бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьара ыйылынна.
“СӨ Ил Дархана Айсен Николаев стратегическай быһаарыылар – Арктиканы уонна “Север” Субарктиканы сайыннарыы научнай-үөрэтэр киинин тэрийии итиэннэ “Мы будущее России” бырайыак туһунан ыйаахтара тахсыбыта. “Земскэй учуутал”, “Арктика учуутала” бырагыраамалар үлэлээн эрэллэр. Саха сирин “Айдарыылаах оҕолор” бырайыага РФ Оҕо аймах уон сылын иитинэн ыытыллыбыт Стратегическай көҕүлээһин агентствотын куонкуруһугар, Арассыыйаҕа оскуола иннинээҕи бастыҥ быраактыкалааҕынан кыайыылаахтар ахсааннарыгар киирдэ. Ити курдук, киэн туттарбыт үгүс”, — диэн миниистир эттэ.
СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин пресс-сулууспата.