Сүрэҕи харыстыырга көмүс быраабылалар бааллар

06.03.2022
Бөлөххө киир:

Арассыыйа Доруобуйаҕа харыстабылыгар министиэристибэтин штаты таһынан кылаабынай кардиолог-исписэлииһэ Сергей Бойцов пандемия кэмигэр сүрэх ыарыыларыттан харыстанар сүбэлэри биэрэр.

— Пандемия кэмигэр 40-н үөһээ саастаах эр дьоҥҥо уонна 50-55 саастаах дьахталларга сүрэх-тымыр ыарыыларын хаамыыта биллэрдик уларыйбата. Ол гынан баран, эдэр дьон (ол иһигэр, оскуола оҕолоруттан саҕалаан) уойуута элбиирэ долгутар. Итинник түгэҥҥэ 35 саастаах эдэр киһиэхэ номнуо уойуу сибикитэ (метаболическай синдром) бэлиэтэнэр. Ол түмүгэр холестеринын, глюкозатын таһыма, хаанын баттааһына үрдүүр. Онон, эдэригэр атеросклероз сайдар куттала улаатар.

Бу хаамыыны бопсор сүрүн механизмынан чөл олоҕу олоххо көхтөөхтүк туһаныы уонна сүрүн сорук оҥостуу буолар.

Дьиҥэр, сүрэх үлэтин харыстыыр көмүс быраабылалар  бааллар.

Аһылыкка уонна арыгылаах утахтарга сөбүгэр соҕус сыһыаннаһыы, табахтан букатыннаахтык аккаастаныы уонна эти-сиини чэбдигирдии олус улахан суолталаахтар. Чэбдик туруктаах уһуннук олорорго актыыбынай хардыылары оҥоруохха наада. Биһиги организммыт сэниэни олус эспэккэ, илистибэккэ, эккэ-сииҥҥэ сөптөөх ноҕуруускалары ирдиир. Итинник ноҕуруускалар көмөлөрүнэн хаан баттааһына намтыыр, тоҕо диэтэххэ, былчыҥнар тымырдара арыллаллар, кинилэр эт-сиин ноҕуруускаланар кэмигэр элбэх хааны ирдииллэр. Ол түмүгэр организмҥа үчүгэй уларыйыылар тахсаллар: саахар, холестерин таһыма намтыыр, аһыыр баҕа санааҥ нуорматыгар түһэр.

Ону таһынан кэнники сылларга холобур, инфарктаабыт дьон, олохторун хаачыстыбата биллэ уларыйбытын бэлиэтиэххэ сөп. Киһи бэйэтин ыарыытын хонтуруолга ыларыгар кыахтар бааллар.

Эминэн хааччыллыыга Арассыыйа бырабыыталыстыбатын уонна РФ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин быһаарыылара олус улахан көмөлөөх буолла.

Билигин инсуллаабыт, инфарктаабыт, коронарнай шунтированиелаах, тирии нөҥүө коронарнай орооһуулаах, сүрэҕи фибрилляциялыырга эпэрээссийэлээх дьон ыалдьыбыттарын эбэтэр кардиохирургия орооһуутун кэнниттэн икки сыл иһигэр босхо эминэн хааччыллаллар.

Бэриниилээхтик уонна сөптөөхтүк эмтэнии тымыр иккистээн улаханнык кэбириир кутталын биллэрдик аччатар уонна олох уһунун, хаачыстыбатын тупсарар.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0